Олох үөһүттэн үүммүт талаан
Иван Иванович Попов – Уйбаан Бахсылыырап ыар ыарыы буулаан күн сириттэн күрэммэтэҕэ буоллар, бу күннэргэ 75 үбүлүөйдээх сааһын бар дьонун ортотугар үөрэ-астына бэлиэтиэ эбитэ буолуо. Буолуо эрэ диэн куруутун ахтабыт-суохтуубут биһиги, “Мүрү саһарҕата” хаһыат түбүктээх үлэтигэр Уйбааны кытта алтыһан, күүрээннээхтик үлэлээбит биир идэлээхтэрэ, саҥа көлүөнэ суруналыыстар.
Уйбаан идэтинэн киномеханик. Төрөөбүт-үөскээбит сирэ-дойдута – Чурапчы Бахсыта. Оттон Уус Алдаҥҥа күтүөт буолан олохсуйуоҕуттан, итиэннэ бэйэтэ иккис төрөөбүт дойду оҥостубут сирэ – Хомустаах. Олоҕор туох-туох үлэни ылсыбатаҕай? Дойдутугар суоппар уонна кыыл иитээччи куурустарыгар үөрэнэн эдэр эрдэҕиттэн тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын билбитэ-көрбүтэ, ис сүрэҕинэн ылыммыта. Уус Алдаҥҥа киномеханик идэтинэн өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, олохсуйбут Хомустааҕар биригэдьиирдээбитэ. Ити үлэлэр быыстарыгар үлэ дьонун олоҕун-дьаһаҕын, үөрүүтүн-кыһалҕатын, үлэҕэ ситиһиилэрин ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таһаарары тус иэһинэн ааҕан олохтоох хаһыакка сырдатар идэлэммитэ. Онтон сиэттэрэн, хаһыат литературнай балаһатыгар хоһооннорун бэчээттэтэр буолбута. Уйбаан хоһоонноро көннөрү тыл кэрэтин наардааһын эрэ буолбакка, санаа оонньуутун ааҕааччыны долгутар, ылыннарар гына сатаан этэр кыахтарынан уратылаахтара.
Уйбаан ити хаачыстыбатын таба көрөн, эрэдээктэрбит Аркадий Октябрьевич кини төһө да анал үөрэҕэ суоҕун үрдүнэн эрэдээксийэ тыа хаһаайыстыбатын отделыгар кэрэспэдьиэнинэн үлэҕэ ылбыта. Таарыйа аҕыннахха, Аркадий Октябрьевич каадыры сүүмэрдээһиҥҥэ “муннугар сыттаах” диэбит курдук туспа талааннаах эрэдээктэр этэ. Онон олох саамай уустук, ыарахан кэмнэрин биһиги айар-полиграфическай холбоһукпут ол долгуҥҥа оҕустарбакка, төннөр-кэхтэр оннугар Аркадий Октябрьевич курдук салайааччылаах буолан, сайдан, кыаҕыран өрөспүүбүлүкэҕэ суруналыыстары иитэр кыһаҕа тиийэ үүммүппүтүн аҥаардас Уйбаан Бахсылыырап холобуругар көстөр дии саныыбын.
Аркадий Октябрьевич сыыстарбатах этэ. Уйбаан тыа сирин олоҕун, дьонун-сэргэтин кытта алтыспыт үөрүйэҕэ, киэҥ билиитэ-көрүүтэ, дьон кыһалҕатын ис сүрэҕиттэн ыарыылаахтык ылынар дьоҕура, айаҥҥа-сырыыга сылбырҕата, иҥнигэһэ-толлугаһа суох судургу майгыта, кырдьыгы малтаччы этэртэн туттуммата – хаһыаччыт, суруналыыс быһыытынан үүнэн-сайдан тахсарыгар үктэл уонна олоҕун, үлэтин суолдьут сулуһа буолбута.
Уйбаан кэрэспэдьиэнинэн, отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит сылларыгар анал тиэмэ ылан айымньылаахтык үлэлээбитэ, онтон кини кэнники сылларга суруйталаабыт уонунан ааҕыллар киэҥ сэҥээриини ылбыт кинигэлэригэр тиһиллэн умнуллубат өйдөбүнньүк буолан, суруналыыс Уйбаан Бахсылыырап аатын үйэтитэ туруохтара.
Эбэн этэр буоллахха, Уйбаан ыалдьар буолбута биллибитин утаата, Бороҕоннооҕу кыбартыыратыгар эбиэккэ сылдьан кинигэлэрин туһунан кэпсэттибит быһыылааҕа. Онтон сиэттэрэн киниэхэ: «Уйбаан, суруналыыс быһыытынан ситтиҥ-хоттуҥ. Аны суруйааччылар ааннарын тоҥсуйуоххун хайдаҕый? Эн өйүҥ олоруута прозаҕа да чугас дии саныыбын», – диэтим. Уйбааным хайдах эрэ сэргээбит курдук өрө көрө түстэ. Онтон чочумча олоро түһэн баран: ”Ылдьыыс, хойутаабатаҕым буолуо дуо? Хойутаатым! Хойутаатым!”, – диэбитэ.
Оо, дьэ, дьылҕа хаан дьүүлэ ыарахан даҕаны! Ылсыбыта, онно көҕүлүүр эйгэ баара буоллар, баҕар суруналыыс Уйбаан Бахсылыырабы сэргэ, саха тыллаах киэҥ ааҕааччы Уйбаан Бахсылыырап диэн прозаик олох үөһүттэн сиэллэнэн-кутуруктанан өйү-сүрэҕи өрүкүтэр саҥаттан саҥа кинигэлэринэн бибилэтиэкэлэрин хаҥатыахтара эбитэ буолуо. Ол суох! Ити биһиги Уйбаанныын айар үлэ туһунан бүтэһик кэпсэтиибит этэ.
Иннокентий СЫРОВАТСКАЙ – Дүөндүн, бэйиэт, суруналыыс.
Идэтигэр бэриниилээх атаспыт
Уйбаанныын Бороҕоҥҥо үлэлии кэлиэҕиттэн, 90-с сыллартан билсэн, алтыһан кини суруналыыс, хоһоонньут быһыытынан үлэтин билэбин. Сүрдээх элбэх дьону, сэрии кыттыылаахтарын, сэрии сылын оҕолорун эрэ буолбакка, Уус Алдан чулуу үлэһит дьонун үлэлэрин, олохторун сырдатан үйэлэргэ өйдөбүнньүк хаалларда.
Ыкса билсиибит диэн Уйбаан Уйбаанабыс 50 сааһын туолар сылыгар этэ. Саас, кулун тутар ыйга төрөөбүт дойдутугар Чурапчыга Арыылааҕынан, Чыаппаранан гастроллаабыппыт. Бөлөххө Уйбааны сэргэ биир дойдулааҕа Ульяна Бурнашева – Уйана, биллиилээх мелодист Уйбаан Аргунов уонна мин сылдьан үбүлүөйдээх көрсүһүүлэргэ ыллаан-туойан кэлбиппит. Миигин кэллиэксийэҕин илдьэ бараар, дьон интэриэһиргиэ диэннэр авиация тиэмэтигэр муспут значоктары, мэтээллэри, кинигэлэри илдьэ бараммын кулуупка туруорбутум. Онно Арыылаах олохтооҕо Анна Барашкова “Сөхтүбүт” диэн хоһоон суруйан соһуппута. Ити хоһооҥҥо кэлин Ким Колодезников ырыа суруйан дьикти түгэн буолбута.
Өссө биир түгэн. Борис Неустроев – Мандар Уус сүдү талааныгар сүгүрүйэн куруук ыйыталаһара. Баайаҕаҕа бардаххына барсыам этэ диэн баҕа санаатын эппитэ. Онон 2005 сыллаахха Баайаҕабыт оскуолатын 135 сылын туолар үбүлүөйүгэр барса сылдьан “Баайаҕа – үтүө дьон биһигэ” диэн анабыл хоһоон айбыта. Мин ол хоһооҥҥо мелодия суруйан дойдубар ыыппыппын иилэ хабан ыланнар, “Сандал” ансаамбыл оҕолоро ыллаан-туойан аан дойдутааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи араас ырыа куонкурустарыгар Гран-при, лауреат үрдүк аатын ыллылар диэн учууталлара Марита Потапова махтанар. Ырыаны 20-чэ сыл устата араас састаабынан ыллаан кэллилэр. Маны тэҥэ нэһилиэк официальнай тэрээһиннэригэр, бэстибээллэргэ ылланар ырыа буолбут.
Кыайыы 70 сылыгар анаан тахсыбыт өйдөбүнньүк кинигэ “Сэрии ыар сыллара – хаһыҥ хаарыйбыт дьонноро” диэн иккис туомугар биһиги дьоммутун, сэрии сылын оҕолорун Анна Иннокентьевна Соловьева, Николай Егорович Румянцев уонна бырааттыы Румянцевтар туһунан ахтыылары киллэрбитигэр махтанабыт.”Сэттэ кут туруйа” диэн ырыа тылын суруйбут Андрей Степанов туһунан суруйбута үйэлэргэ хаалар.
Станислав ЛУКОВЦЕВ, СӨ култууратын туйгуна.
Кинилиин алтыспыт бастакы түгэним
Суруйар идэлээх киһини ааҕааччылар сэҥээрэр буоллахтарына, сирэй көрөн билбэккэ да сылдьан сэҥээрэр үгэстээхтэр. Уйбаан Бахсылыырабы мин бастаан эмиэ оннук биллэҕим, хаһыакка суруйууларынан. Баҕар, ханна эмит түбэһэн көрбүтүм буолуо эрээри, бу сылдьар диэн билбэтэҕим чахчы.
Ол да буоллар, дьылҕам кинилиин көрүһүннэрбитэ, бииргэ үлэлиир кэмнэри тосхойбута. Икки үйэ алтыһар кэмнэрэ чугаһаан турдаҕына, 1999 сыл сэтинньитигэр соһуччу улууһум хаһыатын үлэһитэ буолан хаалбытым. Оччолорго кыралаан да буоллар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан хаһыакка суруйар этим. Ону сэҥээрэннэр ыҥырдахтара уонна күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сырыттаҕым.
Үлэлии кэлбит бастакы күммэр аан таһынааҕы хоско олохтообуттара. Ол күн Уйбаан суоҕа, командировкаҕа барбыт этэ. Кэрэспэдьиэн Эмма Павлова баара. Онон хоспутугар үһүө буолан олорор эбиппит. Оччолорго кинини, Уйбаан Бахсылыырабы суруналыыс быһыытынан эрдэ ахтан аһарбытым курдук билэр этим. Ол иһин, бастакы күммүн үлэлиирим быыһыгар кинини кэтэһэринэн түмүктээтим. Сарсыарда үлэбэр тиийбиппэр, Эмма эрэ баар. Күө-дьаа кэпсэтэ олордохпутуна, хос аана аһыллан торуоска тирэхтэнэн биир киһи киирэн кэллэ. Омос көрдөххө, бэрт дьиппиэн киһи илиитин уунан дорооболосто. “Хайа, быраат, ханнык нэһилиэккиний?”, – диэн ыйытта. Мин Курбуһахтан кэлбиппин эттим. Онуоха киһим:” Ээ, таайдарым Бэстирикиэптэр дойдулара эбит уонна үйэлээх сааспытыгар ыаллыы нэһилиэк буоллахпыт”, – диэн сэҥээрэ иһиттэ. Ол күнтэн ыла Уйбаанныын ыкса билсэн, кини такайыытыгар киирдим диэххэ сөп.
Уйбаан Уйбаанабыс сүрүн суруйар тиэмэлэрэ – тыа хаһаайыстыбата, социальнай көмүскэл, сэрии, тыыл бэтэрээннэрин сырдатыы этэ. “Дьэ, быраат, мин үлэлээн бүттэхпинэ бу тиэмэлэри эн тутан хаалыаҥ, онон сыыйа ылсыаҥ этэ”, – диэн тустаах тэрилтэлэргэ батыһыннара сылдьан билиһиннэрэр буолан барбыта. Онон кини үлэтиттэн тохтууругар суруйар тиэмэлэрин тутан хааларга бэлэм курдук этим. Тэрилтэлэргэ тиийдэхпинэ атыҥырыы көрбөккө, тута ылынан барбыттара.
Уйбаан хаһыат үлэтиттэн уурайан баран, айар үлэнэн күүскэ дьарыктаммыта. Дьиэтигэр сырыттахха, мэлдьи суруксуттуу олорор буолааччы. Ол үлэлэрэ 30-ча кинигэ буолан, киэҥ ааҕааччыларын буллахтара. Аны ырыа буолбут хоһооно эмиэ элбэх. Саҥа тахсыбыт кинигэлэриттэн бука барытыттан кэриэтэ бэлэх туппутум. Онно барытыгар алгыс тыллаах.
Уйбаан Уйбаанабыстыын алтыспыт түгэним элбэх буоллаҕа. Ол хаһыат сирэйигэр хайдах да баппат. Олортон биир түгэни аҕыннахха итинник.
Афанасий СЕКТЯЕВ.