Суоттуга Суоппар күнүгэр улуустааҕы күрэхтэһии буолла

Суоттуга Үлэ сылын чэрчитинэн Суоппар күнүгэр сыһыаран 11-с төгүлүн ыытыллар ыарахан уйуктаах массыынаҕа үлэлиир урбаанньыт суоппардарга аналлаах улуустааҕы тэрээһин буолан ааста.

Сарсыарда эрдэттэн тэринэн, былаахтарынан киэргэтиллибит массыыналар бары биир кэккэнэн парадка туруннулар. Нэһилиэкпит кэрэ миэстэлэринэн айаннаан ньиргитэн тэрээһин үөрүүлээх чааһа Кыһыл Кырдал ытык сиригэр Уус Алданнааҕы техникум автодромугар ыытылынна. Күрэхтэһии бары кыттыылаахтарыгар эҕэрдэлэрин, алгыс тылларын улуус баһылыга Василий Аммосов уонна нэһилиэк баһылыга Василий Иванов анаатылар.

Быйылгы күрэхтэһиигэ улуус киинин хамаандата (сал. Тимофей Гоголев), Мындааба хамаандата (сал. Иннокентий Бочкарев), Тиит Арыыттан хамаанда (сал. Ньургун Тарабукин), ыаллыы сытар Тумултан хамаанда (сал. Уус Алдан улууһун суоппардарын түмсүүтүн салайааччыта Гаврил Алексеев), Суотту нэһилиэгиттэн икки хамаанда (сал. Семен Аммосов, Егор Габышев) кыттыыны ыллылар.

Балаһыанньа быһыытынан хамаандаҕа 8-тыы киһи киирэн аҕыс көрүҥҥэ күөн көрүстүлэр. Ол курдук автодром былаһааккатыгар суол быраабылаларыгар тургутууга, ыарахан уйуктаах массыынанан уустук маневрдары оҥорууга, көлүөһэни быраҕыыга күрэхтэстилэр. Бу көрүҥнэргэ кылаабынай судьуйанан Уус Алданнааҕы техникумҥа суоппардар бөлөхтөрүн маастара Николай Ордахов үлэлээтэ. Салгыы А.Н. Константинов аатынан «Эрэл» успуорт саалатыгар сыал ытыыта, дуобат, бильярд, дартс, канат тардыһыыта уонна эстафета ыытылыннылар. Итини таһынан баҕалаахтар “воздушканан” ытыыга күрэхтэстилэр. Бу көрүҥҥэ кыттааччы элбэх буолан биэрдэ, 20 киһи араа-бараа кииристилэр, бастыҥ ытааччынан Семен Аммосов ааттанна.

Оттон уопсай түмүккэ кыайыылааҕынан Семен Аммосов салайааччылаах Суотту нэһилиэгин хамаандата таҕыста, биир очкуонан хотторон 2-с бириистээх миэстэни Егор Габышев салайааччылаах Суотту 2-с хамаандата буолла, 3-с бочуоттаах миэстэни Ньургун Тарабукин салайааччылаах  Тиит Арыы хамаандата ылла.

Бу күрэххэ Гаврил Алексеев төрөппүт уола уонна сиэн уол Ньургун Алексеев кыттыыыны ылбыттара бар дьону үөртэ. Сааһынан саамай кыра кыттааччыга Ньургуҥҥа анал бэлэх туттарылынна.

Кыттаачыылар даҕаны, көрөөччүлэр даҕаны бу күрэхтэһии өссө да сайдарыгар баҕа санааларын эттилэр.

Тэрээһин наҕараадалыыр чааһа “Мичээр” сынньалаҥ киинигэр буолла. Күрэхтэһиигэ нэһилиэкпитигэр өр сылларга суоппарынан үлэлээбит үтүө дьоммут: Е.Д. Бочкарев, В.П. Бубякин, И.И. Никитин, Н.С. Прядезников, И.Васильев, М.С. Васильев, И.И.Гоголев, И.И.Гоголев – Бааньыска, П.И. Портнягин, Д.Н.Прудецкай сырдык ааттарын үйэтитэн кинилэр дьиэ кэргэттэрэ анал бириистэри туруордулар. Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Аммосов  суоппардарга истиҥ эҕэрдэтин тиэрдэн туран, бэтэрээн суоппардарга суол-иис тыраанспарын бочуоттаах үлэһитин туоһулуур анал бэлиэлэри, Ил Түмэн махтал суруктарын, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Ону таһынан «Суотту нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» ааты бэтэрээн үлэһит Михаил Охлопковка дохсун ытыс тыаһын ортотугар нэһилиэк баһылыга Василий Иванов анаата.

Валентина Бубякина, «Түһүлгэ» СК уус-уран салайааччыта

Читайте дальше