Суоттуга былыргы көмүүлэри көрдүлэр

Суоттуга халаан уутун балаһыанньатын, бэлэмнэнии үлэлэрин хаамыытын билсэ сылдьан, Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Аммосов таарыйа Сэһэн Ардьакыап аатынан Уус Алданнааҕы түмэл көҕүлээһининэн ыытыллар тэрээһин чэрчитинэн Ленскэй остуруок кылабыыһата буолуон сөптөөх былыргы көмүүлэр сирдэригэр сырытта.

Түмэл дириэктэрэ Павел Пермяков – Тэлэкэ: «Улууспут кыраайы үөрэтээччилэрэ уонна улуустааҕы түмэл үлэһиттэрэ остуруок тура сылдьыбыт сирэ-уота Саха сирэ Россияҕа холбоммута 400 сылын көрсө чуолкайданарын туруорсабыт», – диэн эттэ.

Манна сыһыаран кэпсээтэххэ, ыам ыйын 25-26 күннэригэр Уус Алдан улууһун дьаһалтата уонна РНА Сибиирдээҕи салаатын Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларын уонна кыһалҕаларын чинчийэр институтун үлэһиттэрин икки ардыларыгар улуус сирин-уотун, топонимикатын, былыргы историятын үөрэтиигэ, чинчийиигэ бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр илии баттанара былааннанар. Онон улууспут түҥ былыргы историятын сэгэтии саҥа кэрдиискэ тахсыан сөп.

Мария Аргунова