Өрөспүүбүлүкэ күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Суотту нэһилиэгэ Өрөгөй ырыатын сүрэхтээтэ. Бу күн «Мичээр» сынньалаҥ киинигэр нэһилиэнньэ бары араҥата кыттыылаах улахан култуурунай бырагыраамаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Суоттубутун хоһуйар ырыалар ылланнылар, хоһооннор ааҕылыннылар, үҥкүүлэр туруорулуннулар.

Улахан хор толоруутугар олохтоох автор, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Иннокентий Попов – Оҕуруоттаах хоһоонугар, олохтоох автор, мелодист Анастасия Степанова музыкатыгар суруллубут Суотту Өрөгөйүн ырыатын аан бастаан иһиттибит, биһирээтибит. Ырыа ис хоһооно дойдубут киэҥ нэлэмэн айылҕатын, Өлүөнэ эбэбитин, уйгу-быйаҥ сыһыыбытын, үлэһит үтүөтэ дьоммутун, кэскиллээх кэнчээри ыччаппытын уустаан-ураннаан олус табатык хоһуйар. Матыыба хоһоон тылын суолтатын өссө дириҥэтэн, истибит, ыллаабыт эрэ киһи дойдутугар таптала күүһүрэр гына айыллыбыт.

 

Өрөгөй ырыата бар дьон биһирэбилин ылбыта музыка оҥорооччуттан уонна хору бэлэмнээбит исписэлиистэн тутулуктаах. Нэһилиэкпитигэр ырыа эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлиир талааннаах дьонноохпут. Ол курдук музыка оҥорооччу Филипп Габышев уонна хору салайар идэлээх Елизавета Портнягина айымньылаах үлэлэрэ улахан оруоллааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох. Өрөгөй ырыата сурулларыгар этии киллэрбит киһинэн педагогическай үлэ ветерана, нэһилиэкпит ветераннарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Екатерина Свинобоева буолар.

Депутаттар сэбиэттэрин сессиятыгар бигэргэнэн, олохтоох дьаһалта биһирэбилинэн ылламмыт Өрөгөй ырыата Суотту дьонун, кэнчээри ыччатын үтүөҕэ-кэрэҕэ, кэскиллээх олоххо ыҥыра туруо диэн эрэнэбит. Нэһилиэкпит сүрүн суолталаах айымньыта суруллан, ситэн-хотон, бар дьон болҕомтотугар тахсарыгар үлэлэспит дьоммутугар, хору толорбут ырыаһыттарбытыгар махталбытын этэбит.

Раиса Черкашина, бибилэтиэкэр

Читайте дальше