Степан Литвинцев: Уус Алдаҥҥа үөрэх тэрилтэлэригэр Үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии сыла биллэрилиннэ

Быйыл улуус үөрэҕин тэрилтэлэригэр Үөрэх хаачыс­тыбатын үрдэтии сыла биллэрилиннэ. Улуус­тааҕы үөрэх управлениета, сала­йааччы Степан Литвинцев улуус дьаһалтатын кытары биир сүбэнэн анал граннары олохтоо­тулар. Онон быйыл сонун хамсаа­һыннар киирэн, үөрэх ситимигэр саҥа ситиһии­лэр кэлэллэрэ, үлэ хайысхата кэҥиирэ күүтүллэр. Манан сибээстээн, бы­йылгы үөрэх ситимигэр туох-ханнык былааннар, улары­йыылар киирэллэрин туһунан улуус­тааҕы үөрэх управление­тын салайаач­чыта Степан Литвинцев билиһиннэрдэ:

– Үөрэх хаачыстыбатын үр­дэтии сылыгар оскуолалар икки ардыгар үлэ хаачыс­тыбата өссө саҥа таһымҥа тахсан, тэтимнээхтик барарыгар улуус дьаһалтатын кытары анал граннары олохтоотубут. Үөрэх дьылын бүтэһигэр улуус оскуолаларыгар олимпиадаларга кыттыы, ОГЭ, БКЭ, ВПР туттарыыларын түмүктэринэн, оҕолор ситиһии­лэринэн көрөн үс бастакы миэс­тэҕэ харчынан бириэмийэлэр туттарыллыахтара. Оҕо саадтарыгар эмиэ үлэ­лэрин түмүгүнэн үс миэстэҕэ харчынан наҕараада олохтонуоҕа. Маны тэҥэ БКЭ-тин 90 баалтан үрдүккэ туттарбыт оҕоҕо, учууталыгар, ону кытары 100 балга туттарбыт оҕоҕо уонна учууталыгар өрөспүүбүлүкэни таһынан улуус­тан эмиэ бириэмийэ туттарыллыаҕа.

Оҕо сайыҥҥы сынньала­ҥар хонуктаах лааҕырдар үлэ­лэрин сөргүтүөхпүт. Суотту, II Лөгөй Хаптаҥа са­йылыгын, Дүпсүҥҥэ “Дабаа­дыма”, Өнөр “Чубучааны” лааҕырдара үлэнэн иитэр ха­йысхалаах эксперимент быһыытынан үлэлиэхтэрэ. Улуус үрдүнэн барыта 6 агрооскуола баар, кинилэри сүрүннүүр тэрилтэнэн Мүрүтээҕи юннаттар станциялара буолар. Быйыл олунньу бүтүүтэ сүбэ мунньах ыытыллан, салгыы оскуо­лалар хайдах торумнаах үлэ­лииллэрэ быһаарыллыаҕа. Маны сэргэ учууталлар идэ­лэрин үрдэтэр куурустарга өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, тас эрэги­йиэннэргэ барыыларыгар болҕомто күүскэ ууруллар. Ол курдук, үөрэх управлениетын 6 үлэһитэ уонна 10 оскуола завуһа Санкт-Петербург куо­ракка үөрэнэ барыахтара, оттон предметнэй учууталлар өссө ааспыт сылга араас үөрэхтээһиҥҥэ сырыттылар. Аны быйыл оскуола дириэктэрдэрэ, сорох предмет учууталлара, ол иһигэр информатика, биология учууталлара үөрэхтээһини ааһыахтара. Итиэннэ атын улуустар си­ти­һиилээх оскуолаларын кытары уопут атастаһыытын киллэ­риэхпит. Маннык үлэ хайысхата эбии үөрэхтээһин кииннэригэр эмиэ барыаҕа.

Улуус оскуолаларыттан Лөгөй орто оскуолата өрөспүүбүлүкэ 600 оскуолатыттан 24-с миэс­тэҕэ тахсан, бары өттүнэн биир ситиһии­лээхтик, таһаарыылаахтык үлэлии олорор үөрэх тэрилтэтэ буолар. Манна билигин 200-тэн тахса оҕо баар, ол иһигэр 75 оҕо тастан кэлэн үөрэнэр. Оскуола уопсай көр­дөрүүтэ үрдүгүнэн, быйыл лицей-интернат статуһун ыларыгар үлэ бара турар. Маннык ситиһиилээх үлэлээх оскуолаларбытын, учууталлары өйүүргэ үлэлэһэбит.

Өссө биир сүрүн боппуруос­ка – эдэр испи­сэлиистэр кэлиилэригэр сүрүн болҕомто бу сылларга уурул­луоҕа. Ол курдук, физика, нуучча тыла, геог­­рафия, омук тыла, математика предметтэригэр учууталлар тиийбэттэр, бу боппуруос хонтуруолга ылылынна, үлэ барыаҕа.

Екатерина Захарова

Читайте дальше