Бэс ыйа Саха сиригэр ыһыахтар ыйдарынан биллэр. Ол былыргыттан билиҥҥээҥҥэ диэри тиийэн кэлбит биир үтүө үгэспит буоллаҕа. Онно суон сурахтаах улахан ыһыахтар ханна буолаллара эрдэттэн кэпсэл буолан, алаас алаас аайы тарҕанара. Уус Алдан улууһугар Николай Тарскай аатыгар ыһыах ыһыллар үһү диэн сурах кыһыҥҥыттан иһиллибитэ. Онон бүгүн кини төрөөбүт дойдутугар Баатаҕай нэһилиэгэр спорт ыһыаҕа ыһылынна. Спорт диэн өрүү инникигэ талаһыы буоларынан, бу ыһыах арааһа өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны бастакынан уйгулаах кэми саҕалаатаҕа буолуо.

Үтүө аатыгар сүгүрүйүү

Ыһыах үөрүүтэ-көтүүтэ Николай Тарскай аатын сүгэр Баа­­таҕай орто оскуолатын тиэр­гэнигэр чулуу киһи бюһун ары­­йыыттан саҕаланна. Бюһу улууспутугар скульптор быһыытынан биллэн эрэр Геннадий Оллонов оҥорбут.
Тэрээһини оскуола уолаттарын “Уолан” бөлөҕө Николай Тарскай олоҕун, үлэтин туһунан монтаж ааҕыытынан саҕалаатылар. Салгыы бюст бүрүөһүн таҥаһа арыллан, Николай Тарскай мөссүөнэ көһүннэ.

Ону олохтоохтор даҕаны, ыалдьыттар даҕаны олус биһирии, асты­на көрдүлэр. Чулуу киһиэхэ анам­мыт үбүлүөйдээх тэрээһининэн бэйэлэрин эҕэрдэлэрин СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Аммосов, Ил Түмэн дьокутаата Геннадий Васильев, о.д.а. тиэртилэр.

Нэһилиэги дьоно-сэргэтэ сураҕырдаллар

Ыһыах спортка анаммытын быһыытынан, үөрүүлээх аһыллыыта улуус нэһилиэктэрин бастыҥ спортсменнара кыттыылаах параадынан саҕаланна. Билигин улахан спортан тэйдэллэр даҕаны, бэйэлэрин кэмнэригэр нэһилиэктэрин араас күрэхтэһиилэргэ ааттаппыт чулуу спортсменнар кэккэлээн киирбиттэрэ сонун соҕустук көһүннэ. Бэҕэһээҥҥитэ суох бүгүҥҥү суох буоллаҕа. Кинилэр кэннилэриттэн аны спортивнай дьиэ кэргэттэр хаамсан киирбиттэрэ эмиэ дьону-сэргэни сэргэҕэлэттэ.

Нэһилиэктэрин аар-саарга аатыр­дар дьиэ кэргэттэр элбэхтэр буоллаҕа. Баатаҕай нэһилиэгин Белолюбскайдар, Бэрт Ууһун Черкашиннар, Мүрүнү Федоров­тар, Курбуһаҕы Пестряковтар, Окоемовтар аан дойдуга тиийэ араас таһымнаах күрэхтэһиилэригэр ааттатан кэллэхтэрэ.
Онон маннык парад спортивнай дьиэ кэргэттэри ойуччу тутан чиэс­тээһиҥҥэ ситими олох­туон сөп эбит.

Үтүө сонуннар, үрдүк наҕараадалар

Ыһыахха бас­тыҥ­­нар чиэстэ­нэл­лэрэ, үтүө сонуннар этиллэллэрэ үөрүүнү үр­­дэтэр. Бырабыы­талыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников эҕэрдэ тылын этэригэр бу үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ ананар бэртээхэй со­нуну иһитиннэрдэ. Ол курдук, “АЛРОСА” хампаанньа Сэбиэтин быһаарыытынан Николай Тарскай аата 66,62 караттаах ал­мааска иҥэриллибит. Ону бигэргэтэн, хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев дьаһалга илии баттаабыт. Бу иннинэ уус алданнар дьо­руойдарбыт ааттара алмааска иҥэриллэн тураллар.
Иккис үтүө сонунунан бил­лиилээх суруналыыс, суру­йаач­чы, В.В. Никифоров – Күлүмнүүр ааты­нан суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ бастакы лауреата Иннокентий Сыроватскай “Төлкөлөөх түөрэх” диэн Николай Тарскай олоҕун, үлэтин туһунан кэпсиир пьесатын Саха академическай ты­йаатыра аны күһүн саҥа сезона аһыллыытыгар көрдөрөргө бы­лааннаммыта буолар. Ити үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр тэ­рээһиҥҥэ көрдөрүөхтэрэ диэн Сергей Васильевич бэлиэтээн эттэ. Онон бу ыһыахха пьеса инсценировка быһыытынан кылгастык көрдөрүлүннэ.

Ханнык баҕарар бэлиэ түгэҥ­ҥэ үрдүк наҕараада туттарыллыыта үтүө үгэс. Бу күн баатаҕайдар бырабыыталыстыба үрдүк наҕараадатын тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ. Ол курдук, “Гражданскай килбиэн” ураты бэлиэнэн саха төрүт спортивнай көрүҥнэрин тарҕатыыга элбэх сыратын биэрбит учуутал Николай Адамович Николаев наҕараадаланна. СӨ Бырабыыталыстыбатын бочуотунай грамотатынан Николай Тарскай аатынан спортивнай албан аат түмэлин тэри­йээччи Ксения Иннокентьевна Румянцева, оскуола дириэктэрэ Алеанна Бурнашева наҕараадаланнылар. “СӨ үөрэхтээһинин бочуоттаах бэтэрээнэ” ааты алын сүһүөх кылаас учуутала Вера Степанова ылла. Оттон оскуола физикаҕа уонна информатикаҕа учуутала Егор Захаров “СӨ учууталлар Учууталлара” үрдүк ааты ылар чиэстэннэ.

“СӨ оскуола иннинээҕи үөрэхтээһинигэр киллэрбит кылаа­тын иһин” бэлиэнэн уһуйаан иитээччилэрэ Тамара Босикова, Мария Горохова наҕараадаланнылар. “Уус Алдан улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни ДьУоКХ Баатаҕайдааҕы учаастагын салайааччы Архип Гоголев тутта. Улуус баһылыгын бочуотунай грамотатынан ДьУоКХ Баатаҕайдааҕы учаастагын оператора Игорь Гоголев уонна учуутал Егор Захаров наҕараадаланнылар.

Наҕараадалар манан эрэ бүппэтилэр. Онон Баа­таҕай бас­тыҥнара чахчы уруйданар күннэрэ буолла.

Ыһыах оонньуулара

Ыһыах былыр-былыргыттан кус быһыйдар, ат бөҕөлөр күрэс­тэһиилэринэн киэркэйэр. Онно кыайбыттар ааттара сураҕырар. Баатаҕай ыһыаҕар күөн-кү­рэс араас көрүҥэ элбэх буолан биэрдэ. Онон саамай сүрүннэрин эрэ суруйарга тиийиллэр. Хапсаҕайга муҥутуур кыайыылаахха Николай Тарскай аймах­тара 100 тыһ. солк. туруораннар, онно сананааччы элбэх буолан биэрдэ. Улахан спортан тохтоон, билигин улуус спордун отделын салайаааччынан үлэлии сылдьар Евгений Алексеев хапсыһар буолбута улахан сэҥээриини тарта. Төһө да ыара­хан буоллар, элбэх күрэхтэһии­гэ кыайбыт баай уопута таа­йан, бу да сырыыга кыайыыны мүччү туппата.

Оттон Петр Лугинов – Ууһут Бүөтүккэ бирииһигэр өбүгэ оонньууларыгар аҕыс эр бэрдэ кыттыбытыттан үһэ быйылгы “Дыгын оонньуутугар” кыттыахтаах бөҕөстөр буолаллара күөн күрэһи сытыырхатта. Биэс көрүҥнээх оонньуу түмүгүнэн кыайыыны Ньурба ньургуна Николай Обоев ылла. Иккис Орто Халыматтан – Алексей Сазонов, үһүс Өлүөхүмэттэн – Александр Пшенников буоллулар. Онон уолат­тар “Дыгын оонньууларыгар” бэртээхэй бэлэми аастылар. Онно хайалара эмит миэс­тэлэстэҕинэ, Баатаҕай соргулаах түһүлгэтин дьолуота диэхпит.

Саха сирин спордун аҕатынан билиниллибит сүдү биир дойдулаах­пыт, бөдөҥ уопсастыбаннай диэйэтэл Николай Тарскай төрөөбүтэ 100 сы­лы­гар аналлаах ыһыах өр­гө диэри ахтыллардыы астык­тык тэриллэн ыыты­лынна.

Афанасий Сектяев

 

Читайте дальше