Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, чулуу салайааччы, спорду көҕүлээччи Николай Тарскай төрөөбүт күнэ, төрөөбүтэ 100 сыла. Бу бэлиэ күҥҥэ анаан Бороҕоҥҥо спорт комплексын иннигэр өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан киниэхэ аналлаах пааматынньыгы туруоруу үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна. Онон чахчы ураты, бэлиэ түгэн буолла.
Николай Тарскай аатыгар, кини үлэтигэр, саха спордун үрдүккэ дабаппыт үтүөтүгэр сүгүрүйэ спорт уораҕайын тэлгэһэтигэр толору дьон муһунна. Өрөгөйдөөх тэрээһин саҕаламмытынан биллэриллээтин кытары Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын уолаттара Тарскай олоҕун, үлэтин туһунан бэртээхэй монтаж аахтылар.
Салгыы кэлбит ыалдьыттар эҕэрдэ тылы эттилэр. Бастакынан тыл СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местниковка бэрилиннэ. Кини Николай Тарскай 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри ыытар туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕа тахсан, ол сүнньүнэн былаан ылыллан үлэ барар турарын эттэ. «Онно сүрүн-сыал сорук Тарскай туһунан өйдөбүлү оҕолорго, ыччакка иҥэрэр үлэ барыахтаах. Сүрүн тэрээһиннэр, биллэн турар, Дьокуускай куоракка ыытыллаллар», – диэтэ. Ону сэргэ бүгүн Тарскай туһунан саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылларын кэпсээтэ. Быйыл “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар ыытыллалларынан Николай Тарскай аатын сүгэр “Туймаада” стадион олоччу саҥардылларыгар 280 мөл. солк. көрүллэн үлэ баран эрэрин дьон-сэргэ ытыс тыаһынан айхаллаата.
Салгыы улуус баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Троев, Ил Түмэн дьокутаата Геннадий Васильев, Баатаҕай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Александра Петрова, спорт бэтэрээнэ Прокопий Харитонов бэйэлэрин эҕэрдэлэрин эттилэр. Кинилэр бары Николай Тарскай саха спорда сайдыытыгар тугунан да кэмнэммэт үтүөлээҕин, ону кэнчээри ыччакка кэрэ кэпсээн оҥосторго баҕа санааларын тиэртилэр.
Николай Тарскай 1956 сыллаахха: «Бэрт сотору кэминэн саха спортсменнара аан дойду, Олимп чыпчаалларын дабайыахтара”, – диэбитэ. Ол, кырдьык да, өр күүттэрбэтэҕэ, тустуук Роман Дмитриев 1972 сыллааҕы Мюнхеннааҕы олимпиада чөмпүйүөнүнэн буолбута. Саха спордун ол чыпчаалын өтө көрбүт өрөгөйүн кэрэһэлээн тэрээһин “Дуолан” эр дьон ансаамбыла Иннокентий Сыроватскай тылларыгар, Станислав Луковцев мелодиятыгар “Саха тустуута” диэн өрө күүрүүлээх ырыанан түмүктэннэ. Онон Николай Тарскай аата өрүү өрөгөй буола сылдьарыгар бигэ бэлиэ уурулунна.
Афанасий Сектяев
Мария Аргунова, Ольга Шепелева хаартыскаҕа түһэриилэрэ