Дойдубутугар Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууспутугар Аҕа сылыгар ананан тэриллибит «Кэскил түһүлгэтэ» форум үөрүүлээх чааһыгар улуус култууратын салалтатын начаалынньыга Сергей Нафанаилов форум түмүгүнэн ылыллыбыт резолюцияны иһитиннэрдэ.
Онно нэһилиэк аайы эр дьон түмсүүтүн тэрийэргэ, улууспутугар эр дьон актыыбын талан үлэлэтэргэ, түмсүү салайааччытынан Василий Аммосовы бигэргэтэри, төрөөбүт дойдубутун ытыктыыр, көмүскүүр ытык иэспит буоларын уол оҕоҕо өйдөтөр сыаллаах бэйэ холобурун көрдөрөн, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ былааннаах үлэни ыытыы, эр дьон доруобуйатыгар болҕомто уурарын туһугар, доруобуйа харыстабылын кытта бииргэ үлэлэһэн, улууска «аһаҕас аан» күнүн биллэрэргэ, уол оҕону тыа сирин төрүт дьарыгар сыһыарар сыалтан, араас хайысхалаах тэрээһиннэри тэрийии (куйуурдааһын, сылгыһыт күнүн ылыы, күһүҥҥү муҥха, муус ылыыта уо.д.а), чөл олоҕу тутуһуу, тарҕатыы, арыгы атыытын аччатыы, улууска сахалыы сиэри-туому тэнитиигэ, төрөөбүт тыл сайдарыгар былааннаах үлэни ыытыы уо.д.а. ыллыктаах санаалар ылыллыбыттара биһирэннэ.
Эҕэрдэ тылы улуус дьаһалтатын баһылыга Василий Аммосов эттэ. Кини аҥардас эр дьон түмсүүтүгэр 400-тэн тахса киһи кэлэн кыттыбыта, аҕа түмсүүтэ тэриллибитэ – бу сомоҕолоһуу тыына үөскээбитин киэн тутта бэлиэтээтэ. Итиэннэ, дьиэ кэргэн бөҕө тирэхтээх буолуутугар холобур көрдөрөр, үлэлэһэр дьону наҕараадалаата. Ону кытта улууска Аҕа сылын анал бэлиэтигэр айар күрэс кыайыылааҕар, Бээрийэ нэһилиэгин олохтооҕо Евгений Сивцевы дипломунан уонна 10 тыһыынча солкуобай суумалаах бириэмийэнэн бэлиэтээтэ.
Салгыы эҕэрдэ тылы СӨ Аҕалар лигаларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Айхал Габышев, СӨ Ытык сүбэтин чилиэнэ, улууспут баһылыгынан үлэлээбит Иннокентий Бочкарев, Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт түмсүүлэрин салайааччыта Егор Неустроев эттилэр.
Үөрүүлээх чааһы улууспут эр дьонун, дьахталларын ырыа ансаамбыллара, «Кэнчээри» ансаамбыл оҕолоро уонна 13 оҕолоох Григорьевтар дьиэ кэргэн ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.
Мария Аргунова