Социальнай-реабилитациялыыр кииҥҥэ Кыайыы күнүгэр анаммыт тэрээһин сэргэхтик ааста

Оҕолорго аналлаах Уус Алданнааҕы социальнай-реабилитациялыыр кииҥҥэ бүгүн Кыайыы 79 сылыгар аналлаах «Мы – наследники Великой Победы» тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.

Ытык-мааны ыалдьытынан тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Уус Алдан улууһун, Найахы, Мүрү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката 95 саастаах ытык кырдьаҕас Мария Фомина буолла. Кини оҕолорго сэрии ыар кэмнэрин туһунан истиҥ кэпсээнэ барыбытын долгутта, тэрээһиммит биир бэлиэ түгэнинэн буолла. Маны таһынан биһиэхэ СВО кыттыылаахтара Станислав Кириллин уонна Георгий Прокопьев  ыалдьыттаатылар. Кинилэр сэргэх кэпсээннэрин оҕолор олус интэриэһиргээн иһиттилэр.

Быйыл Кыайыы күнүгэр анаммыт тэрээһиммит уратытынан оҕолорго «Победа» байыаннай-патриотическай күрэхтэһиини тэрийдибит. Оҕолор сэттэ түһүмэҕи астына-дуоһуйа этэҥҥэ аастылар. Манна кыайыылаах үрдүк аатын «Патриот» хамаанда сүктэ (хамандыыр Ваня Потапов), иккис миэстэни «Гром» хамаанда ылла (хамандыыр Витя Исаков).

Тэрээһини ылбаҕай ырыанан Варвара Сидорова, Мария Федорова киэргэттилэр, хомоҕой хоһоонун кырачаан кыттааччыбыт Сайнаара Тогонохова аахта.

Елена Охлопкова

Читайте дальше