Социалистическай Үлэ Дьоруойа Анастасия Копыринаҕа стела турда

Лөгөй нэһилиэгэр 14 сааһыттан оччотооҕу Ленин аатынан, бөдөҥсүйбүт Лысенко аатынан холкуостарга, кэлин Партизан Заболоцкай аатынан холкуоска, совхозка ыанньыксытынан тохтоло суох үлэлээбит Анастасия Копыринаҕа ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1973 сыл балаҕан ыйын 6 күнүнээҕи Ыйааҕынан Социалистическай Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибитэ, Ленин уордьана, «Сиэрпэ уонна Балта» кыһыл сулус туттарыллыбыта.

Анастасия Копырина Дьоруой буолбута 50 сылыгар, ыччат-комсомольскай фермата төрүттэммитэ 55 сылыгар сөп түбэһиннэрэн киниэхэ анаммыт стела үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Стела Даалы бөһүөлэгэр дьон хараҕын далыгар Анастасия Копырина аатынан Арчы дьиэтин тэлгэһэтигэр турда. Стела бырайыагын ааптардара – Лөгөй нэһилиэгиттэн төрүттээх скульптор-монументалист Егор Оготоев, архитектор Алексей Самсонов – ураты кэрэ стеланы толкуйдаан оҥорбуттарын олохтоохтор үөрэ бэлиэтээтилэр, Анастасия Семеновнаны кытта бииргэ үлэлээбит дьон: «Анастасиябыт бу аттыбытыгар баар курдук буола түстэ», – диэн долгуйан туран бэлиэтээтилэр.

Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, биир дойдулаахпыт, Идэлээх сойуустар федерацияларын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Петр Сивцев, улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников, Арассыыйа Үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцев, Анастасия Копырина төрөппүт кыыһа Марфа Новикова ыалдьыттаатылар. Үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтара Анастасия Копырина стелатыгар сүгүрүйэн туран сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, стела аттыгар бузина, рябина маһы олортулар.

Мария Аргунова

Читайте дальше