Сколково бырайыагынан Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт телемостка кытынныбыт

Бүгүн «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр Москва Сколково «Мобильнай электроннай үөрэхтээһин» бырайыагынан телемост ыытылынна. Онно Бороҕоннооҕу 15-с нүөмэрдээх «Кэскил» оҕо тэрилтэтин иитиллээччилэрэ, үлэһиттэрэ, оҕону эбии үөрэхтээһин кииниттэн «Медиалаб» куруһуок оҕолоро (сал. Евдокия Окоемова) уонна үөрэх улуустааҕы управлениетын начальнигын солбуйааччы Тимофей Григорьев кытыннылар. Телемостка Дагестан Дербент куоратыттан «Солнышко» уонна Ленинград уобалаһын Кириши куоратыттан «Росток» детсадтарын кытта көрсүһүү тэрилиннэ. 

Бу телемост Россияҕа Дьиэ кэргэн сылыгар туһуланна. Онон оҕолор бэйэлэрин дьиэ кэргэттэрин, тугунан дьарыктаналларын, холобур, киришилар куруһубаны хайдах өрөллөрүн, дагестаннар көбүөр оҥороллорун, чуду диэн лэппиэскэни астыылларын көрдөрдүлэр. Оттон биһиги сахалыы хомуспутун кэпсээтибит, оонньоон иһитиннэрдибит. Салгыы Елизавета Черкашина кыыһынаан Валериялыын сахалыы оонньуулары – хабылыгы, хаамысканы, иэрэгэйи – көрдөрдүлэр. Бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччитэ Сандаара Васильева «Күһүн» диэн хоһоону аахта (сал. Роза Лебедева).

Онтон бары бииргэ Дьиэ кэргэн гимнин ыллаатыбыт. төрөөбүт дойдуларбыт былаахтарын тутан флешмобка кытынныбыт.

Маннык тэрээһиннэр атын регион оҕолорун кытта кэпсэтэн, кинилэр культураларын билсэр кыаҕы биэрэллэр. Онон бу көрсүһүүттэн олус астынан, инникитин да бииргэ үлэлиир баҕа санаабытын эттибит.

Галина Матвеева, улуустааҕы тирэх киин салайааччыта