Ийэ… Бу кылгас тылга хайдахтаах улахан таптал, сылаас иэйии, кыһамнньы, ис сүрэхтэн долгуйуу иһиллэрий?! Ийэ буолуу, ийэ үрдүк аналын чиэстээхтик толоруу, биир да оҕону киһилии иитэн таһаарыы бу олоххо саамай күндү, ытык бэлэх буолар. Оттон бүгүн аҕыс оҕоҕо олоҕу биэрэн киһи гынан көччүппүт тугунан да кэмнэммэт үтүөлээх ийэ II Байаҕантай нэһилиэгэр олорор.
II Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Ийэ албан аата» бэлиэ хаһаайката, үлэ бэтэрээнэ Валентина Егорова (Аргунова) өр сылларга уһуйааҥҥа үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта. Кини аҕыс оҕолоох, 25 сиэннээх, 10 хос сиэннээх. Кэргэнэ Сергей Егоров эмиэ Тиит Арыы олохтооҕо, Герой Егоров аатынан сопхуоска, «Тиит Арыы» ТХППК сылгыһытынан, тырахтарыыһынан үлэлээн, билигин биэнсийэҕэ олорор.
Кинилэр аҕыс оҕолоро номнуо улаатан, бииргэ төрөөбүт сэттэ аҕыс-балыс кыыс бары ийэ аатын ылан, сорохторо эбээ буолан олороллор. Улахан кыыс муниципальнай сулууспа туйгуна Мария II Байаҕантай нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта, үс оҕолоох. Варвара Мындааба култуура дьиэтин тутаах үлэһитэ, алта оҕолоох, алта сиэннээх. Елена Тиит Арыы сүрүн оскуолатын тутаах үлэһитэ, икки оҕолоох, түөрт сиэннээх. Маргарита Танда участковай балыыһатын исписэлииһэ, үс оҕолоох. Христина Тиит Арыы култууратын дьиэтин тутаах үлэһитэ, үс оҕолоох. Майя Таатта улууһугар Даайа-Аммата нэһилиэк орто оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэлиир, үс оҕолоох. Айта атыыһытынан үлэлиир, биир оҕолоох. Оттон саамай кыралара, күүтүүлээх күндү уоллара Василий Мүрү нэһилиэгэр оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр программист, үс оҕолоох.
Аҕыс оҕо амарах ийэтэ Валентина Егоровна араас сылларга почтальонканан, балыыһаҕа санитарканан, уһуйааҥҥа асчытынан, иитээччинэн, оскуолаҕа, кулуупка техүлэһитинэн үлэлээн, үйэтин тухары сүөһү-ас ииттэн, оҕолорун үлэҕэ сыһыаран, кэрэҕэ уһуйан үөрэппитэ.
Онон оҕолор барыга бары дьоҕурдаахтар. Сэттэ аҕыс-балыс кыыс уһаналлар, иистэнэллэр, уруһуйдууллар, оттон уоллара эмиэ эр киһи сатыырын барытын сатыыр, хайа да үлэттэн иҥнибэт-толлубат дьон буолан, билигин оҕолорун эмиэ оннук иитэргэ дьулуһаллар.
Мария Аргунова