Олоҥхо дойдутунан ааттаммыт Сунтаар улууһун култуураны управлениетын салайааччылара, түмэл, норуот айымньытын киинин, оҕо ускуустубатын оскуолатын үлэһиттэрэ, фольклорга, үҥкүүгэ уһуйааччылар Сергей Зверев – Кыыл Уола эһиил 125 сылын көрсө “Айымньылаах айан” бырайыагынан бүгүн Уус Алдан олохтоохторун көрсөн, аатырбыт биир дойдулаахтарын Сергей Зверев – Кыыл Уола олоҕун, үлэтин сырдатан, кини ырыаларын, тойуктарын толорон, түмэл экспонаттарын билиһиннэрдилэр, тойукка, олоҥхону толорууга, сылгы симэҕин тигиигэ, саха төрүт үҥкүүтүгэр маастар кылаастары ыыттылар.
“Айымньылаах айан” бырайыагынан Сунтаар дэлэгээссийэтэ илин эҥээр улуустарынан сырытта. Бу бырайыак сүрүн сыалын туһунан Сунтаар улууһун култууратын управлениетын начаалынньыга Саргылана Омукова: “Билигин фольклор сүтэ быһыытыйда. Онон маннык бырайыактар үгүстүк буолаллара наада. Сунтаар улууһа ааттыын Олоҥхо дойдута буоларбыт быһыытынан, төрүт үгэспитин, сүдү дьоммутун бу курдук тарҕатар соруктаахпыт, онно дьон-сэргэ үөрэ-көтө кэлэн, кыттыыны ыларыттан биһиги эмиэ олус үөрэбит. Бу бырайыакпыт фольклор сайдыытыгар сүдү өҥөлөөх, саха киһитэ эрэ барыта күөн туттар биир дойдулаахпыт Сергей Зверев – Кыыл Уола үбүлүөйдээх сылыгар бэлэмнэнии үлэ быһыытынан ситиһиилээхтик салҕанар”, — диэн кылгастык билиһиннэрдэ.
Сунтаар дэлэгээссийэтигэр биллэр-көстөр, ааттаах-суоллаах тойуксуттар, олоҥхоһуттар, Айсен Федоров, Александра Яковлева, хореограф Ирина Аввакумова, о.д.а. маастар кылаастарыгар сылдьыбыттар элбэҕи биллилэр-көрдүлэр. Оттон бүгүҥҥү тэрээһин Майаҕастааҕы норуот айымньытын киинигэр Сунтаар улууһун талааннаах ырыаһыттара, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр Лариса Иванова – Ырыа Дьаархан, Дуолан Трофимов уонна култуура талааннаах үлэһиттэрин эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэниэҕэ.
Екатерина Захарова.