Россия уонна Саха сирин үрдүнэн сыл аайы, кулун тутар 24 күнүттэн муус устар 24 күнүгэр диэри, сэллиги утары уонна сэрэтэр үлэҕэ анал ый биллэриллэн турар. Манан сибээстээн улуус дьаһалтата, киин балыыһа уонна “Роспотребнадзор” иһинэн анал программа ылыллан турар. Улууска биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы саҥа састааптаах хамыыһыйа үлэтин саҕалаата. Сэллик ыарыы эпидемиологическай көрдөрүүтүн кылгастык билиһиннэрдэххэ, улууспутугар бу ыарыы балай да аччаан турар. Ол курдук, 2001 сыл түмүгүнэн улууска 92 актыыбынай формалаах ыарыһах учуокка турбут эбит буоллаҕына, 2023 сыл түмүгүнэн 6 ыарыһахха диэри түспүтэ. Мантан 4 ыарыһах бациллярнай формалаах, 2 ыарыһах хаттаан ыалдьыбыта биллэр. Биир ыарыһах хаайыыттан кэлбитэ эрээри биһиэхэ көстө илик. Прописката Мүрү нэһилиэгэ буолан, учуокка биһиэхэ турбута. Дьокуускай куоракка фтизиатрия клиникатыгар эмтэнэ киирэн баран, бэрээдэгэ мөлтөҕүттэн үүрүллүбүтэ. Билигин ханна баара биллибэт. Бу ыарыһахтар ханнык нэһилиэктэргэ баалларый диэн боппуруос турдаҕына, эппиэт маннык. Тумултан биир ыарыһах 2024 сыл саҥатыгар учуоттан тахсыбыта. Өспөххө (Дыгдал) – биир, оттон 4 киһи бары Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо.
Ааспыт 2023 сыл түмүгүнэн саҥа ыалдьыбыт 4 ыарыһаҕы булбуппут. Кинилэр бары кэриэтэ Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо. Майаҕастан биир ыарыһах сэллик чэпчэки көрүҥүнэн, ол аата сэллик Кох палочкатын таһаарбат көрүҥүнэн ыалдьыбыт. Мантан үс ыарыһах үтүөрэн, актыыбынай формалаахтар учуоттарыттан тахсыбыта, биир ыарыһах эмтэнэ сылдьар. Үс сыл устата оҕолор сэллигинэн ыалдьыылара бэлиэтэммэтэҕэ.
2024 сыл маҥнайгы кыбаарталыгар киирэн баран саҥа ыалдьыбыт икки киһини буллубут, ол иһигэр биир үөрэнээччи. Улахан киһитэ Лөгөй нэһилиэгэр чааһынай дьиэни тута кэлбит биригээдэ иһигэр киирсэн баран, сотору буолаат ыалдьан куоратыгар төннүбүт. Оттон учуокка биһигинэн ылбыттар, тоҕо диэтэххэ Уус Алдаҥҥа сылдьан ыарыйдым диэбит. Бэйэтэ ускул-тэскил сылдьар киһи эбит, прописката Дьокуускай куорат. Маны таһынан биир Өнөртөн төрүттээх киһи хаттаан ыалдьыбыта билиннэ.
Оччотугар 2024 сыл маҥнайгы кыбаарталын түмүгүнэн, 6 киһи актыыбынай формалаах тубучуокка турар. Сылга иккитэ противорецидивнай эмтээһини бараллар, анализ туттараллар уонна рентгеҥҥэ түһэллэр. Кинилэртэн икки киһи операцияланнахтарына эрэ бу ыарыыттан үтүөрүөхтээхтэр.
Сэллик ыарыы эпидемиологическай көрдөрүүтэ сылга хас киһи флюорографическай чинчийиини барарыттан быһаччы сибээстээх. 2022 сылга нэһилиэнньэ флюорографическай көрдөрүүнү барбыта 66% эрэ туолан турардаах. Оттон 2023 сыл түмүгүнэн – 76.5 %. Эппитим курдук, түөрт киһи сэллик ыарыылааҕа булуллан турар. Аҕыс киһиэхэ тыҥа рага, 34 киһиэхэ тыҥа атын ыарыылара бэлиэтэммитэ. Барыта 46 киһиэхэ ФЛГ (+) булуллубут.
Маны таһынан сэллик ыарыыны сил аналиһыттан уонна оҕолорго Манту, Диаскинтест оҥоһуллан быһаарыллар. Оттон оҕолор 15 саастарыттан флюорография барыахтаахтар. Үөһэ этиллибит үөрэнээччи ааспыт сылга пробаны, флюорографияны да барбатаҕа биллэр. Билигин булуллубут тубочагтарга контактары кытта уонна дезинфекциялыыр үлэ бара турар.
Манан сибээстээн хас биирдии киһи, оҕо тубпробаны, флюорографияны барарын умнуо суохтаах. Бу кыһалҕаҕа эмчиттэр эрэ буолбакка, хас биирдии нэһилиэк дьаһалтата, актыыба үлэлэһиэхтээх. Нэһилиэктэргэ сэллик ыарыыны утары үлэлэһэр общественнай Сэбиэт саҥа састааба тэриллэн, флюорографияны 90% барарга үлэлэһиэхтээх. Оскуолаларга кылаас салайааччылара үөрэнээччилэрэ тубпробаны ылбыттарын, флюорографияны барбыттарын туһунан хонтуруолу сылга иккитэ олохтоон оскуола фельдшеригэр, инструкторга көмө оҥоруохтаахтар, оҕолор бары 95% ФЛГ баралларын ситиһиэхтээхтэр. Оскуолаларга оҕо доруобуйата үчүгэй эрэ буоллаҕына үрдүк ситиһиилээхтэр ахсааннарыгар киирэллэрин умнумуохха наада.
Сэллиги үчүгэйдик эмтэннэххэ киһи үтүөрэр ыарыыта. Ону сорохтор кэмигэр ситэ эмтэммэккэ уһатан-кэҥэтэн хроническай формаҕа тиэрдэллэр. Сэллигинэн киһи баттаҕа уонна тыҥыраҕа эрэ сүһүрбэт. Бу ыарыы тарҕанан хааллаҕына бары уорган барыта сыстыан сөп. Ол курдук биир холобуру аҕалыахпын сөп. 2023 сыл ыам ыйын саҥатыгар 26 саастаах эдэр киһи сэллигинэн ыалдьыбыта биллибитэ. Ыарыы анамнеһыттан (историятыттан) билиһиннэрдэххэ, кини кыра сылдьан оскуолаҕа да үөрэнэр сааһыттан Манту пробата (+) положительнай буолан тубсанаторийдарыгар эмтэнэр эбит да, дьоно куруутун ситэ эмтэппэккэ аккаастаан ылаллар эбит. Кэлин ханна да эмтэммэтэх. Биир сылтан бэттэх куттаҕа, иһэ ыалдьар буолан балыыһалары кэрийбит. Рентген барбыт, диаскинтест отрицательнай буолан кимиэхэ даҕаны сэллик ыарыыта буоларын биллэрбэтэх. Ол эрээри, биһиги диспансербытыгар кэлэн силин аналиһын туттаран Кох палочкатын буламмыт, бу ыарыы туберкулез буоларын сабаҕалаан, куоракка фтизиатрияҕа көрдөрө ыыппыппыт. Онно кини балыыһаҕа киирэн ыам ыйын 15 күнүгэр иһэ улаханнык ыалдьан операцияланар. Оһоҕоһо тэстэн резекция оҥотторон, биир сыл устата эмтэнэн, үтүөрэн сэллик актыыбынай форматыттан учуоттан уһуллубута. Билигин III-с группаҕа хонтуруолга сылдьар. Кини сэллик диссеминированнай форматынан ыалдьан, Кох палочката бары органнарыгар барытыгар тарҕанан хаалбыт.
Иккис холобур. Эдэр үлэһит, 1997 сыллаах төрүөх, спортивнай лицейга 2021 сыллаахха балаҕан ыйыттан үлэҕэ киирбит. Урут Мындааба оскуолатыгар үөрэҕин бүтэрбит. Алтынньыттан күүскэ ыалдьан киирэн барбыт, маҥнай утаа ыарыыта “грипп” курдук саҕаламмыт. Сөтөллөр, сороҕор тиритэр, сороҕор тоҥор эбит, температурата тахсар, кыайан аһаабат, утуйбат буолбут. Тымныйыы эмэ көмөлөспөтөх, ыарыыта ыллар-ылан испит. Төбөтө ыалдьар, аһаабат-сиэбэт буолан барбыт. Рентген оҥоһуллубут, силин аналиһыттан лабораторияҕа туберкулез палочката көстүбүт. Онон түргэнник фтизиатрия балыыһатыгар ыытан турардаахпыт. Киниэнэ эмиэ туберкулез диссеминированнай формата буолан, ыарыыта тарҕанан менингиттии сыспыт. Бэрт уһуннук эмтэнэн 2023 сыл ыам ыйыгар үтүөрэн үһүс группаҕа көспүтэ, онон сыл аайы күһүн-саас эмтэниэхтээх, көрдөрүнүөхтээх. Билигин куорат диспансерыгар учуокка турар.
Түмүктээн эттэххэ, бу икки эдэр дьон диспансерга ый аҥарын курдук хойутаан кэлбиттэрэ буоллар, биирдэрэ менингиттиэн сөп, атына оһоҕоһо тэстэн перитониттыа этэ. Дьэ, ол иһин хас биирдии киһи доруобуйабытын кэмиттэн кэмигэр көрдөрүнүөҕүҥ уонна флюорографияны барыаҕыҥ, сөптөөх анализтары туттарыаҕыҥ диэн барыгытын ыҥырабыт.
Иван Бурнашев, тубдиспансер сэбиэдиссэйэ