Санаа ситимэ: ыччаппыт төрөөбүт тылынан ааҕар дуо?

Оҕо төрөөбүт тылын баһылыы, билэ улаатарыгар ааҕыы биир улахан, сүҥкэн суолтаны ылар. Төрөөбүт тылбыт сүмэтэ сурукка-бичиккэ, сүрүннээн айым­ньыга тиһиллэн, түмүллэн, хараллан сыттаҕа. Үүнэр кэнчээри ыччаппыт сахалыы аахпат буолла, маныаха болҕомто уурарбыт наада дэспиппит син ыраатта. Оҕо төрөөбүт тылынан аахпат кыһалҕата күннэтэ дириҥээн иһэр дуу, тупсуу, бэттэх кэлии күлүмэ күндээрэр дуу? Биһиги, киниллэри тулалыыр, иитэр улахан дьон, онно төһө суолта уурабытый? Билигин сахалыы тылынан суруллубут оҕоҕо сөптөөх айымньы, кинигэ төһө дэлэйий?

Варвара Неустроева, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин оҕоҕо салаатын бибилэтиэкэрэ:

– «Айар» кинигэ кыһата оҕоҕо аналлаах араас сериялары, дьэрэкээн ойуулаах кинигэлэри таһаарар. Билигин оҕолор сахалыы кинигэни уларсан ааҕыылара элбээтэ. Араас дьэрэкээн ойуулаах, тэттик кэпсээннээх кинигэлэри сөбүлээн ааҕаллар. Билигин оҕо бибилэтиэкэтин фондатыгар 25000 кинигэ баарыттан, 5703 кинигэтэ сахалыы. Сылга 100-тэн тахса сахалыы тылынан саҥа кинигэ оҕо ааҕарыгар анаан кэлэр.

Александра Гриц, «Айар» кинигэ кыһатын улуус­тааҕы маҕаһыынын атыыһыта:

– Биһиги улууска кинигэ маҕаһыына 2023 сыл кулун тутарыттан аһыллан үлэлиир. Кинигэ атыыга барар. Атыылаһааччылар үксүлэлэрэ орто саастаахтар. Криминал­лаах, иччилээх, таптал туһунан кэпсээннэрдээх кинигэлэри быдан ылаллар. Оттон кыра оҕолорго остуоруйа, сахалыы дьарыктыыр кинигэлэри ылаллар.

Любомира Дмитриева, Чэриктэй орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала:

– Оскуола эрэ бырагырааматынан муҥурдаммакка ааҕар эрэ оҕо ааҕар. Барыта дьиэ кэргэнтэн саҕыллар дии саныыбын. Быйыл литература олимпиадатыгар үөрэтэр оҕом 10-с кылаас үөрэнээччитэ Сарыала Алексеева улууска кыайыы­лаах тахсан, үөрүүм муҥура суох. Үс үөрэнээччим республика олимпиадатыгар ынырыы сурук туттулар. Бэйэм ийэ быһыытынан эттэхпинэ, оҕолорбор төһө кыалларынан аахтара сатыыбын. Саҥа кинигэ таҕыстаҕына тута атыылаһабыт. Холобур, бу Саҥа дьыл өрөбүллэригэр куоракка киирэ сылдьан «Саха остуоруйалара» диэн кыракый хомуурунньуктары атыыласпытым. Оҕолорум билигин сүрүннээн остуоруйалары ааҕаллар. Оҕоҕо сөптөөх айымньы аҕыйах курдук. Оҕо билигин нууччалыы ааҕа сатыыр буолла, ону да үксүн комикс кинигэлэр. Тус бэйэм өттүттэн сахалыы кинигэлэри атыылаһабын, хаһыаттарга суруттарабын. Уонна киһи бэйэтэ хаһыаты эҥин ааҕар буоллаҕына, оҕо ону көрө улаатар. Холобур, мин хаһыат, кинигэ ааҕар буола улааппыппар эһэм улахан суолталаах. Ол курдук, хараҕа суох эһэбэр кыра эрдэхпиттэн хаһыат сонуннарыттан саҕалаан улахан айымньыларга тиийэ ааҕарым.

Лариса Аргунова, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала:

– Уруокка айымньыны ааҕаллар, сорох тыллары ыарырҕаталлар, ол эрээри ис хоһоонугар киир­дэх­тэринэ олус сэҥээрэллэр, өйдүүллэр. Ол гынан баран, кылаас таһынан ааҕыы суоҕун кэриэтэ. Саха тылын, литературатын уруогар ирдэбил быһыытынан судургу кэпсэтии тылынан да буоллар сахалыы саҥараллар, оттон оскуолаҕа иһиттэххэ үксүн нууччалыы кэпсэтэллэр. Ол эрээри, кылаас аайы төрөөбүт тылынан үчүгэйдик саҥарар-иҥэрэр, ис санаа­тыттан интэриэһиргиир оҕолор биирдиилээн да буоллар, син биир баар буолаллар.

Мария Аргунова