«Азия оҕолоро» VIII оонньууларга 1900 кэриҥэ волонтер үлэлээтэ. Онтон 200-һэ Россия атын регионнарыттан уонна тас дойдулартан кэлбиттэрэ бэлиэтэнэр. Кинилэр бары 19 араас хайысхаҕа арахсан үлэлээтилэр. Оттон биһиги улууспутуттан 28 оҕо волонтер буолар чиэскэ тиксэн үлэлээтилэр-хамсаатылар. Кинилэр санааларын истиэххэ:
Арсен ГОТОВЦЕВ, Танда орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Мин спортивный хайысхаҕа «Туймаада» стадиоҥҥа үлэлээтим. Үлэм сарсыарда 8:45 саҕаланан эбиэккэ бүтэр этэ. Күммүт олус сэргэхтик ааһара. Атын сирдэртэн сылдьар саҥа оҕолору кытта билистибит. Оҕолорго анаан элбэх тэрээһини оҥорбуттара үчүгэй.
Варя ХАНЧАЕВА, Чараҥ орто оскуолатын быйылгы выпускницата:
– «Информационное сопровождение» хайысхаҕа волонтердаатым. Үлэбит сүрүнэ – күрэхтэһиини көрө кэлбит дьоҥҥо объект иһигэр туох-ханна баарын ыйан-кэрдэн, көрдөрөн биэрии этэ. Судургутук эттэххэ, «справочное бюро» диэххэ сөп. Биһигиттэн «Азия оҕолоро» оонньууларга анаан оҥоһуллубут информационнай буклеттары, брошюралары, наклейкалары өйдөбүнньүк оҥостон ыллылар. Утаппыт киһиэхэ уу биэриэхпитин сөп этэ. Күн аайы элбэх оҕону кытта билсэн, дьону кытта кэпсэтэргэ үөрэнним. Остолобуойга минньигэстик аһаттылар, бэйэбин лааҕырга сынньана сылдьар курдук сананным. Тула – бырааһынньык тыына этэ. Бу улахан тэрээһиҥҥэ бэйэм кыра кылааппын киллэрбиппиттэн үөрэбин. Уустуга диэн, 18 сааһын туола илик волонтердары уопсайга ылбаттар, онон олорор ыалым дьиэтиттэн сылдьан үлэлээтим, кэлэр-барар транспорбар, ас атыылаһарбар ороскуотурдум.
Эрсан БУРНАШЕВ, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– «Культурная программа» диэн хайысхаҕа волонтердаатым. Оонньуулар үөрүүлээх аһыллыыларыгар уонна сабыллыыларыгар үлэлээтим. Күнүм араастык саҕаланар этэ, «Туймаада» стадиоҥҥа тэҥҥэ үлэлиир-хамсыыр дьоммун кытары көрсөн бэлэмнэнэн, күҥҥэ иккитэ аһаан, биһиги хайысхабыт бэриэмэтэ барыта «Туймаада» стадиоҥҥа ааста. Оонньууларга волонтердуур олус үчүгэй, элбэх саҥа дьону кытта билистим, кэпсэттим, толкуйбун сайыннардым. Төрөөбүт дойдубут туһугар үөрэ-көтө, киэн тутта үлэлээтибит.
Анжелика ГОРОХОВА, Чэриктэй орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– «Волонтеры информационного сопровождения» хайысхаҕа үлэлээтим. Күн аайы сарсыарда 9-тан күнүс 3-4 чааска диэри спортивнай объекка сырыттыбыт. Күнүм олус интэриэһинэйдик ааһар этэ, араас дьон мунаахсыйбыт боппуруостарын ыйытан сүбэ ыллылар. Атын омук оҕолоро, тириэньэрдэрэ кэлэн кэпсэтэллэр, олус эйэҕэстэр. Спортсменнары кытта кэпсэтэр олус интэриэһинэй. Волонтер буоларым быһыытынан элбэҕи, биллим-көрдүм, холобур объектар истэригэр туох-ханан баарын эндэппэккэ биллибит. Волонтер үлэтэ уустуга диэн – арыт олох атын билбэт боппуруостарбытын эмиэ ыйыталлар. Эппиэттэбэтэххинэ, сөбүлээбэтэхтэрин биллэрэр дьон эмиэ бааллар.
Мария Аргунова