Санаа ситимэ: улуус сайдыытыгар ханнык үлэни туруорсаҕын?

Уус Алдан улууһун бэрэстэбиитэллээх уорганын саҥа сас­тааба быйыл балаҕан ыйынааҕы быыбар түмүгүнэн уларыйда. Уон тоҕус дьокутааттаах Сэбиэти салайарга бэрэссэдээтэлинэн Иннокентий Аммосов талыллыбыта. Улуус бүддьүөтүн тыыран, дьоһун дьаһаллары та­һааран, сайдыыны түстүүр тутаах дьоммут талыллыбыт эбээһинэс­тэригэр киирэн, туох үлэни туруорсар, ситиһэр баҕалаахтарын туоһуластыбыт.

Анатолий Алексеев, Мүрүтээҕи 1 №-дээх уокурукка дьокутаат:

– Хас биирдии киһи олоҕу идэтинэн көрөрө буолуо дии саныыбын. Дьокутааттар сас­тааптарыгар производствоҕа сыһыаннаах дьон эмиэ баар буо­луохтаахтар диэн туруоруммутум. Билигин нэһилиэнньэҕэ ититии, канализационнай-ыраас­тыыр станция, уунан хааччыйыы боппуруостара сытыытык тураллар. Ити боппуруостар быһаарыллалларыгар чопчу былааннар, элбэх толкуй, күүстээх туруорсуу, үп ирдэниллэр. Бэйэм көлүөнэ ыччакка, кэлиҥҥи кэмҥэ буолбут анал байыаннай дьайыыларынан да сибээс­тээн, инники олохпутугар күүтүллэр уларыйыыларга бэлэм буоларгытыгар баҕарабын. Бэлэм диэн күүстээх, өйдөөх, талбыт идэни толору баһылааһын. Бары оннукка та­ластахпытына инникибит эрэллээх буолуоҕа.

Ньургун Копырин, Мүрүтээҕи 1 №-дээх уокурукка дьокутаат:

– Сааһым тухары илии күүстээх үлэтигэр сылдьабын. Мүрү нэһилиэгин хаһаа­йыстыбаннай үлэтигэр барытыгар кыттыһан, үлэлээн кэллим. Суол-­иис, сыбаалка мөлтөҕүн күннэтэ көрө-билэ сылдьабын. Бөҕү таһыыга олус эрэйдэнэбит. Ардах түстэ да, сыбаалкабыт суолугар тиэхиньикэ батыллар. Оччотугар нэһилиэнньэ бөҕө хомуллубакка турар. Ону оҥорор, тупсарар туһугар туруулаһыам. Улуус­пут сайдарын туһугар ыччат дьон үлэлээх-хамнас­таах буолуохтаахтар. Үлэттэн толлуо суохтаахтар.

Василий Румянцев, Найахытааҕы 12 №-дээх уокурукка дьокутаат:

– Өспөх, Найахы олохтоохторугар эрэллэрин иһин улахан махталбын тиэр­дэбин. Өспөх нэһилиэгин сүрүн тыын кыһалҕалара – суол, ититии ситимэ, култуурунай-спортивнай саала өрөмүөнэ, суотабай, интернет сибээс мөлтөҕө. Биир бастакынан бу боппуруостарга үлэлэhэргэ бэлэммин. Найахыга уот ситимин саҥардыы, ФАП, «Найахы” ТХПК саҥа хотону, канализационнай-ыраастыыр станцияны тутуу, манна анал тиэхиньикэ курдук сүрүн үлэлэр барыахтарын наада.

Юрий Троев, Өнөрдөөҕү 13 №-дээх уокурукка дьокутаат:

– Нэһилиэккэр 4 ыҥырыыга дьокутааттаатыҥ, уопутурдуҥ, тыа сирин олоҕун, кыһалҕатын билэҕин, онон Өнөрдөөҕү уокуруктан дьокутаакка тур диэн “Биир ньыгыл Арассыыйа” партияттан этии киирбитэ. Толкуйданан баран сөбүлэспитим. ДьУоКХ тэрилтэтигэр инженер-теп­лотехнигынан үлэлиир буоламмын, улуус нэһилиэктэрин барытын кэри­йэбин, нэһилиэктэр олохторун көрөбүн. Уоку­рукпар кыһалҕа элбэх. Нэһилиэктэр дьаһалталарын, дьокутааттарын, олохтоохторун кытта көрсөн кэпсэ­тиэхпит. Былаан оҥостон уокуругум, улууһум сайдарыгар биир санааҕа кэлэн үлэлиэм.

Владимир Дьяконов, Мындаабатааҕы 15 №-дээх ­уокурукка дьокутаат:

– Мүрү нэһилэгэр Мындаабатааҕы уоку­руктан биир сыл дьокутаатынан үлэлээтим. Салгыы нэһилиэктэн улууска тахсан үлэлиир таһыма үрдүк, бүттүүн улуус бүддьүөтүн быһаарсарга кылааты киллэрэр быдан күүстээх. Уокурукпар туруорсар сыалым-соругум – процедурнай кэбиниэт, Мындаабаны электрическэй уотунан хааччыйар ситим КТП-тын уларытыы, уо.д.а.

Ольга Шепелева

Читайте дальше