2022 сыл олунньу 24 күнүгэр Украинаҕа байыаннай дьайыы саҕаламмыта. Ити сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр быстах хомуур биллэриллибитэ. СВО буолбута номнуо икки сыл, икки ый буолла. Биһиги улуустан эр дьоммут соһуччу ыҥырыллан байыаннай дьайыыга кытта сылдьаллар. Хорсун байыастарбыт санааларын бөҕөргөтөргө, тыйыс усулуобуйаларын кыратык эмэ чэпчэтэ түһэргэ, түргэнник, этэҥҥэ эргиллэллэригэр улууспут дьоно-сэргэтэ бүттүүн кыттар. Нэһилиэктэрбит баһылыктара ураты болҕомтону эрэйэр сүүнэ эппиэтинэстээх кэмнэригэр тугу дьаһанан олороллорун туоһуластыбыт.
Илья ИЛЬИН, Бэрт Ууһун нэһилиэгин баһылыга:
– Байыаннай дьайыыга нэһилиэкпититтэн сэттэ киһи кытта сылдьар. Кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар субуотунньуктаан муус ылан, тоҕус ыалга муустарын тиэйбиппит. Ону таһынан биир ийэ оттук маһын атыылаһарыгар харчынан көмө оноһуллубута. Оскуола үөрэнээччилэрэ мас хайытан саһааннаан тимуровскай көмө оҥороллоро былааннанан турар. Тохсунньуга байыаннай дьайыыга сылдьар биэс уолбутугар анаан улуус дьаһалтатын делегациятынан баһыылка хомуйан (ас, таҥас, туттар тэриллэр) ыыппыппыт. Ааспыт нэдиэлэҕэ дьахталлар улуустааҕы сүбэлэрин ыҥырыытынан биһиги нэһилиэктэн 136 дьахтар харчы хомуйан ыыппыттара.
Николай ЛУКАЧЕВСКАЙ, Өнөр нэһилиэгин баһылыга:
– Байыаннай дьайыыга биһиги нэһилиэктэн түөрт киһи сылдьар, биир киһибит госпитальга сытар. Дьоммут дьиэ кэргэттэригэр дьиэ-уот, хаһаайыстыба, кэлии-барыы өттүгэр көмөлөһөбүт. Байыастарга анаан таҥас-сап тигиитигэр нэһилиэнньэбит дьахталларын түмсүүлэрэ көхтөөхтүк кыттан хаста да баһыылкалаан ыыттылар. Тохсунньуга Запорожьеҕа, Донбасска, Луганскайга баран кэлбиппит. Ити хайысхаларынан дьайыыга сылдьар уолаттарбытын көрсөн, малы-салы тиксэрбиппит. Тэрилтэлэр, оскуола оҕолоро блиндаһы сырдатар чүмэчилэри оҥорон аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыбыттара. Кулун тутарга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьонноругар анаан үлэ десана кэлэн, 20-тэн тахса устудьуон хаар ыраастааһыныгар, муус харайыытыгар үлэлээн барбыттара.
Михаил БЕЛОЛЮБСКАЙ, Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга:
– Анал дьайыыга биһиги нэһилиэктэн үс киһи кытта сылдьар. Кинилэргэ нэһилиэнньэ көмө харчы хомуйан ыытааччыбыт, ааспыт сылга уопсайа 141 000 суума хомуллубута. Дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр сезон аайы муус, оттук мас киллэриигэ көмө оҥоһуллар. Балык бэрсэбит, Саҥа дьылга оҕолорго бэлэх биэрэбит. Уопсай волонтерскай үлэлэргэ наһыылка, таҥас-сап тигиитигэр дьахталлар сэбиэттэрэ түмсэн иистэнэллэр, оҥороллор. Кыһалҕалаах төрөппүттэр эттэхтэринэ, көмө, волонтерскай үлэни ыытабыт. Холобур, биир төрөппүккэ сүөһүтүн аһатарыгар рулон оту ыһан аһатарыгар бэлэмниибит.
Федор КАРМАНОВ, Чэриктэй нэһилиэгин баһылыга:
– Билигин байыаннай дьайыыга биһиги нэһилиэктэн икки киһи танкиһынан сылдьар. Кинилэргэ барыахтарыттан төһө кыайарбытынан көмөлөһөбүт. Дьонноругар муустарын-мастарын дьаһайабыт. Холобур, быйыл саас үстүү прицеп мас киллэрдибит. Ону оскуолабыт оҕолоро саһаанныахтаахтар. Байыаннай дьайыы саҕаланыыта нэһилиэгинэн харчы хомуйан ыыппыппыт.
Мария Аргунова