Дьикти, ураты алыптаах ахсынньыбыт үүннэ, күүтүүлээх Саҥа дьылбыт бырааһынньыга чугаһаата. Саҥа дьыллааҕы сүргэни эрдэттэн көтөҕөргө, оҕолорго аптаах эйгэни тэрийэргэ ыал-ыал бэйэтэ туспа үгэстээх буоллаҕа.
Майя Дьяконова, Кэптэни бөһүөлэгин олохтооҕо:
– Биһиэхэ, дьиэ киэргэтиитэ үгэс быһыытынан ахсынньы 14 күнүгэр буолар, харыйабытын туруорабыт. Оҕолор баҕа санааларын уруһуйдаан, биир ый инниттэн Тымныы оҕонньор ааһан иһэн көрөрүн курдук түннүккэ ыйыыллар. Саҥа дьыл түүн хайаан да салют көрө тахсабыт. Ол бириэмэҕэ Тымныы оҕонньор дьиэҕэ киирэн харыйа анныгар бэлэх уурар. Киирбиппитигэр бэлэх бөҕө, үөрүү-көтүү буолар.
Анна Максимова, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо:
– Биһиги дьиэ кэргэн алтынньы бүтүүтэ, сэтинньиттэн кыралаан Саҥа дьыллааҕы ойуулары, оҥоһуктары интернеккэ көрөбүт, сөбүлээбиппитин хаһаанабыт. Дьиэни-уоту сууйабыт-сотобут. Саҥа дьылы ыраас дьиэҕэ көрсүөхтээхпит диэн өйдөбүллээхпит. Дьиэбитин киэргэтиитэ хайдах буолуохтааҕын эрдэттэн былаанныыбыт, оҥорон көрөбүт. Маныаха оҕолорум идеялара элбэх буолааччы. Мин дьиэ хаһаайката буоларым быһыытынан туттуллар сээкэйдэри эрдэттэн бэлэмниибин. Саҥа дьылга дьиэнэн кыракый фотосессия оҥорооччубун. Онно кыра оноһуктары, кэтэр танастары бэлэмнээн саҕалыыбын. Оҕолорбут хайаан да Тымныы оҕонньорго сурук суруйаллар, ону кыраһыабай гына киэргэтэллэр уонна истиэнэҕэ Саҥа дьыллааҕы хартыыналары уруһуйдууллар, ону истиэнэҕэ иилэбит, оччоҕуна оҕолор сүргэлэрэ ордук көтөҕүллэр.
Сардаана Стрекаловская, Тумул бөһүөлэгин олохтооҕо:
– Мин сылын аайы тэлгэһэбэр сыл бэлиэлэринэн хаар оҥоһук оҥоробун. Бастакы сиэним төрүөҕүттэн сыл аайы хаар киһини оҥорорум үгэскэ кубулуйда. 2012 сыллаахха Дракон сылыгар кини бэлиэтин оҥорбутум. Онтукам наһаа улахан дракон буолбута. Ол курдук, сылтан-сыл аайы дьиэм таһыгар хаарынан оҥорор буолбутум. Былырыыҥҥыттан ыла, аны сиэннэрбэр анаан дьиэм таһыгар хаарынан остуоруйалары композиция оҥорор сыалтан былырыын «Колобок» остуоруйаны оҥорбутум. Быйыл «Репка» остуоруйаны оҥороору сылдьабын. Сиэннэрим остуоруйалары биллиннэр, сэҥээрдиннэр уонна ааҕыыга көҕүлүүргэ кыһаллабын. Быйыл эмиэ Дракон уонна сахаларга Айыыһыт сылынан оҥороору сылдьабын. Кэлэн иһэр сыл үтүөнү, кэрэни эрэ түстээтин, үөрэ-көтө сылдьыҥ!
Ольга Местникова, Сыырдаах бөһүөлэгин олохтооҕо:
– Биһиги ыал ахсынньы бастакы күннэриттэн олоҕурбут үгэспитинэн, оҕолор Тымныы оҕонньорго сурук суруйаллар. Онтон бары харыйа киэргэтэбит, гирлянданы хайаан да аҕабыт ыйыыр. Оҕо сааспыттан Саҥа дьылга анаан ватмаҥҥа хаһыат таһаарабын, уруһуйдуубун. Оҕолорбутун кытта Сана дьыл бырааһынньыгар бэлэмнэнэн остуол тула олорон ас астаан тоҥоробут. Ол эмиэ киһи сүргэтин олус көтөҕөр, тута Саҥа дьыл тыына биллэ түһэр. Уруккуттан Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана тигиэхпин баҕарар этим, ол баҕа санаам быйыл, дьэ, туолар.
Мария Аргунова