Улуус баһылыгын уонча күннээх отчуота түмүктэннэ. Василий Иванович Аммосов саҥа талыллыбыт улуус баһылыгын быһыытынан нэһилиэктэргэ барытыгар бэйэтэ сылдьан отчуоттаата, кэпсэттэ-ипсэттэ. Нэһилиэктэр олохтоохторо ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэни сөптөөҕүнэн сыаналаатылар. Дьонтон саҥа баһылык көрүүлэрин туһунан туох санаалаахтарын ыйыттыбыт:
Михаил КОЛОДЕЗНИКОВ, Кэптэни бөһүөлэгин олохтооҕо:
– Мүрү нэһилиэгэр баһылыгынан уһуннук үлэлээбит буолан, нэһилиэктэр кыһалҕаларын чопчутук билэрин бэлиэтии иһиттим. Кини: «Мүрү нэһилиэгэр баар түөлбэлэргэ, кими да матарбакка, үбү үллэрэн тыырар этим, онон улуус нэһилиэктэригэр эмиэ ол курдук, хайа да нэһилиэги матарбакка, үлэлэр ыытыллыахтара» диэбитин биһирээтим. Мин санаабар, улуус баһылыга сөптөөхтүк дьаһанан үлэни ыытан эрэр эбит, былаана, баҕа санаата киэҥ. Улуус дьаһалтатыгар үрдүк таһаарыылаах үлэни баҕарабын.
Анна ВИНОКУРОВА, Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо:
– Отчуот Курбуһах нэһилиэгиттэн саҕаламмыта. Мунньахха дьон кыттыыта ханнык да сыллааҕар көхтөөх. Василий Иванович: «Кыаллыбат диэн суох, үчүгэйгэ, инникигэ биир санаанан үлэлиэххэ-хамсыахха, дьоҥҥо эрэниэххэ, эрэллээх буолуохха наада» диэн эппитин сөбүлүү иһиттим. Улуус дьаһалтатын баһылыга Балаҕаннаах учаастага сайдар, дьон олохсуйар кэскиллээҕин тоһоҕолоото, урукку өттүгэр учаастак эстэр турукка кииртэлии сылдьыбыттаах, билигин ыал аайы ититии, сүөһү элбээһинэ, оҕо ахсаана эбиллиитэ – бу учаастак инникилээҕин, эдэр ыччат тыаҕа тардыһыытын кэлбит састаап бэлиэтээтэ.
Зоя ПЕТРОВА, Бэрт Ууһун нэһилиэгин олохтооҕо
– Улуус дьаһалтатын баһылыга нэһилиэнньэ иннигэр туруорбут отчуотун, уопсай ылан эттэххэ, биһирии иһиттим. Тус бэйэм нэһилиэккэ 20-чэ сыл хамнаһа суох, уопсастыбаннай ноҕорууска быһыытынан, инбэлииттэр ”Үктэл” түмсүүлэрин салайан, улуус араас түмсүүлэрин кытта үлэлэһэн кэллим. Билигин түмсүү бэрэссэдээтэлинэн Прокопий Петрович Колодезников үлэлии-хамсыы сылдьар. Отчуокка өрүү туруорсар, этэр санаам диэн – доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо улуус таһымыгар болҕомто ууруллан, былааннаах үлэни ыытыы буолар. Улуус инбэлииттэрин түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Елизавета Николаевна Васильева бэйэтинэн тахсан былааннаах үлэни ыытарга сирэй көрсөргө ыҥырбытыттан үөрдүм. Онон билиҥҥи салалта ханнык да боппуруоһу быһаарыыга дьону түмэн, кыһалҕалаахха көмө буолан, инникибит сайдарын туһугар кыахтаахтык үлэлиэ диэн эрэнэбин.
Аркадий ОХЛОПКОВ, I Хоро нэһилиэгин олохтооҕо:
– Мин 2016 сыллаахха нэһилиэгим туһунан «Туймаада» хаһыакка «Көйгөтүллүбүт нэһилиэк» диэн ыстатыйа таһаарбытым, онно нэһилиэккэ биир да киһилии тутуу судаарыстыба өттүттэн тутуллубатаҕын, олохтоох оскуола уонна оҕо саадын дьиэлэрэ өрөспүүбүлүкэ биир саамай кырдьаҕас, сүүсчэкэ сыллааҕы тутууларын ахтыбытым, улуус уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар болҕомтоҕо ылыллыбатахтарын эппитим. Быйылгы отчуокка улууспут баһылыга Василий Аммосов салалта өттүттэн аан бастаан ону официальнайдык билинэн, нэһилиэк олохтоохторугар эппитэ инникитин саҥа тутуулар баралларыгар эрэли үөскэттэ. Чараҥ бөһүөлэгин олохтоохторо сүрүннээн саҥа оскуола тутулларын күүтэллэрин эттилэр, ону таһынан уот ситимэ эргэрбитин, Носовкаҕа ититии киириэхтээҕин, о.д.а. сүрүн кыһалҕалары улуус салалтатыгар тиэртилэр. Түмүккэ саҥа талыллыбыт баһылык В.И. Аммосов салайар улуус дьаһалтатын үлэтэ сөптөөхтүк саҕаламмытын бэлиэтээтибит.
Мария Аргунова, Екатерина Захарова