Санаа ситимэ: от үүннэ дуо?

Сүөһүлээх-астаах тыа дьонугар күнү-дьылы баттаһа от кэмэ тиийэн кэллэ. Быйыл сааскыттан кураан күннэр турдулар. Онон от үүнүүтүн боппуруоһа долгутар. Улууспут отчуттарыттан окко хаһан киирэллэрин, төһөнү оттуур былааннаахтарын, от төһө үһүммүтүн сурастыбыт.

Марфа АФАНАСЬЕВА, Түүлээх нэһилиэгин олохтооҕо:

– От үүнүүтэ олох мөлтөх, оттуур сир­бит үрдүк өттө кураанах, эбии­тин аһыҥа да баар. Билигин тиэргэннэргэ оттуубут, былырыыҥҥытааҕар аҥаарын эрэ ыллыбыт. Би­­лигин сыһыыга от бөҕө да, ба­ры­та уу, дулҕата киһи кыайан атыллаан сылдьыбат үрдүк. Баҕар ардах түһүө, от арыый үүнүө дуу диэбиппит, сир­бит өссө куурда-хатта. Биһиги 14 сүөһүлээхпит, 25 т отунан сыл тахсабыт. Быйыл Бээрийэттэн от атыыла­һан сыл тахсыбыппыт. Баҕа санаабытын эттэххэ, улуус, республика от кэлиитигэр туох эмэ субсидия курдук көмө көрөллөрө буоллар.

Дария ВАСИЛЬЕВА, Уһун Күөл бөһүөлэгин олохтооҕо:

– Быйыл от үүнүүтэ кураан­наан уонна аһыҥа күүскэ туран мөлтөх. Окко киирдибит, биир алаас отто­нон бүтэн, оппутун таһа сылдьа­быт. Былырыыҥҥы сылга холоо­тоххо, ол алааспытыттан былырыын ылбыт оппут аҥаара эрэ кэллэ. Биһиги уонтан тахса сүөһүнү кыстатааччыбыт. Аны икки алаас оттоноро хаалла. Бу алаастар үүнүүлэрэ үчүгэй, кыстыыр от кэлиэх курдук.

Тамара ТАРАБУКИНА, Тиит Арыы бөһүөлэгин олохтооҕо:

– Үгүстүк айылҕаҕа сылдьан кэ­тээн көрөр үгэстээхпин. Быйыл от үүнүүтэ ортотунан дуу диэн көрөбүн. Төһө да кураан кэмнэр турдаллар, оппут син үүнэ сатаабыт курдук. Биһиги өбүгэбит сиэрин тутуһан, абааһы мунньаҕын кэнниттэн 14-с чыыһылаттан окко киириэхпит. Хаһаайыстыбабар 15 төбө сүөһүлээхпин, 16 төбө сылгылаахпын. Барыта 40 т оту оттоотохпутуна сылы тахсабыт.

Дмитрий СИВЦЕВ, Уһун Күөл бөһүөлэгин олохтооҕо:

– Окко киирбитим икки күн буолла. От үүнүүтэ үчүгэй диэххэ сөп. Биир дойдулаахтарым от үүнүүтэ ортотунан дэһэллэр. Биһиги сүөһү ииттибиппит 20-с сыла буолла, 16 төбө сүөһүлээхпит. Быйыл 8 тонна оту оттуур былааннаахпыт. Күммүт-дьылбыт туран биэрдэр, от кэлии­һи диэн эрэх-турах сананабыт.

Гаврил БУРНАШЕВ, Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо:

– Биһиги диэки от үүнүүтэ мөлтөх. Үрэх аттынааҕы сирдэр эрэ үчүгэйдик үүммүттэр да, үрэхпит билигин ууга сытар. Биһиги 48 төбө сүөһүлээхпит, 20 төбө сылгылаах­пыт. Бу 13 чыыһыла кэнниттэн окко киирээри тэринэ сылдьабыт. Күн-дьыл туран биэрдэр, төһө кыалларынан оттуур буоллахпыт, син ылар инибит диэн эрэллээхпит.

Мария Аргунова