Санаа ситимэ: ханнык үөрэххэ киирэн устудьуон үрдүк аатын сүктүҥ?

Быйыл улуус 33 орто оскуолатын 228 оҕо бүтэрэн, биир кэлим экзаменнарын ситиһиилээхтик туттардылар, ситии-хотуу аттестатын ыллылар. Бу оҕолорбут үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар туттарсан киирэн, устудьуон үрдүк аатын сүгэр үөрүүнү биллилэр.

Владислав Борисов, Чэриктэй орто оскуолатын выпускнига:

– Чэриктэй орто оскуолатын үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрдим. Биир кэлим государственнай экзамеҥҥа нуучча тылын, профильнай математиканы, талыыбар географияны туттарбытым. Кыра эрдэхпиттэн сири-дойдуну көрөр баҕалаах этим. Бэйэм туризм эйгэтин интэриэһиргиибин. Экзаменым бааллара наһаа үрдүгэ суох да буоллар, ХИФУ естественнай наукалар институттарын уопсай география факультетыгар бюджеттан үбүлэнэр миэс­тэҕэ киирэн олус үөрэн сылдьабын.

Айгыына Бурнашева, Лөгөй лицей-интернатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит выпускник:

– Биир кэлим эксээмэннэри литератураны – 94, нуучча тылын – 86, саха тылын уонна литературатын 92 баалга туттардым. Икки эксээ­мэни 90 баалтан үрдүккэ туттаран, улууспут баһылыга В.И. Аммосов анаабыт биэс уоннуу тыһыынчалаах икки сэртипикээтинэн наҕараадаланаммын олус үөрдүм, долгуйдум. Түгэнинэн туһанан, Василий Ивановичка оскуоланы бүтэрээччилэргэ маннык стимул оҥороругар махталбын биллэрэбин. Мин ханнык үөрэххэ туттарсарбын эрдэттэн быһаарыммыт буоламмын, докумуоммун чопчу баҕалаах үөрэхпэр биэрбитим. Дьонум киирии баалы бэрэбиэркэлээн көр диэннэр журналистикаҕа көннөрү туттарсыбытым. Эрийэн ыҥыра сатаабыттара. Ол эрээри, оҕо эрдэхпиттэн куппар-сүрбэр иҥэрбит, уйаара-уҥуоргута биллибэт, таптыыр сахам тылын өссө дириҥэтэн үөрэтэр сыалтан ХИФУ ИЯКН Оте­чественнай филологиятыгар киирэн бастакы куурус устудьуона буоллум. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан элбэх НПК-ларга ситиһиилээхтик кыттарым, устудьуоннуур кэмнэрбэр маны салгыы сайыннарар санаалаахпын. Сахабыт тыла сүтэн-оһон, симэлийэн хаалбатын, кэлэр көлүөнэ ыччат бэйэтин тылынан ыраастык саҥарарын, өбүгэтин үгэһин өрө тута сылдьарын туһугар үлэ­лиэм-хамсыам диэн баҕалаахпын.

Иван Васильев, Бээрийэ орто оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбит выпускник:

– Мин ахсыс кылаастан быраас буолар баҕа санаалаахпын. Хирург эбэтэр стоматолог буоларга дьулуһабын. Ол иһин ХИФУ “лечебное дело” диэн специализация­ҕа докумуоннарбын биэрбитим. Биир кэлим эксээмэммэр барыта 197 баалы ыламмын бастакы кии­рээч­чилэргэ хапсан, баҕалаах үөрэхпэр киирдим. Аны уопсайга киириэхпин баҕарабын уонна этэҥҥэ үөрэнэн, быраас идэтин баһылыыр баҕа санаам туоларыгар баҕарабын.

Сандаара Алексеева, Лөгөй лицей-интернатын выпускнига:

– Биир кэлим экзамеммын уопсайа 198 баалга туттардым. ХИФУ естес­твеннай наукаларын институтун фундаментальнай-прикладной химия үөрэҕэр киирдим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан химия предметин сөбүлүүр этим. Ол иһин докумуоммун химия үөрэҕэр биэрбитим. Онон баҕа санаам туолла. Туттарсар үөрэхпэр бюджекка 22 миэстэлээх этэ. Үөрэхпин ситиһиилээхтик түмүктээн, наука үлэһитэ буолар баҕалаахпын.