Санаа ситимэ: дьаҥтан хайдах харыстанаҕын?

Саха сиринээҕи Роспотребнадзор Уус Алданнааҕы территориальнай салаата иһитиннэрбитинэн ахсынньы 4-10 күннэригэр Уус Алдан улууһугар ОРВИ ­диаг­ноз 561 киһиэхэ бигэргэммит, бу дьонтон 302 киһи быһыыны ылбатаҕа бэлиэтэнэр. Оттон 3-тэн 6-гар диэри саастаах 85 оҕо ыалдьыбытыттан 56 оҕо быһыы ылбатах, 7-тэн 14-гэр диэри саастаахтарга 199 оҕо ыалдьыбыт, 68 оҕо быһыы ылбатах, оттон 15-тэн үөһээ 222 оҕо ыалдьыбыт, 136 оҕо быһыы ылбатах. Кэнники күннэргэ да иһиттэххэ, дьаҥ ыарыытынан ыалдьааччылар элбии тураллар. Улууспут олохтоохторуттан дьаҥтан хайдах харыстаналларын ыйыталастыбыт.

Василий ПАРНИКОВ, «Кэнчээри» оҕо ансаамбылын төрүттээччитэ, салайааччыта:

– Сарсыарда аайы сэрээккэ оҥорон эти-хааны уһугуннарабын. Уонна йоганан дьарыктаммытым отучча сыл буолла. Күн аайы лимоннаах, мүөттээх уу иһэбин. Дьаҥ-дьаһах дэлэйбит кэмигэр дьон мустар сиригэр мааска хайаан да кэтэбин. Ону кытта лук, чеснок сии сылдьыллыахтаах. Куруук суорат, кефир, чохоон сиибин, көһүннэҕинэ ымдаан иһэбин. Ол эмиэ киһи доруобуйатын бөҕөргөтөр дии саныыбын.

Люция КОПЫРИНА, «Сардаана» оҕо тэрилтэтин физ­инструктора:

– Миэхэ, дьиэ кэргэммэр мас­саж наһаа туһалыыр дии саныыбын. Олох судургу массаж: сирэйгэ, илиигэ, сүнньүгэ аҕыйах туочканы күн аайы илбийэ сырыттаххына ыарыы­га хаптарбаккын, ону бэйэм да, дьиэ кэргэним да туругунан итэҕэйдим. Ол иһин билэр дьоммор куруук сүбэлии, үөрэтэ сатыыбын.

Альбина ЕФИМОВА, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ:

– Дьиэ кэргэнинэн битэмиин иһэ­бит, «Аскорбинка айрхеб» уонна оҕолорго «Витамин д» кэнники күннэргэ облепиха чээйин, морсу иһэрдэбин, ол утахтарым иһигэр хайаан да лимон баар буолар. Кырачааммар күн аайы апельсин сиэтэбин. Эмп диэни олох испэппит, аптечкабыт кураанах.

Лена СВЕШНИКОВА, Өспөх нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга:

– Өскөтө масочнай режим олохтоммут буоллаҕына, элбэх киһи сылдьар сиригэр мааска кэтэ сатыыбын. Дьиэт­тэн тахсарбар муннубар вируһу утары «Гриппферон» диэн хааппыла куттабын. Элбэх киһилээх сиртэн дьиэбэр кэлэн баран сирэйбин, муннубун мыылалаан суунабын. Күһүн бэриллэр вирустан харыстыыр быһыыны ыла сатыыбын.

Туяра АММОСОВА, «Мичээр» оҕо тэрилтэтин иитээччитэ:

– Дьаҥ кэмигэр уопсастыбаннай сирдэргэ мааскалаах сылдьабын. Үүттээх мүөтү иһэбит. Кыра оҕолорбор чесногунан оҕуруо оҥорон кэтэрдэбит. Эми, битэмиини иһэ са­таа­баппыт. Күһүн грипп ыарыыны утары быһыыны көтүппэккэ ылабыт. Ол эрээри быйыл икки улахан оҕом күһүн ыалдьан, быһыыны ылбакка хаалбыттара, уонна быйыл дьаҥнаатылар, сөтөллөрө тахсан быстыбат. Онон, быһыы чахчы туһалыыр диэн санаатым.

Мария Аргунова