Санаа ситимэ: аҕаҥ туохха үөрэтэрий?

2021 сылтан Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 573 №-дээх ыйааҕынан, алтынньы үһүс өрөбүлүгэр Арассыыйаҕа – Аҕа күнэ бэлиэтэнэр. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа булааччы-талааччы, дурда-хахха, баһылык киһи буолар диэн олоххо бигэтик олохсуйбут өйдөбүл баар. Оттон оҕону иитиигэ аҕа оруола билиҥҥи кэмҥэ элбэхтик көтөҕүллэр буолла. Аҕа төһөнөн оҕону ­иитиигэ кыттыһар да, оҕо оччонон ситиһиилээх уонна үтүө киһи буола улаатар диэн учуонайдар дакаастыыллар. Билигин күннээҕи олоххо көрдөххө, оҕону иитиигэ аҕалар ийэ киһиттэн хаалсыбакка ылсыһар буоллулар диэтэххэ, сыыспаппыт буолуо. Бүгүн аҕалары оҕо хараҕынан көрүөххэ:

Ярик Сивцев, Мүрү 2 №-дээх орто оскуолатын 3 “в” кылааһын үөрэнээччитэ:

— Мин аҕам аата Игорь Ильич Сивцев. Кини ититиини биэрэр сиргэ оператор-машиниһынан үлэлиир. Аҕам наһаа үлэһит, тугу барытын сатыыр. Тимиринэн, маһынан тугу барытын оҥоруон сөп. Мин ону көрө сылдьабын. Өссө аҕам миигин успуорду сөбүлүүргэ үөрэтэр. Иллэҥ кэмэ олох суох буолар. Массыына оҥорор. Биирдэ эмит иллэҥ буоллаҕына, куруутун успуордунан дьарыктыыр. Билигин боксаҕа сылдьан эрэбин уонна дьиэбитигэр өйбүтүн үлэлэтэн хаартылааччыбыт, дуобат­тааччыбыт. Мин аҕабын олус күүскэ таптыыбын.

Байаара Местникова, Найахы орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ:

— Мин аҕам Николай Петрович Местников, кини биэнсийэҕэ тахсан сынньалаҥҥа олорор. Аҕам миигин спортивнай, бэһиэлэй буоларга үөрэтэр. Сөптөөх аһылыгы аһыырбар кыһаллар. Биһиги кинилиин нууччалыы өйдөбүлүнэн эттэххэ, “биир долгуҥҥа сылдьабыт”, ол курдук олус тапсабыт, куруук кэпсэтэн-ипсэтэн, дьээбэлэһэн, мэниктээн элбэхтик бииргэ буола сатыыбыт. Аҕабар чэгиэн доруобуйаны уонна дьоллоохтук, уһуннук-уһуннук олоруон баҕарабын.

Сандаара Ушницкая, Майаҕас орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ:

— Мин аҕам миигин бултуурга, саанан ытарга, эрчиллэргэ үөрэтэр. Кини олус үлэһит, барыбытын көрөр-харайар. Аҕам миигин куруук өйүүр, өйдүүр. Дурда-хахха, баараҕай тиит курдук эрэллээх. Мин кинини олус таптыыбын.

Дамир Местников, Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ:

— Мин аҕам миигин балыктыырга, сөтүөлүүргэ, тустарга, араас трюктары оҥорорго үөрэппитэ. Биһигини олус таптыыр уонна харыстыыр. Аҕам олус күүстээх, өйдөөх уонна көрсүө санаалаах. Иллэҥ кэммитигэр бириэмэбитин бииргэ атаарарбытын сөбүлүүбүт. Мин аҕабынан киэн туттабын.

Ньургуйаана Гуляева, Чараҥ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ:

— Мин аҕам Дмитрий Дмитриевич миигин кыра эрдэхпиттэн ааҕарга, суоттуурга үөрэтэр. Кыра сылдьан аҕабын үтүктэн, кинини кытары наар хаһыат аахпыта буолааччыбын уонна учууталлаах оонньоон, тэтэрээккэ буукубалары суруйа сатааччыбын. Аҕам миигин массыына ыытарга үөрэтэрин өйдүүбүн. Саха омук сүппэтин туһугар өссө биһиги сахалыы саҥарарбытын ирдиир. Оннук гынан кыра эрдэхпиттэн ааҕыыга уонна үөрэххэ интэриэстээхпин. Уонна билиҥҥээҥҥэ диэри ас астыырга үөрэтэр. Кини наһаа минньигэстик ас астыыр, ол иһин куруутун аҕам курдук ас астыахпын баҕарабын. Үчүгэйдик астыырга туох-баар наадалаах сүбэлэри этэн, көрдөөн биэрэр, булар. Мин аҕабын күүскэ да күүскэ таптыыбын уонна Аҕа күнүнэн эҕэрдэлиибин.

Ольга Шепелева, Мария Аргунова, Светлана Сивцева

Читайте дальше