Улууспутугар саҥа баһылыгы таллыбыт. Онон буоларын курдук, салалтаҕа да саҥа хамаанда кэлиитэ олохпут көстүүтэ. Оттон нэһилиэнньэ саҥа салалтаттан син биир тугу эрэ кэтэһэр үгэстээх. Быыбар иннинээҕи бырагырааманы сүрүн өттүлэрин өйдөөн хааланнар, ол туолуутугар баҕа санааларын этээччилэр үгүс буолуохтаахтар.
Анна ВИНОКУРОВА, Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо:
– Былааска, салалтаҕа ким да кэллин, олох иннин диэки барыахтаах, сайдыахтаах. Салалтаҕа кэлбит киһи быыбарга оннук санаалаах да кыттар буоллаҕа. Нэһилиэкпит сүрүн кыһалҕата суолбут мөлтөҕө буолар. Улахан айан суолуттан 50-ча км ыраах олоробут. Кыһын тоҥ кэмҥэ эрэ кыһалҕата суох сылдьабыт. Онон суолбут-ииспит тупсуон баҕарабыт. Киинтэн ититиигэ холбонуу боппуруоһа билигин да кыайтарбат. Нэһилиэк, улуус дьаһалталарын, бырабыыталыстыба отчуоттарын аайы туруорсар туруорсуубут да, олоххо киирэ илик. Холобур, мин саастаах, соҕотох олорор киһи оттук маска эрэйдэнэбин. Сыана ыарыы турарынан, оттук атыылаһыытыгар биэнсийэм олоччу да барыах курдук.
Павел БОРИСОВ, биэнсийэҕэ олорор, Мүрү нэһилиэгэ:
– Тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыы күүскэ сайдыан наада, көһө сылдьар бойня, «Мүрү- Ас» тэрилтэни сайыннарыы, нэһилиэктэргэ арыы собуота тэриллэрэ наадалаах. Сүөһү иитээччилэргэ ыстааһыттан тутулуга суох сир боппуруоһугар көмө, улуус киинигэр оҕуруот аһын харайар ыскылаат баара буоллар. Суолу-ииһи тупсарыыга үлэ күүскэ барыан наада уонна улуус дьаһалтата бас билэр грузопассажирскай тэрилтэлээҕэ буоллар. Улууспут киинигэр тутуу күүскэ барда, нэһилиэктэргэ эмиэ күүһүрүөн наада. Радиотумул түөлбэ кэлин үөскээбит буолан, улахан аҥаара эдэр ыал. Онон ититии боппуруоһун тиһэҕэр тиэрдии барыбыт ыра санаата. Урут кыра учаастактарга аҥаара уһуйаан, аҥаара алын сүһүөх оскуола-саадтар бааллар этэ. Радиотумулга эмиэ оннук курдук баара буоллар. Киин балыыһабыт иккис уочарата тутуллара уонна тубдиспансер сөргүтүллэрэ хайаан да наада дии саныыбын.
Сардаана СТРЕКАЛОВСКАЯ, оскуола бибилэтиэкэрэ, Тумул бөһүөлэгин олохтооҕо:
– Улууспутугар саамай тыын боппуруос суолбут оҥоһуллара буолар уонна нэһилиэккэ ититиибит 100% киириэн, итиэннэ иһэр уубутун тупсарыыга үлэ ыытыллыан баҕарабын.
Аркадий Охлопков, I Хоро нэһилиэгин олохтооҕо:
– Хаһан баҕарар саҥа талыллыбыт салалтаҕа улахан эппиэтинэс сүктэриллэр. Хайа да сиргэ сайдыы – суол нөҥүө тэлэринэн, бастатан туран, нэһилиэктэр суоллара тупсарыгар баҕарабын. Ону таһынан, улуус киинин өрөспүүбүлүкэ киинин кытары ситимниир суол үрдүк хаачыстыбалаах буолуон наада. Бу үлэлэргэ РФ Госдуматын дьокутаата, транспорт уонна тутуу кэмитиэтин чилиэнэ Петр Аммосовы кытары бииргэ үлэлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
Мария АРГУНОВА, Афанасий КОПЫРИН.