Өлтөх нэһилиэгин Арыылаах диэн дьоҕус бөһүөлэгэр олорор, «хамсаан кэлиэх курдук» кыыллары чочуйан таһаарар Николай Пестряков оҥоһуктарын көрбүппүн санаан кэллим уонна кинилиин кэпсэтиэхпин баҕардым. Эһиил балаҕан ыйын 1 күнүгэр 80 сааһын томточчу туолаары сылдьар ытык кырдьаҕастыын болдьоһон, кэлэрин кэтэстим. Арай, хоһум иһигэр хачаайы көрүҥнээх эрээри, тоҕо эрэ сытыы-сымса хотой кыылы санатардыы, чэпчэки баҕайытык үктэнэн сэргэх көрүҥнээх кыра оҕонньор көтөн түстэ.
Үйэ саас тухары мастыын бодьуустаһыы
СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ норуотун маастара, Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ”Дьиэ кэргэн Албан аата” бэлиэ хаһаайына Николай Гаврильевич сүрүннээн сэдэх, тыҥырахтаах кыыллары оҥорорун билэбит. Кини оҥорор ньымата аан дойдуга да суох диэтэхпитинэ сыыспаппыт. ”Улахан быыстапкаларга хайа да көрүҥҥэ киллэрбэттэр, тоҕо диэтэр маһы хаһан дуу, кыһан дуу оҥоруу буолбатах. Ол иһин наһаа тарҕамматах оҥоһуктар диэххэ сөп”, – диэн Николай кэпсээнин сэмээр саҕалаата. Маһынан сааһын тухары дьарыктаммыт киһи мас тутулун чопчу билэр буолан, оҥоһуктарын тус бэйэтин ньыматынан оҥорор. Ол да иһин буолуо, кини үлэтин иллэрээ сыл бэл Москваттан кэлэн устан, Бастакы ханаалга көстүбүтүн билэр дьоно көрбүттэр. “Мас көөбүлүттэн (стружка) оҥоробун, сүрүнэ, маһым 30% курдук сииктээх буолуохтаах, кураанах буоллаҕына, үлтүрүйэ сылдьар, аһары сииктээх эмиэ табыллыбат. Кыылларым түүтүн дьүһүйэр маһым эмиэ атын, анаан өҕүллэҕэс буолуохтаах. Онон балай да ымпыктаах-чымпыктаах үлэ”, – диэн Ньукулай чочуйар ньыматын судургутук быһаарар.
Учуутал идэтигэр толору бэринии
Туох кистэлэ баарый, кини анал үөрэҕэ суох да буоллар, бэйэтин дьоҕурунан, сатабылынан сааһын тухары учууталлаабыт киһи. Орто Эбэ анал (коррекционнай) оскуолатыгар үлэ уруогун учууталынан уруогар биир да мүнүүтэ алҕас хойутаабакка, ыарыйдым диэн биирдэ да бүлүтүөн ылбакка 47 сыл эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Оччолорго үөрэх бырагыраамата саха оҕотугар, буолаары буолан анал оскуола үөрэнээччилэригэр табыгаһа суоҕун өйдөөн, бэйэтэ тус бырагырааматын толкуйдаан, оҥорон үөрэтэр ньыматын тобулан үлэтигэр сүрдээх кичэллээхтик сыһыаннаспыта. 1972 сыллаахха “Умелые руки” куруһуогун оҕолорун үлэлэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан, аҕыс оҕо үлэтэ БСНХСБ-ҕа баран быыстапкаҕа турбуттара элбэҕи этэр. Кини үөрэнээччилэрин оҥоһуктара көрүү-быыстапкаҕа кытыннылар эрэ кыайар-хотор буолаллара.
Муус-хаар оҥоһугу бастакынан арыйыы
Николай Пестряков Сахабыт сиригэр муус-хаар оҥоһуктары оҥорон саҕалаабыт бастакы киһинэн буолуон сөп. Кини 1968 сыллаахтан оскуола тиэргэнигэр оҕолорго анаан муус-хаар оҥоһуктары оҥорон саҕалаабыта. Оччолорго сонун көстүү буолан, куораттан тиийэ оҕолору таһааран хаартыскаҕа түһэрэллэрэ. Салгыы бу көрүҥ кэҥээн куоҥкурустар буолан барбыттара. Николай Пестряков норуоттар икки ардыларынааҕы күрэстэргэ Хабаровскайга, Кытайга тиийэ кыттан бастаан кэлбитэ. Иркутскайга Саха сириттэн сүүмэрдээһини ааһан, хаар-муус оҥоһукка эмиэ хаста да бастаан тураллар.
Рационализатор
Кини үлэһит буолуоҕуттан – рационализатор. Ол аата бэйэтэ хаамар тиэхиньикэлэри толкуйдаан оҥорор мындыр өйдөөх. Улууска ыытыллыбыт рационализатордар быыстапкаларыгар кыттан, оччолорго 30 тыһыынча сэртипикээтинэн наҕараадаламмыта. Майаҕа тиийэн, Саха сирин үрдүнэн 3-с миэстэ буолбута. Онно бэйэтэ хаамар, охсор, ону таһынан, биир суукка иннинэ ардыыр-ардаабат диэн билгэлиир өйдөөх тэрили оҥорбута. Ити курдук үгүс оҥоһуктаах.
Илиитин сүөһүттэн араарбатаҕа
Билигин дьиэ кэргэнинээн 30 сүөһүнү көрөн-истэн олорор. Сааһын тухары сүөһүнү кытта бодьуустаспыт буолан, тыа сиригэр сүөһү ахсаана аҕыйыы турарын туһунан боппуруоска долгуйар, ол тула бэйэтин санаатын маннык үллэстэр: “Билигин тыа сиригэр сөптөөх өйөбүл суох буолан, дьон хаһаайыстыбатын эһэн, сүөһү төбөтө аччыы турар. Арааһынай ИП-лары, кыра хаһаайыстыбалары тэрийэ сатыыллар”. Мин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр тиийэ суруйан, бу санаабын эппитим: “Ханнык баҕарар норуокка төрүт дьарык диэн баар. Ол төрүт дьарык судаарыстыбанан өйөнүөхтээх. Билигин ыанар ынахха сылга 37 тыһыынча көрүллэр. Маны ыанар ынахха эрэ буолбакка, ыччат сүөһүгэ эмиэ биэриэххэ наада. Аны, омос көрдөххө, 37 тыһыынча улахан көмө курдук эрээри, сылга үллэрдэххэ кып-кыра буолан тахсар. Онон бу төлөбүр ыйын аайы оҥоһуллуохтаах. Оччоҕо сүөһүнэн дьарыктанар киһи хамнастаах курдук буолар. Сүөһүнү иитэр киһиэхэ биллэн турар, интэриэс үөскүүр, сүөһүтүн элбэтэ сатыыр сорукка түһэр. Ону таһынан, кус-хаас, коза, сылгы буоллун оннук үбүлээһин наада. Билигин Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сылга 40-тан тахса миллиард көрүллэр. Ол эрэн сүөһүбүт аччыы турар. Билигин ыанар ынахха биэрэр харчыларын түмтэххэ, барыта холбоон 57 мөлүйүөн буолар, биир да миллиарды кыайбат. Онон, бу этэр санаам табыллыан сөп уонна быдан көдьүүстээх буолуо дии саныыбын. Киһи туруга 60% аһыыр аһыттан тутулуктаах. Оттон биһиги төрүт аспытын аһаан-сиэн киһи буолуохтаахпыт. Билигин хайдах кэм кэлиэ биллибэт. Үйэ-саас тухары айылҕаны кытта алтыспыт киһи айылҕабыт уларыйан эрэрин эппинэн-хааммынан таайабын. Саха норуота төрүт дьарыкпытын сөргүтэн сайыннардахпытына эрэ этэҥҥэ олоруохпут”.
Кини, төһө да 80 сааһыгар үктэннэр, бэрт чэпчэкитик хаамар-сиимэр, сэргэх көрүҥнээх. Уһанар киһиэхэ тыа сиригэр соруйсуу да элбэх буоллаҕа. Ньукулай өссө уһанарын таһынан массыына алдьаммыт кузовын көннөрөн, тиэхиньикэҕэ онтон да атыны быһааран биир дойдулаахтарын элбэхтик абыраатаҕа. Оскуолаҕа учуутал түбүктээх үлэтэ, уһаныы, сүөһү-ас быыс-арыт биэрбэт буоллаҕа. Ол да иһин, кини уһун үйэлэнии кистэлэҥин – үлэҕэ көрөр. Кэргэнинээн Галина Дмитриевналыын биэс оҕолонон, тоҕус сиэннэнэн 54-с сылларын бииргэ олороллор. ”Үлэһит киһи үйэтэ уһуур. Куһаҕан дьаллыкка да букатын сыстыбатах киһибин” диэн үйэ тухары сахалыы мындыр өйүнэн, үлэнэн кынаттанан олорбут кырдьаҕас кэпсэтиибитин түмүктүүр.
* * *
Удьуор уус төрүттээх Николай Пестряков былыргы ойууттары, удаҕаттары кытта сибэстээҕин таайар, сэрэйэр. Кэлин илбийэн кыралаан эмтиир буоллум диэн сэрэнэ соҕус сонунун үллэстэр. Арааһа бириэмэ баара буоллар, сүөһү иитиитигэр баай уопутуттан саҕалаан, чараас эйгэҕэ тиийэ үгүһү элбэҕи, интэриэһинэйи кэпсиэ этэ…
Мария Аргунова