Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев 2023 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын эбийиэгин – саха төрүт үҥкүүтүн оһуохайы – үйэтитэр уонна тарҕатар соруктаах ыам ыйын 25 күнүгэр Оһуохай күнүн олохтуур туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Онон быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Оһуохай күнэ аан бастакытын бэлиэтэнэр.

Оһуохай күнүн бэлиэтиир аан бастакы күҥҥэ оһуохайбыт үтүө үгэһин кэлэр кэскилбитигэр тиэрдэр сыалтан улуус­пут бары оскуолаларыгар, оҕо саадтарыгар, болуоссаттарга, дьон тоҕуоруһар сиригэр оҕолуун-уруулуун, эдэрдиин-­эмэнниин оһуохайдыы тахсыахпыт. Улуус киинигэр Лөгөй Тойон аатынан болуоссакка Добун Оһуохай дуорайыа.

Оһуохай – сахалар оччоттон баччаҕа диэри илдьэ кэлбит төрүт үгэстэрэ, үҥкүүлэрэ. Тоҕуоруһа мустубут дьон илии илиилэриттэн ылсаннар, тоҥолохтон тутуһаннар оһуохайы таһаа­рар киһини батыһа ыллаан, күн эргииринэн төгүрүччү хааманнар, үҥкүүлээн тэйэннэр санаалыын чэпчииллэр, эттиин-сиинниин чэбдигирэллэр. Тө­рүттэрбит бу үҥкүүнү сиэри-туому ту­туһууну, аан дойдуну анааран көрүүлэрин кытта сибээстээн, оһуохай хамсаныыларын нөҥүө көрдөрөллөр эбит.

Оһуохай үс чаастан турар. Саҕалааһын – таһаарааччы дьону ыҥырар, бытаан үҥэр хамсаныылар оҥоһуллаллар. Иккис аҥара – хаамыы-үҥкүү – оһуохай саамай уһун чааһа. Манна сэниэлээх хамсаныылар баар буолаллар, дэгэрэҥ ырыа ылланар. Үҥкүүһүттэр илиилэрэ-­атахтара имигэстик хамсыыр. Оһуохай үһүс чааһа – көтүү. Бу үҥкүү чыпчаала. Саамай кылгас ол гынан баран саамай өрө көтөҕүллүүлээх түгэн. Дьон ойуоккалаан бараллар. Көтүү – үҥкүү (киэҥник ыллахха – ыһыах) сүрүн санаатын ситиһэр – айыылары кытта биир буолууну, санаа бөҕөргөөһүнүн үөскэтэр.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Найахы нэһилиэгин, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо М.З. Сивцева саха төрүт култууратынан утумнаахтык уонна ситиһии­лээхтик дьарыктанар. Кини 1993 с. “Оһуо­хай – саха үҥкүүтэ” үлэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. 2021 сыллаахха түөлбэ оһуо­хайын туһунан “Уус Алдан оһуохайа” диэн үлэтэ тэттик хомуурунньук буолан тахсыбыта. Манна Уус Алдан оһуоха­йын историятын уонна толоруллуутун уратыларын туһунан бэлиэтээһиннэр киирбиттэрэ. М.Н. Жирков нотаҕа түһэриитинэн барыта 24 оһуохай матыыба бэчээттэммитэ.

Ольга Шепелева