Саахымат хонуутуттан нэһилиэк спордун салайыыга тиийбит Николай

Киһи сатабыла, тэрийэр дьоҕура кини тугунан дьарыктаммытыттан, туох идэлээҕиттэн тутулуга суоҕун Тулунаҕа тиийэммин өссө төгүл итэҕэйдим. Ол курдук, II Лөгөй нэһилиэгин спорка инструктора Николай Копырин оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар саахыматынан күүскэ дьарыктанан II спортивнай разрядтаах саахыматчыт буоларга тиийэ үүммүт киһи. Кырдьык, 80-с сыллар бүтүүлэригэр Тулуна оскуолатын оҕолоро оройуоҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыттара. Ол – учууталлара Семен Макарович Ушницкай үтүөтэ буоларын, Николай тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

 

Николай Владимирович нэһилиэккэ спортинструктор буолуутун айана балачча уһун эбит. Кини үөрэнэн ылбыт идэтэ – саха тылын уонна литературатын учуутала. Дипломнаах үлэһит бастаан 2001 сыллаахха аҕатын дойдутугар Майаҕаска учууталынан ананан кэлбит. Манна 6 сыл үлэлээбит кэмигэр уопсас­тыбаннай үлэҕэ күүскэ ылсан “Ыллык” диэн эр дьоннор түмсүүлэрин тэрийэн, улууска тиийэ киэҥ биһирэбили ылбыт. Ити кэнниттэн төрөөбүт дойдутугар Тулуна оскуолатыгар кэлэн биир сыл үлэлээбитин кэннэ, аны Баатаҕай оскуолаты­гар дириэктэринэн аныыллар. Манна эмиэ алта сыл таһаарыылаахтык үлэлээн баран, аны “Уолан” гимназияҕа кэлэн икки сыл учууталлаабыт. Онон уонча сыл дойдутуттан тэйэ сылдьан баран, 2016 сыллаахха төрөөбүт Тулунатыгар төннөн кэлэр. Ол күнтэн ыла нэһилиэккэ спорду көҕүлээччи, тэрийээччи быһыытынан ахсыс сылын үлэлии сылдьар Николай үлэтин туһунан маннык кэпсиир:

”Спорт­инструктор диэн улахан күрэхтэһии буолаары эрэ гыннаҕына үлэлиир киһи буолбатах. Холобур, биһиги нэһилиэкпитигэр спорт­саала диэн суох. Ол иһин оскуола саа­латыгар дьарыктанабыт. Онно мин киэһээ аайы тэҥҥэ сылдьабын. Саала аһыллар кэмэ кэллэ да, соро­ҕор киэһээҥҥи аһылыкпын аһаабакка да барааччыбын. Оннук тэҥҥэ сылдьыһар эрэ буоллаххына, спорт­сменнаргын кытта биир тылы булаҕын. Дьиҥэр, хас биирдии нэһилиэк уруккуттан спортка үтүө үгэстээх. Ону умулларбакка тута сылдьыахха, тэрийиэххэ наада. Сорох нэһилиэктэр спортинструктордара спортсаалаҕа сылдьыбаттарын билэбин. Оннуктан таһаарыылаах үлэни күүппэккин. Биһиэхэ манна түөлбэлэринэн, тэрилтэлэринэн күрэхтэһиилэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Онно хамаандаҕа оҕолор эмиэ баар буолаллар. Аны бэтэрээннэр спартакиадалара диэн туһунан ыытыллар. Ыам ыйын 9 күнүгэр “Кыайыы эстафетата” ыытыл­лар буолбута ыраатта. Быйыл өссө ГТО нуорматын туттарыыны тэрийдибит. Билигин биһиги спортивнай нэһилиэк буолабыт диир кыахтаахпыт. Ол курдук, быйыл “НВК кубога” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыайдыбыт. СӨ хайыһарга федерациятын кубогын бүтэһик этаба эмиэ Тулунаҕа ыытыллар буол­бута үгэскэ кубулуйда. Улуустаа­ҕы комплекснай спартакиадаҕа үс иһигэр мэлдьи сылдьабыт. Быйыл даҕаны Чэриктэй, Хоро нэһилиэктэрин кытары инники иһэбит.

Спортивнай көхпүт оҕолорбутугар бэриллэн, билигин Диана Гоголева, Дария Габышева Чурапчытааҕы спортивнай институкка үөрэнэ сылдьаллар. Онтон Аэлита Бурнашева Чурапчы спортивнай оскуолатыгар үөрэнэр. Быйыл волейболга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн “Азия оҕолоро” оонньууларга кытынна. Биһиги нэһилиэкпитигэр хайыһар уруккуттан биһирэнэр, элбэх чулуу хайы­һардьыттар тахсыбыттара. Ол үтүө утуму салҕаан Николай Копырин былырыын “Азия оҕолоро” кыһыҥҥы оонньууларын чөмпү­йүөнүнэн буолбута.
Раиса Николаевна Троева салалтатынан саастаах дьоммут хаалыктаах хаамыынан дьарыктанан, Бүтүн Россиятааҕы “Идущий человек” бырайыакка кыттаннар, 2023 сыллаахха миэстэлэс­питтэрэ. Хас эмит тыһыынчанан бөһүөлэк ортотугар билигин да 10 иһигэр бааллар, билигин бөлөххө 30 киһи сылдьар”.

Саахыматы үгүс дьон олорон эрэ фигуралары эрэ хамсатыы курдук саныыр. Оттон оонньуур дьонтон биллэххэ, ис иһигэр киир­дэххэ, өй-санаа илистиитэ эккэ-хааҥҥа эмиэ дьайар эбит. Ол иһин олус сылаа­лаах, илиһиннэриилээх дииллэр. Онон саахымаччыт Николай уһун сылларга нэһилиэккэ спорду көҕүлүү сырыттаҕа. Аны нэһилиэгэр үһүс болдьоххо дьокутааттыы сылдьар. Ол аата – чах­чы тэрийэр дьоҕурдаах эбит.