— Биллэрин курдук, саа хаhаайына бэйэтин бас билэр уотунан эстэр саатын (докумуоннаах саатын) олорор аадырыhыгар туох баар ирдэбиллэри тутуһан, туора дьон көрбөт сиригэр – тимир сиэйпэ иһигэр туруоран харайыахтаах. Саа уонна саа ботуруоннара тус-туспа туруохтаахтар. Саа хаhаайына олорор дьиэтигэр уотунан эстэр саатын ампаарга, күүлэҕэ, ыскаапка уо.д.а. сиргэ уурара көҥүллэммэт. Өскөтүн, уотунан эстэр саата бэрэбиэркэ кэмигэр сиэйпэ таһыгар турар түгэнигэр административнай эппиэтинэскэ тардыллар (ст. 20.8 ч. 4 КоАП РФ). Хомойуох иһин, саа хаһаайыттара бултаан кэлэн баран сааларын түбэһиэх ууран хаалларбыттарын кэнниттэн, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор сааны ылан оонньоон, бэйэ-бэйэлэрин эчэтэр быһылааннара тахса турар. Маннык быһылаан буолар түгэнигэр саа хаһаайына холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар (ст. 224 ч. 1 УК РФ — небрежное хранение огнестрельного оружия, создавшее условия для его использования другим лицом, если это повлекло смерть человека или иные тяжкие последствия);
— Докумуона суох сааны, ол эбэтэр булан ылбыт, туора дьон биэрбит эбэтэр бэйэ икки ардыгар докумуона суох атыыламмыт, урукку докумуона суох эhэтиттэн, аҕатыттан хаалбыт сааларын дьиэлэригэр туруораллара көҥүллэммэт (незаконное хранение оружия), оннук сааны тутатына Росгвардия салалтатын иhинэн Уус Алдан оройуонун лицензионнай-көҥүллүүр үлэ отделениетыгар эбэтэр Уус Алданнааҕы ИДЬМ отделыгар кэлэн туттараллара булгуччулаах. Бу түгэҥҥэ, докумуона суох сааны илдьэ сылдьан түбэhэр түгэҥҥитигэр административнай боротокуол туолар (ст. 20.10 КоАП РФ), ону таhынан холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыаххытын сөп (ст. 222 УК РФ). Маннык эппиэтинэскэ тардыллыбыт киhи, инникитин докумуоннаах саа атыылаhарыгар сокуонунан мэhэйдэр үөскүөхтэрин сөп.
— Докумуона суох сааны баҕа өттүнэн туттарар түгэҥҥэ, харчы төлөнөр. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 12.02.2004с. 63 №-дээх уурааҕар олоҕуран:
1) доруоп саа 6000 (алта тыһыынча) солкуобайга тэҥнэһэр;
2) буулдьа саа 8000 (аҕыс тыһыынча) солкуобайга тэҥнэһэр.
— Булчут бултуур сиригэр ханнык баҕар көрүҥнээх транспорынан барарыгар уотунан эстэр саатын анал чехолга илдьэ сылдьыахтаах. Чехолга угулла сылдьар саа иитиитэ суох буолуохтаах, ботуруоннара сааттан туспа сылдьыахтаахтар. Өскөтүн саа анал чехола суох эбэтэр чехол иһигэр иитиилээх сылдьар түгэнигэр саа хаһаайына административнай эппиэтинэскэ тардыллар (ст. 20.12 КоАП РФ);
— Саа хаһаайына өскөтүн саатын докумуонун (РОХа – разрешение на хранение и ношение оружия) көҥүлэ бүппүт түгэнигэр саатын бултуу илдьэ барара даҕаны, дьиэтигэр туруорара да көҥүллэммэт. Бэрэбиэркэ бириэмэтигэр саа хаһаайына административнай эппиэтинэскэ тардыллар уонна саата былдьаныллар (ст. 20.11, 20.8 КоАП РФ). Оннук түбэлтэ тахсыбатын туһугар саа хаhаайына саатын көҥүлэ бүтүөн иннинэ хаhан баҕарар саатын (сааларын) уhатарыгар сайабылыанньа (докумуон) биэрэрэ булгуччулаах, ол эрээри илдьэ сылдьар саатын көҥүлэ бүтүө биир ый иннинэ Росгвардия салалтатын иhинэн Уус Алдан оройуонун лицензионнай-көҥүллүүр үлэ отделениетыгар кэлэн саа көҥүлүн уhатара булгуччулаах. Аадырыспыт: Уус Алдан улууһун Ленина уул. 7/3 №-дээх дьиэтэ, 32 №-дээх кабинет.
— Саа хаhаайына бэйэтин бас билэр саатын (гладкоствольнай, нарезной) туора дьоҥҥо уларсара, биэрэрэ көҥүллэммэт, маннык түгэҥҥэ саа хаhаайыныгар уонна илдьэ сылдьыбыт киhиэхэ административнай боротокуол туолар (ст. 20.10 КоАП РФ) эбэтэр холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыаххытын сөп ((ст. 222 УК РФ).
Уус Алдан улууhyн лицензиялыыр, көҥүллүүр үлэ отделениета