Руна суруктаах Курбуһах тиитэ

Тулуна тиититтэн сэдиптээн өссө биири кэпсиэм этэ. Уонча сыллааҕыта Курбуһахха руна суруктаах тиит көстөн турар. Уруккута эмиэ баараҕай тиит охтубут эбит. Чиргэл турбут кэмигэр икки киһи нэһиилэ кууһар тиитэ. Уһуна төбөтө тостубутун үрдүнэн 10-тан тахса миэтэрэ

Биллэрин курдук, руна сурук тугу кэпсиирин толору арыйа иликтэр. Онон атын да сирдэргэ көстүбүт суруктар курдук, бу сурук тугу кэпсиирэ биллибэт. Онтон биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, историк Гаврил Копырин суруйбутунан, XVIII үйэҕэ Курбуһахха үс улуус: Бороҕон, Байаҕантай, Боотуруускай дьыалаларын-куолуларын наардыыр, атаарар почта станцията турбута үһү. Ол аата улахан айан суола тыргылыннаҕа. Онтон тиит турбут сирэ икки үрэҕи быһар улахан суоллар хардарыта аасыһыыларыгар турар.

Оччотугар тииккэ оҥо быһыллыбыт сурук улахан суол ааһарын быһаарар буолаарай? Былыргы дьыллар улаҕаларыгар олорон ааспыт өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын кэпсиир кистэлэҥнэрин хаһан арыйыахпытый?✍️

Афанасий Сектяев.