Бээрийэ нэһилиэгин дьоһун-мааны олохтооҕо Елена Васильева (Степанова) бу дьыл от ыйыгар 70 сааһын томтойо туолбута. Елена Терентьевна дьоһун дьоллоох олоҕо – улахан дьиэ кэргэнэ: тапталлаах кэргэнэ Иннокентий Григорьевич, күн сиригэр көрдөрбүт 6 кыталык кыыһа, 2 туруйа уола уонна оҕолоро бэлэхтээбит 17 күндү сиэнэ. Кини үтүө санаалаах, мындыр толкуйдаах, киэҥ көҕүстээх, элэккэй майгылаах дьахтар, ийэ буоларын оҕолоро бигэргэтэллэр. Улаханнык кыыһыра, тымта сылдьарын көрбөтөхтөрүн истиҥник кэпсииллэр. Аҕаларынаан, эрэллээх эркин киһилэринээн Иннокентий Васильевтыын биир өйүнэн-санаанан салайтаран, кыһалҕалаахха кыахтара тиийэринэн куруутун көмөлөһөн, нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа сайдарыгар кыайа-хото үлэлээн кэлбит үтүө-мааны дьиэ кэргэн. Быйыл Васильевтар иллээх-эйэлээх олохторун үйэ аҥардаах төгүрүк сылын бэлиэтээтилэр.
Елена Терентьевна 1953 сыллаахха Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьылҕа ыйааҕынан икки эрэ саастааҕар Бээрийэҕэ ийэтинээн көһөн кэлэллэр, оскуоланы манна бүтэрэр. Төҥүлүтээҕи СПТУ кыылы иитэр үөрэҕин бүтэрэн, биир сыл Өнөргө үлэлээбитэ. Салгыы Тандаҕа Дьоруой Дьөгүөрэп аатынан сопхуоска кыылы иитэр пиэрмэҕэ сэбиэдиссэйдээбитэ. 1973 сыл алтынньы 27 күнүгэр олоҕун аргыһын Иннокентий Васильевы кытта сүрэхтэрин холбууллар, дьиэ кэргэн үрдүк аатын сүгэллэр.
Туруу үлэһит дьон үлэттэн толлубаттар, барытын сатыыр, билэр буолаллар. Ол курдук Елена Васильева интернакка асчытынан, оҕо саадыгар ньээҥкэнэн, ФАПка санитарканан, Дьоруой Дьөгүөрэп аатынан сопхуоска 1993 сылга диэри ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Салгыы кэргэнин кытта “Убаһалаах” бааһынай хаһаайыстыбаҕа чилиэнинэн киирбиттэрэ. 1994-1998 сылларга оҕо саадыгар хачыгаарынан үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥар тахсыбыта. Олоҕун сүрүн соругун толорбут ийэ киһи элбэх оҕолооҕунан Ийэ буолуу I, II истиэпэннээх мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.
Аҕа баһылык Иннокентий Григорьевич 74 сааһыгар сылдьар төрүт Бээрийэ нэһилиэгин олохтооҕо. Оскуола кэнниттэн бастаан колхуоска, онтон сопхуоска тырахтарыыһынан үлэлээбитэ. Оҕо саадыгар хачыгаардыыр, онтон 1999-2003 сылларга оскуолаҕа тырахтарыыһынан үлэлиир. Бочуоттаах сынньалаҥар 2004 сылтан олорор. Дьоруой Егоров аатынан сопхуос биригээдэтигэр тырахтарыыстыы сылдьан, 1977, 1978, 1979 сыллардаахха “Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа” буолбута. Оттон 1981 сыллаахха “Коммунистическай үлэ удаарынньыга” үрдүк ааты ылбыта. Эмиэ бу сыл “Онус пятилетка удаарынньыга” бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Бээрийэ нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлээх нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо. Онон олохторун устата үлэ үөһүгэр сылдьыбыт дьон иккиэн үлэ бэтэрээнэ дьоһун ааттаахтар.
“Тыа сирин олохтоохторо буоламмыт биһигини ханнык да үлэттэн чаҕыйбат буоларга үөрэппиттэрэ. Сайынын от оттоон, кыһын муус ылсан тэҥҥэ сылдьыһарбыт. Саас аҕабытын кытта оҕолор тыаҕа мас кэрдэ, саһаанныы тахсарбыт. Төрөппүттэрбит билигин даҕаны аҕыйах сүөһүнү бэйэлэрэ көрөн олороллор. Сайынын оҕолор, сиэннэр тиийэн, кыстык отторун Убаһалаах сайылыкпытыттан оттуубут. Манна аҕам төрөппүттэрэ олорбуттара, ону салҕаан аҕам 1993 сыллаахха сайылыгар балаҕан туттубута. Ыам ыйын бастакы күннэригэр сүөһүлэрин иннилэригэр уктан көһөн тахсаллар. Уонна күһүн төттөрү кыстыкка киирэллэр.
Сайылыкка көһүү – дьиэ кэргэн үгэһэ. Оннооҕор сиэн оҕолор дэриэбинэҕэ кэллэхтэринэ “Суох, манна буолбатах, эбэлээххэ сайылыкка барыахха” диэн күллэрээччилэр. Ол иһин кыра сылдьан “Эбэ сайылыга” диирбит. Билигин биһиги оҕолорбут эбэлээх эһэ сайылыктара дииллэр. Бу курдук оҕолорбутун кыраларыттан айылҕаҕа сыһыарабыт, ийэ сири таптыырга үөрэтэбит”, — диэн иккис кыыстара Алена Иннокентьевна кэпсиир.
Елена, Иннокентий эдэрдэригэр иккиэн спорт бары көрүҥнэринэн дьарыктаммыттарын үгүс наҕараадалара туоһулууллара. Ол эрээри дьиэттэн дьиэҕэ көһүүгэ сүтэн-оһон халбыттар. Иккиэн кэрэ куоластаах ыллам ырыаһыттар эрээри, Иннокетий Гаврильевич симик майгытынан киэҥник биллэ сатаабатаҕа. Дэлэҕэ даҕаны, аҕатын бииргэ төрөөбүт убайа Бүтүн Сойууска биллибит Найахы хорун ааттаппыт хормейстер Семен Васильев буоллаҕа.
Быйыл оҕолоро махталларын бэлиэтинэн төрөппүттэрэ олорор дьиэлэрин көтүрэн, акылаатын уларытан, дьиэни тупсаран, саҥардан биэрдилэр. Ыал буолбут үбүлүөйдээх күннэрин баттаһа бүтэрэн, бэлэх оҥордулар, үөрүүлэрин үксэттилэр.
Ольга Шепелева