Россия Геройа Алексей Неустроев: “Кыайыы хайаан да кэлиэҕэ”

Киһи олоҕор буолар хас биирдии кыл да түгэн суолталаах, туох эмит саҥаны арыйар аналлаах. Бу саас Дьокуускайга Россия Геройа Алексей Неустроевы көрсөр түгэн көстүбүтүгэр, суруналыыс буоларым быһыытынан, кэпсэтиибитин “Мүрү саһарҕата” хаһыакка анаан таһаарарга көрдөспүтүм. Киэн туттар биир дойдулаахпыт Алексей мин биэрбит ыйытыктарбар хайдах баарынан, сахалыы сэмэйдик хоруйдаабыта. Уус Алдан улууһун Танда бөһүөлэгиттэн төрүттээх, Байаҕантай нэһилиэгин төрдүс Геройа Алексей Неустроевтыын кэпсэтиини ааҕааччыларбытыгар Кыайыы күнүгэр анаан тиэрдэбит:

– Алексей, Герой буолбутуҥ кэннэ эн олоххор туох уларыйда?

– Хомуурга хабыллан барыыттан саҕалаан мин олоҕум атыннык салалыннаҕа. Байыаннай дьайыыга сылдьан элбэх бойобуой доҕордоннум. Өстөөҕү үлтү сынньыыны, дойду иһин дьиҥ-чахчы туруулаһыыны эппитинэн-хааммытынан биллибит.

Герой буолбутум кэннэ элбэх болҕомто, дьон кэтиирэ-маныыра, билэрэ миигин кырата суохтук мунчаардар. Бэйэм төрүкү сэмэй киһибин, онон ардыгар тулабар буола турар быһыы-майгы миэхэ атылыы курдук. Көрсүһүүлэргэ элбэхтик ыҥыраллар, тыл этиттэрэллэр. Тыл этэр түгэн диэн миэхэ суоҕун кэриэтэ буолан, дьон иннигэр саҥарар үөрүйэҕи саҥардыы баһылыы сатыыбын.

Билигин элбэх чэпчэтиинэн туһанабын, онон дойдубут салалтатыгар улахан махталлаахпын. Дьокуускайга дьиэ биэрдилэр, онно төрөппүттэрбин, бииргэ төрөөбүттэрбин көһөрөн олохтоотум, билигин дьонум сылаас, саҥа, киэҥ-куоҥ толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олороллоруттан үөрэбин, кинилэр тустарыгар санаам бөҕөх.

– Былырыын атырдьах ыйын 23 күнүгэр Курскайга Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Курскай Тоҕойго кырыктаах кыргыһыыга кыайыы 80 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Россия Президенэ Владимир Путин Герой Кыһыл Сулуһун туттарбыта. Президени кытта атах тэпсэ олорон кинини хайдах киһинэн сыаналаатыҥ? Ордук ханнык тиэмэлэргэ кэпсэппиккитий?

– Миэхэ долгутуулаах түгэн этэ. Владимир Путин биһигини кытта кэпсэтэригэр камераҕа устууну тохтоторго көрдөспүтэ. Онон кинилиин сүрдээх истиҥ, аһаҕас кэпсэтии тахсыбыта. Икки чаас устата чэйдии-чэйдии, күлэ-үөрэ кэпсэппиппит. Хас биирдиибитин болҕойон истибитэ. Кини сүрдээх дьээбэлээх киһи эбит, араас көрүдьүөстээх түгэннэри кэпсээн күллэртээбитэ. Саха уолаттара хорсуммутун, саанан үчүгэйдик ытарбытын, булчут буоларбытын билэр. Онон ити тиэмэҕэ элбэҕи кэпсэппиппит.

– Байыаннай дьайыыга сылдьан ордук туохтан дьаарханар этигиний?

– Биһиги ыраах, сибээс суох сиригэр сылдьыбыппыт. Ийэм мин туспар олус долгуйарын билэр этим. Ол иһин сибээс хабар түгэнэ көһүннэр эрэ, ийэбэр эрийэн этэҥҥэ сылдьарбын кэпсээн уоскутарым. Мин ийэм уоскулаҥын туһугар улаханнык ыалдьар этим.

– Бу сааһыары эйигин кэргэн ылан эрэр диэн истэн үөрбүппүт. Кини кимий?

– Биһиги Анналыын Москва куоракка билсибиппит. Кини Уус Алдантан төрүттээх, онон билсэрбитигэр уопсай тиэмэлээх буоламмыт, бэйэ-бэйэбитин чугастык ылыммыппыт. Кини Кэптэнигэ төрөөбүт, улааппыт, оскуоланы бүтэрбит кыыс. Олохпутун холбуур санаалаахпыт, икки өттүттэн дьоммутун кытта билистибит.

– Байыаннай дьайыыга аттанар уолаттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Барыахтарын иннинэ олох үчүгэйдик толкуйдаан баран быһаарыныыны ылалларыгар баҕарабын. Антах уопута суох тиийэн сэриилэһэр ыарахан буоллаҕа, онон барар түгэннээх буоллахтарына – үчүгэй бэлэмнээх, үөрэхтээһини толору бараллара ордук.

– Саамай улахан баҕа санааҥ тугуй?

– Биллэн турар, байыаннай дьайыы түргэнник бүтэригэр баҕарабын. Биһиги манна сылдьан санаабыт-онообут антах сылдьар доҕотторбутугар сыттаҕа.

– Дьоҥҥо ханнык хаачыстыбаны сыаналыыгын?

– Чиэһинэй, көнө буолууну.

– Алексей, биэс сылынан бэйэҕин хайдах көрөҕүн?

– Техниканы интэриэһиргиибин уонна онно туһааннаах идэни баһылыахпын баҕарабын, онон үөрэниэм. Быр-бааччы, чуумпу олохтоох дьиэ кэргэн аҕата буоларбын ыралыыбын.

– Алексей, эн баҕарарыҥ, ыра санааҥ хайаан да туолуоҕар итэҕэйэбин, чөл сырыт!

Алексей Неустроев билигин Уссурийскайга байыаннай чааска сулууспалыы сылдьар. Кини Улуу Кыайыы 79 сылынан дьонугар-сэргэтигэр эҕэрдэтин маннык тиэрдэр:

– Күндү биир дойдулаахтарым! Улуу Кыайыы күнүнэн итии-истиҥ, төлөннөөх эҕэрдэтэ тутуҥ! Аҕа дойду Улуу сэриитин ытыктабыллаах кыттыылаахтара, тыыл үлэһиттэрэ, сэрии кэмин оҕолоро, хорсун-хоодуот быһыыгыт, килбиэннээх үлэҕит иһин эһиэхэ сүгүрүйэбит! Кыайыыны уһансыбыттарга уруй-айхал! Аҕа көлүөнэ холобуругар тирэҕирэн, күүстээх санааланыахха, биһиэхэ Кыайыы хайаан да кэлиэ диэн күүскэ эрэниэххэ!

Наталья ПОПОВА