Уус Алданнааҕы оҕолорго аналлаах реабилитационнай киин (дир. Иннокентий Сергеев) иитиллээччилэригэр анаммыт Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык соһуччу түгэннэрдээх, элбэх бэлэхтээх, үгүс үөрүүлээх-көтүүлээх буолан ааста.
Үлэһиттэр бэйэлэрин күүстэринэн туруорбут «Уон икки ый» остуоруйаларын оҕолор сэргээн көрдүлэр-иһиттилэр. Күн аайы көрөр, алтыһар дьоно тахсан араастаан артыыстаан оонньуулларын олуһун сэҥээрдилэр, дьиктиргээтилэр. Түмүктүүр түһүмэххэ бары мап-мааны таҥастаах тахсан кэлбиттэригэр соһуйан хаһыытаһа түстүлэр, кыракый ытыстарын харса суох таһыннылар.
Муус кырыа торуоскалаах Тымныы Оҕонньор кэрэчээн сиэнин Хаарчааналыын киириилэрин уруйдуу көрүстүлэр. Хаһан минньигэс кэһиини туттаралларын кэтэһэн кулгаах-харах иччитэ буолан көрө-истэ олордулар. Ол быыһыгар бэйэлэрэ тугу сатыылларын көрдөрөн хоһоон аахтылар, ыллаатылар, үҥкүүлээтилэр. Ол онтон Тымныы Оҕонньор наһаа үөрдэ, соһон кэлбит күлүмүрдэс мөһөөччүгүттэн хостоон таһааран кэһиитин түҥэппитинэн барбытыгар үөрэн сэгэс гына түстүлэр. Хас биирдиилэрэ бэйэлэрин ааттарын истээт даҕаны сүүрүүнэн Тымныы Оҕонньор аттыгар тиийэн көрөн-истэн чаҕылыҥнаһа турдулар.
Аныгы үйэ оҕолоро баҕа санааларын видеоролик нөҥүө тириэрдибиттэрэ Тымныы Оҕонньорго тиийбитин, бэйэлэрэ ыраламмыт бэлэхтэрэ тиийэн кэлбитин уонна өссө минньигэс кэһиилэри илиилэригэр туппуттарын итэҕэйбэтэхтии сорох-сорохтор эргитэ сылдьан көрдүлэр, үрдүк үөрүүттэн үөгүлэһэн ыллылар. Итиэннэ социальнай партнербут Ис дьыала отделыттан (нач. Дмитрий Скрябин) полиция майора Юрий Афанасьев уонна амарах санаалаах элбэх оҕолоох ийэ Светлана Аржакова сырдык сыдьаайдаах эҕэрдэлэрин, эмиэ сүрдээх минньигэс бэлэхтэрин биир-биир дохсун ытыс тыаһынан тахсан ылан истилэр.
Салгыы Дьокуускай куораттан попечительбит Варвара Григорьева, Виктория Никифорова уонна Михаил Львов ыыппыт сыаналаах бэлэхтэрин, сылаас сабыс-саҥа кыһыҥҥы таҥастарын тутар үрдүк дьолго тигистилэр.
Оҕолорбут барахсаттар соһуччу үөрүүттэн хайдах буолуохтарын билбэт турукка киирэн ыллылар. Бу буоллаҕа аптаах-алыптаах Саҥа дьыл оҕо барахсаны дьоллуур чаҕылхай түгэннэрэ. Оҕо саас биир умнуллубат күнүттэн кынаттаах кэриэтэ ойон туран хороводтаан эргийдилэр, оонньоон-көрүлээн бириэмэни билбэккэ хааллылар. Бу дьоро күҥҥэ оҕолорбутун дьоллообут күндү дьоммутугар бука барыгытыгар истиҥник махтанабыт, бары баар үтүөнү, кэрэни баҕарабыт!
Светлана Бурцева