Кулун тутар 12 күнүгэр бөдөҥ учуонай, филологическай наука кандидата, олоҥхону наукаҕа олоҕуран сахалартан бастакынан чинчийбит Иннокентий Васильевич Пухов төрөөбүт күнэ. Быйыл төрөөбүтэ 120 сылынан кини аатын сүгэр Окоемовка сүрүн оскуолатыгар бу күн өрөспүүбүлүкэтээҕи I-кы Пухов ааҕыылара ыытылыннылар. Бу дьиҥэр научнай-практическай кэмпириэнсийэ. Онон оҕолор араас тиэмэлээх чинчийэр үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Үөрэнээччилэрдиин, учууталлардыын барыта 40-ча киһи кытынна.

Тэрээһиҥҥэ улууспут баһылыга Василий Аммосов, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, филологическай наука дуоктара, олоҥхону чинчийээччи Василий Илларионов кыттыыны ыллылар. Биир үөрүүлээх түгэнинэн Иннокентий Пухов бюһун үөрүүлээх арыйыы буолла. Урукку өттүгэр төрөөбүт нэһилиэгэр, улууһугар да маннык өйдөбүнньүк оҥоһулла, туруорулла илигэ. Ону, оскуола учуутала, кыраайы үөрэтээччи Геннадий Пестряков туруорсан, үп-харчы эккирэтиһэн оҥоттордо. Бюһу туруоруу кэнники кэмҥэ биһирэбили ылан эрэр. Иннокентий Пухов бюһун скульптураны оҥоруунан дьарыктанар Геннадий Оллонов толордо. Олохтоохтор, ыалдьыттар да көрүүлэринэн үлэ табыллыбыт диэн буолла. Бэйэм бюһу эрдэ көрбүт киһи быһыытынан ити сыанабылларга сөбүлэһэбин.

Эбиэт кэнниттэн Иннокентий Васильевич Пухов аатын үйэтитиигэ киэҥ кэпсэтиилээх “төгүрүк остуол” ыытылынна. Кырдьыга, олоҥхо курдук чулуу айымньыны аан дойду таһымыгар таһаарбыт учуонай аатын үйэтитиигэ улахан үлэ ыытыллыбакка турар. Баара эрэ Окоемовка сүрүн оскуолатыгар кини аатын сүгэр. Онон бу күн дьэ балачча далааһыннаах санаалар этилиннилэр уонна олоххо киириилэригэр эрэл үөскээтэ. Ол курдук Окоемовка оскуолатын тэлгэһэтигэр Иннокентий Пухов скверэ оҥоһуллуоҕа. Бу сквер кэлэр үөрэх дьылыгар диэри аһыллыаҕа, үлэтэ бара турар. Бороҕоҥҥо баар Олоҥхо дьиэтигэр эбэтэр ХИФУ иһинэн Олоҥхо институтугар кини аатын иҥэрии туһунан этилиннэ. Аны кини аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтонон, Олоҥхо ыһыаҕар туттарыллар буолуоҕа. Иннокентий Пухов научнай үлэлэрэ билигин даҕаны ситэ чинчийиллэ иликтэр. Ол үлэлэри литературнай музей уонна гуманитарнай чинчийии институтун фондаларыттан ылан, төрөөбүтэ 125 сылын көрсө кинигэ оҥорон таһааттарарга этии киирдэ. Маны тэҥэ биир эмит уулуссаҕа аата иҥэриллэрэ буоллар.

Оҕолор чинчийэр үлэлэрин секциянан билиһиннэрдилэр уонна кыайыыны үллэстии маннык буолла: “И.В. Пухов наукаҕа уонна культурнай нэһилиэстибэҕэ оруола” секцияҕа бастакы Артур Пухов (2-с кылаас, Чурапчы интернат-оскуолата), иккис Петя Протопопов (9-с кылаас, Окоемовка оскуолата), үһүс Саина Колодезникова (8-с кылаас, Мүрү 2№-дээх оскуолата), “Олоҥхо уруккута, билиҥҥитэ уонна инники сайдыыта” секцияҕа бастакы Вася Местников (5-с кылаас, Окоемовка оскуолата), иккис Арина Оконешникова (6-с кылаас, Окоемовка оскуолата), үһүс Айыына Бочкарева (1-кы кылаас, Түүлээх оскуолата), улахан кылаастарга бастакы Алик Васильев, Витя Поротов (7-с кылаастар, Тумул оскуолата), иккис Валя Бурнашева (8-с кылаас, Окоемовка оскуолата), үһүс Снежана Аммосова (8-с кылаас, Окоемовка оскуолата), “Фольклор уонна этнография экспедицияларын суолталара” секцияҕа бастакы Витя Поротов (7-с кылаас, Тумул оскуолата), иккис Вася Кузьмин (9-с кылаас, Окоемовка оскуолата), үһүс Костя Бечеканов (8-с кылаас, Хомустаах оскуолата), “Фольклор уонна норуот педагогиката” секцияҕа бастакы Динара Осипова (5-с кылаас, Хоноҕор оскуолата), иккис Лияна Катакинова (5-с кылаас, Хайахсыт оскуолата, Чурапчы), үһүс Майя Пестрякова (6-с кылаас, Дьокуускай к. 7№-дээх оскуолата), улахан кылаастарга бастакы Вика Киренская (11-с кылаас, Мүрү 2№-дээх оскуолата), иккис Дима Пестряков (10-с кылаас, Курбуһах оскуолата), үһүс Клара Местникова (7-с кылаас, Курбуһах оскуолата), Күннэй Васильева (9-с кылаас, Курбуһах оскуолата).

Бу кэмпириэнсийэҕэ икки оҕону ордук чорбото көрдүм. Тумултан Витя Поротов бэчээттэр туһунан олус интэриэһинэй тиэмэни кэпсээтэ. Тугу кэпсиирин эҥкилэ суох билэрэ, онтон сэдиптээн тахсыбыт ыйытыыларга иҥнигэһэ суох хоруйдаан иһэрэ чахчы хасыһан үөрэтэрин көрдөрөн, ол секцияҕа дьүүллээһиҥҥэ кыттыспыт киһини, миигин, онтон да атын дьүүллээччилэри астыннарда. Чурапчыттан Артур Пухов “Мин аймаҕым И.В. Пухов” диэн дакылаатынан кытынна. Кыра кылаас оҕото диэтэххэ, дьэ, чобуо киһи буолан биэрдэ, олус бэрткэ кэпсээтэ. Чурапчыттан анаан-минээн кытта кэлбитэ да кэрэхсэннэ. Инникитин маннык кэмпириэнсийэлэргэ аата ааттаныыһы.

Тэрээһин бэрткэ ааста. Кэмпириэнсийэ таһыма үрдээтэ. Ол аата Пуховскай ааҕыылар өрөспүүбүлүкэҕэ биһирэбили ылар үктэллэрэ оҥоһулунна.

Афанасий Копырин