Оҕо төрөөһүнэ хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ үрдүк үөрүү буолар. Оттон оҕо доруобай, сайдыылаах буола улаатарыгар төрөппүт оруола улахан.
Хомойуох иһин, билиҥҥи үйэҕэ төрөппүттэр оҕону интэриниэт, тэлэбиисэр, төлөпүөн сайыннарыа дии саныыллара төрүт сыыһа толкуй. Оҕо күннээҕи интэриэһэ виртуальнай эйгэҕэ сылдьар буолбута кистэл буолбатах. Биһиги төрөппүттэр оҕону иитиигэ сыалбыт-сорукпут – оҕону куйаар ситимигэр олордубакка эрэ элбэхтик аралдьытан, оонньотон, кэпсэтэн сайыннаран, олоххо бэлэмнээх буола улааталларын ситиһиэхтээхпит.
Оҕо элбэхтик оонньоотоҕуна, сүүрдэҕинэ-көттөҕүнэ иэйиитэ (эмоцията) сайдан, доруобуйата тупсарыгар олук буолар. Оҕо илиитинэн тутан-хабан көрдөҕүнэ, сыттаан-сымардаан, амсайан, ону таһынан тарбахтарын былчыҥын үлэлэттэҕинэ эрэ мэйиитэ сөпкө сайдар. Оттон төлөпүөҥҥэ хамсыыр хартыынканы кини көрөр эрэ, мэйиитэ үлэлээбэт, толкуйдуурга, алтыһарга үөрэммэт. Өйүгэр оҥорон көрүүтэ (воображение), толкуйа (мышление), саҥата-иҥэтэ сайдыбат. Холобур, ойуулук ис хоһоонун сатаан кэпсээбэт, төрүөтүн өйдөөбөт, ырыппат. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн пластилиннаан, уруһуйдаан, пазлы, мозаиканы хомуйан, бытархай маллары, леголары тутуу-хабыы хайаан да баар буоларыгар усулуобуйа тэрийиэхтээхпит. Оҕо тарбахтарын былчыҥнара сайдалларыттан мэйиитэ уонна саҥарар саҥата тэҥинэн сайдар. Ол иһин оҕону кытары кэпсэтии-алтыһыы, бодоруһуу улахан суолталаах. Бэл диэтэр, оҕо ийэтин иһигэр үөскүөҕүттэн оҕону кытары кэпсэтэр, кинигэ ааҕар наадалаах, туһалаах диэн учуонайдар этэллэр.
Дьонун кытта элбэхтик кэпсэтэр оҕо тылын саппааһа баай, чобуо, атын оҕолордуун биир тылы булар, бэйэтигэр эрэллээх буола улаатар. Остуоруйаны кэпсээтэххэ, оҕо кулгааҕынан истэр уонна өйүгэр оҥорон көрөр, санаата сааһыланар. Ханнык да ойуулук, төлөпүөн кинигэни, остуоруйаны солбуйбат.
Оҕону үс сааһыгар диэри сайыннарыы улахан суолталаах. Ити үөһээ этиллибитин курдук, тарбаҕын былчыӊарын, саҥарар саҥатын биир тэтимник эрчийэ сылдьыллыахтаах. Бириэмэтин куоттаран кэбистэххэ, кэлин үөрэҕи ылынара, санаатын быһааран этэрэ, мэйиитин уопсай сайдыыта бытаарар. Оҕо ытаабатын, мэһэйдээбэтин эрэ диэн төлөпүөнү туттаран кэбиһэр сыыһа. Оҕо төлөпүөҥҥэ наһаа түргэнник үөрэнэр, арахсыбат тутулук үөскүөн сөп. Тутулукка киирбит оҕо атын оонньууру интэриэһиргээбэт, оҕолордуун оонньуон баҕарбат буолар, туга эрэ тиийбэккэ бириинчиктэнэр. Оҕо тулалыыр эйгэни, олоҕу анааран, көрөн-истэн билиэхтээх. Эргиччи хас хардыытын аайы үөрэнэр, ылынар, эбинэр.
Убаастабыллаах төрөппүттэр, оҕо оонньуу нөҥүө түргэнник сайдар, ылынар, онон иллэҥ кэмҥитигэр оҕолоргутун кытта элбэхтик оонньооҥ, кэпсэтиҥ, бодоруһуҥ. Оҕолоргут сайдыылара бэйэҕит кыһамньыгытыттан, сатабылгытыттан улахан тутулуктааҕын, кырачаан киһи инникитэ эһиги илиигит иһигэр баарын умнумаҥ!
Екатерина Васильева, Екатерина Шаньгина, “Мүрүчээнэ” уһуйаан педагог-психологтара