Прокопий Белолюбскай тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар олоҕун анаабыт үлэһит

Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар 22-с сылын, ол иһигэр билигин кылаабынай агрономунан үлэлии сылдьар Прокопий Алексеевич Белолюбскай эдэр сааһыттан совхозка сүөһү көрүүтүгэр эриллэн, улууспутугар ынаҕы-сүөһүнү, хаһаайыстыбаны дэлэтиигэ бэйэтин кылаатын киллэрбит, суолун-ииһин хаалларбыт уонна инникитин өссө да сайда турарыгар улахан олугу уурсубут биир киэн туттар, холобур оҥостор үлэһиппитинэн буолар.

Прокопий Белолюбскай 1962 сыллаахха Баатаҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэттис кылааһы бүтэрэн баран, Көрдүгэн сайылыгар сайын устата 10 ынаҕы ыан ыанньыксытынан аан бастаан үлэлээбитэ. Мантан ыла сайын ахсын о­куола үөрэнээччитэ эк­сээмэннэрин туттаран бүтээт д­аҕаны, ньирэй, субай сүөһү көрүүтүгэр дьаныһан туран сылдьыбыта. Онтон 1978 сылтан “Тунах” фермаҕа ыанньыксытынан киир­битэ. “Бу сылларга бас­такы настаабынньыгым Ма­рия Готовцева старшайынан үлэ­лиирэ. Иккис сылбар кыстыкка 20 туҥуй бургунастары биэрбиттэрэ. Синньилэрин массажтаан үүттээх ынахтар буолан тахсыбыттара. Төрөөбүттэрин кэннэ күҥҥэ 6-та ыан, ыамҥа биэ­дэрэнэн үүтү биэрэр буолбуттара. Сыл түмүгэр биир фуражнай ынахтан 3278 кг. үүтү ыан оройуоҥ­ҥа социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕынан буолан, чөмпүйүөн аатын сүгэн анал бэлиэнэн, Москваҕа баран сынньанар путевканан наҕа­раадаламмытым”, – диэн Про­копий Алексее­вич ол кэминээҕи үлэни ахтан суруйбута баар. Таһаарыылаах үлэлээх эдэр киһи 1980-1982 сс. Партизан Заболоцкай аатынан совхоз “Биэттэ” отделениетыгар “Уолаттар – фермаҕа” диэн ыҥырыы таһааран, бастаан 4 уол буолан, 80 сүөһүнү көрөн “Эрчим” ыччат-комсомольскай ферматын тэрийэн старшайынан ананар. “Оччолорго 1 кылааһы бүтэрбит Игнат Охлопков, Гаврил Степанов, Яков Готовцев буолан үлэлээбиппит. Ол сыл биир ынахтан 2000 кг. үүтү ыан, төрдүөн “Молодой гвардеец пятилетки” диэн боруонса бэлиэнэн наҕараадаламмыппыт. Биригэдьиирбит Галина Находкина, зоотехник Антонина Белолюбская бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт исписэлиистэр салайбыттара”.

1982-1984 сс. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр Уһук Илиҥҥи байыаннай уокурукка ПВО чаа­һыгар отделение, взвод хамандыырынан сулууспалаабыта. Политинформаторынан, хомсомуол сэкирэтээринэн эбии үлэлээбитэ. 1984-1986 сс. Дьокуускай куоракка тыа хаһаа­йыстыбатын салайар кадры бэлэмниир техникуму үөрэнэн бүтэрэн, “тэрийээччи-зоотехник” идэтин ылбыта. Онтон 1986-1992 сс. Биэттэ отделе­ние­тыгар биригэдьииринэн, зоо­технигынан, арендаторы­нан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Прокопий Алексеевич 1989 сыллаахха Зоя Михайловналыын ыал буолан, кыыстаах уол оҕолоохтор. Зоя Михайловна 1999 сылтан улуус исто­риятын музейын директоры­нан үлэлээбитэ.

1995-1997 сылларга “Биэттэ” КП бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиир. Баччаларга совхозтар ыһыллыбыт кэмнэрэ буолан, үлэлииргэ үгүс ыарахаттары көрсөллөр. Туох баар оҥорон таһаарар бородууксуйаларын барытын бэйэлэрэ астаан, батаран харчыны булаллара. 1997-1999 сс. Прокопий Алексеевич Баа­таҕай нэһилиэгин баһылыгынан үлэлиир. Бу сылларга хамнас сылы сыллаан кэлбэтэ, “маннык уустук кэмҥэ нэһилиэгим дьоно-сэргэтэ өйөөн, ханнык баҕарар үлэҕэ көхтөөхтүк кыттан баар кыһалҕалары быһааран олорбут эбиппит” диэн Прокопий Алексеевич билигин бэлиэтиир.

2001 сылтан кинини улуус­тааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар сир үлэтигэр кылаабынай исписэлии­һинэн, 2008 сылтан начаалынньыгы солбуйааччынан, кылаабынай агрономунан аныыллар. Онтон бэттэх өрөспүүбүлүкэҕэ бурдук үүннэриитигэр бастакы миэс­тэҕэ сылдьаллар. Бу ыһыллар бааһына иэнинэн буолбакка, ыһыы хаачыстыбатынан, бородууксуйаны ылыынан ситиһиллибит көрдөрүүлэр. 1992 сылтан тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун учуонайдара айан таһаарбыт суортарын атыылаһан аҕалан, икки улахан сиэмэ хаһаайыстыбаларыгар ыстаран, элбэтэн 2016 сылтан 100 бырыһыан олохтоох сиэ­мэни ыһар буолбуттара. Сэлиэһинэй “Приленская 19”, ньэһимиэн “Тамми”, эбиэс “Пок­ровскай” суортара араас сылларга сөптөөх үүнүүнү биэрэн, көрдөрүүлэрэ тупсубута. Бу элита кылаастаах суор­тарынан билигин илин эҥээр улуустарын уонна Хаҥалас бурдук хаһаайыстыбаларын хааччыйан олороллор.

Прокопий Алексеевич туораахтаах култуураны ыһыыга улахан үлэни ыытта. Ол түмүгэр улуус­пут бурдук хаһаайыстыбалара өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ таҕыстылар. Өссө биир улахан туруорсуутунан сиэмэни таһыттан ылбакка, бэйэ үүннэрбит элитнэй суордунан өрөспүүбүлүкэни хааччыйыы буолар. Бу өттүгэр билигин үлэ күүскэ туһаайыллар. Прокопий Белолюбскай бу сыллар тухары бэриниилээх үлэтинэн бүтүн улуус тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар саҥа суоллары киллэрэн, тэтимнээх, күүстээх үлэни ыытан, биир киһи олоҕор улахан ситиһиилэри аҕалсыбыт бастыҥ үлэһит.

Екатерина Захарова.

 

Бастыҥ үлэлээх биир идэлээҕим

Прокопий Алексеевич Белолюбскай тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар биир улахан уопуттаах, үгүс эдэр үлэһиттэргэ настаабынньык буолан олохторугар сирдээн биэрбит, идэтигэр бэриниилээх киһи буолар. Кини үлэтин суола совхозтан саҕаланан, олох бары уларыйыыларын туораан, тыа сирин уйгутун үксэтии туһугар салаллан кэллэ.

Мин Прокопий Алексеевичтыын 2001 сылтан ыла бииргэ үлэлээбиппит. Бу сылларга кини саамай улахан ситиһиитинэн улууска туо­раахтаах култуураны үүннэрэр спецсельхозтары, бурдук хаһаайыстыбаларын тэрийэн үлэлэппитэ буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 7 эрэ тэрилтэ баар буоллаҕына, онтон иккитэ: “Биэттэ” ХЭТ, “Илла­рионов”  ИП КФХ биһиэннэрэ этилэр. Прокопий Алексеевич быһаччы үлэтинэн, дьаһалынан улууска бурдук үүннэриитэ тэрээһиннээхтик баран, саҥа таһымҥа тахсыбыта, бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ.

2010-2016 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ үүнүүлээх аммалары кыайар этибит, биир гектартан 16-18 центнер үүнүүнү ыларбыт. Бэйэ оҥорон таһаар­быт, оройуоннаммыт суортары олордуунан дьарык­таммыппыт. Улуус­ка сэлиэһинэй “Преленскай 19”, “Туймаада”, эбиэс “Пок­ровскай”, “Виленскай” суортарын билигин даҕаны үүннэрэллэр. Олохтоох суортар хайа да ку­раантан, ардахтан, тоҥорууттан толлубакка, сүрдээх үчүгэйдик үүнэллэр. Маны сэргэ Прокопий Белолюбскай кылаа­бынай агроном быһыытынан,  ха­һаа­йыс­ты­балар базалара тупсарын туһугар улахан үлэни ыыппыта. Дүпсүҥҥэ, Баатаҕайга сиэ­мэлэри суортарынан тус-тус­па харайар ыскылааттар баар буо­лалларыгар сыратын уурбута, быйыл эмиэ биир ыскылаат үлэҕэ киирдэ. Эргэрбит ыскылааттары туп­саран тутууга эмиэ улахан үлэни ыытта. Аныгы техниканы, сиэмэни ыраастыыр, хомуйар улахан комбайннары ылыыга үлэлээн, билигин улуус­ка үс комбайн  баар. Аныгылы типтээх, кэтит барыылаах дискатордар баар буолан, үлэни тупсардылар. Паар­даа­һыҥҥа күһүҥҥү хорутууну хайаан да оҥотторор, улуус иһиттэн үбүлээһинин булан, бааһына бүтэйдээһинигэр киэҥ үлэни ыытта. Ити барыта хаһаайыстыбалар эрэ үлэлэрэ буолбатах, быһаччы кылаабынай агроном кыайыылаах үлэтэ диэн сыаналыыбын.

Билигин улууска оҕуруот аһын олордууга биир хаһаайыс­тыба эбилиннэ. Хортуоппуй, хаппыыста үүннэриитигэр Владислав Мордовской сити­һиилээхтик үлэлиир. Бу үлэни барытын Прокопий Алексеевич бэйэтэ сүүрэн-көтөн кэпсэтэн, олоххо киллэрэр.

Прокопий  Белолюбскай киһи быһыытынан киэҥ көҕүстээх, билиитин, уопутун тарҕатар олус үчүгэй сүбэһит. Үлэһиттэри тылыгар киллэрэр, үлэтин сүөһү көрүүтүттэн саҕалаабыт буолан, сүөһү аһылыгар улахан болҕомтотун уурар агроном дии саныыбын. Кини барытын бэ­йэтин үлэтинэн-хамнаһынан билбитигэр-көрбүтүгэр, сүөһүнү көрүүгэ үгүс сыл үлэлээбит уопутугар тирэҕирэн, улууспутугар сүөһү аһылыгын боппуруоһа олус үчүгэйдик быһаарыллан эрэр диэн үөрэбин эрэ.

Мария Мигалкина, үлэ бэтэрээнэ, Арассыыйа агро-промышленнай холбоһугун бочуоттаах үлэһитэ.