Полина Черкашина: «Мүрү – киһи киэн туттар, холобур оҥостор нэһилиэгэ буолуон баҕарабын»

Хайа да нэһилиэк, улуус сайдыыта, нус-хас олоҕо уопсастыбаннай көҕүлээччилэр үлэлэриттэн олус тутулуктаах. Кинилэр буолаллар, биир хамнаһа суох ис санааларыттан төрөөбүт дойдуларын туһугар үгүс сыраларын, бириэмэлэрин, күүстэрин-уохтарын анааччылар. Кинилэр буолаллар – бэйэ үтүө холобурун көрдөрөн, дьону түмэ тардааччылар, сырдык, кэскиллээх олоххо сирдээччилэр. Кинилэрэ суох хайа да ырааһырдыы субуотунньуга, араас хабааннаах тэрээһин, суолталаах быһаарыныы тахсыбата буолуо диэтэххэ оруннаах. Тапталлаах Мүрүбүт күнүн көрсө нэһилиэкпит биир бастыҥ уопсастыбаннай көҕүлээччитэ үлэ бэтэрээнэ, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Союз пенсионеров» түмсүү чилиэнэ Полина Черкашинаны кытта кэпсэттим:

– Полина Егоровна, бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһүөҥ дуо?

– Түөрт оҕо ийэтэ, аҕыс сиэн эбэтэ буолабын. “Райпотребсоюз” тэрилтэҕэ 20 сыл атыыһытынан үлэлээбитим. Ону тэҥэ «Алданская» түөлбэ салайааччытынан 13 сыл үлэлээн, билигин да ол тэтиммин ыһыктыбакка, 15-с сылын кыһамньыбын уурабын.

–Уопсастыбаннай үлэҕэ ылсыыҥ туох санааттан, түгэнтэн саҕыллыбытай?

– Кэргэним Уус Алдан бочуоттаах олохтооҕо, Саха сирин үлэтин бэтэрээнэ Гаврил Сергеевич Тыа хаһаайыстыбатыгар племобьединение начаалынньыгынан үлэлээбитэ, үтүөлээх зоотехник. Кини эдэр эрдэҕиттэн эмтээх оттору, араас үүнээйилэри сэҥээрэрэ, айылҕаны кытта эҥэрдэһэрэ, көҕөрдүү өттүгэр сыстыгас буолан, биһигини элбэххэ угуйбута, уһуйбута. Тиэргэммит иһигэр араас мастары булан-талан олордубуппут, билигин толору ситэн-сириэдийэн турара көрүөххэ кэрэ. Онон бастаан тэлгэһэбиттэн саҕалаан, түөлбэҕэ, нэһилиэккэ тиийэ тупсаҕай көстүүгэ баҕарбыт баҕабыттан буолуон сөп. Оччолорго, 15 сыл анараа өттүгэр, нэһилиэкпит баһылыгын солбуйааччыта Лена Павлова нэһилиэги көҕөрдүүгэ дьону түмэн, 15 түөлбэни, түмсүүнү төрүттээбитэ. Онтон ыла үлэлэһэбин.

–Түөлбэ салайааччытын сүрүн үлэтэ?

– Олорор түөлбэбит, нэһилиэкпит ыраас, бэрээдэктээх буолуутугар субуотунньук тэрээһинигэр дьону тардыыга уопсай да, биирдиилээн да  кэпсэтии үлэтигэр бириэмэ биэрэн, бэйэ холобурунан көрдөрүү буолар.

–Билигин дьон түмсүүтэ хайдаҕый?

– Дьон түмсүүлээх, көхтөөх буолуута нэһилиэкпит тупса сайдарыгар көдьүүстээҕэ, сайдарга элбэх кыаҕы биэрэрэ, олохпут таһымын үрдэтэрэ биллэр суол. Табатык өйдүүр, ылсыһар, үтүөҕэ, сырдыкка тардыһар дьон түмүллэллэр. Дьиэ кэргэнинэн сылдьар ыаллар бааллара махталлаах, биһирэбиллээх. Кинилэр хайа да үлэҕэ-хамнаска күүс-көмө, тирэх буолаллар.

–Нэһилиэкпит куруук ыраас буолара кимтэн, туохтан тутулуктааҕый, ол туһугар саҥа сүүрээннэри көрөҕүн дуо?

– Түөлбэбит, нэһилиэкпит ыраас буолуута хас биирдии киһиттэн тутулуктаах. Атын нэһилиэктэри, улуустары куруук билсэн, уопут ылан уонна сайдыылаах тас дойдулар да холобурдарын ылынан, дьоҥҥо киэҥник тарҕатыы үлэтэ барыан наада дии саныыбын. Хас биирдии киһи, хас биирдии Мүрү олохтооҕо бөҕү ыспат буоларга, уонна хомуйа сылдьарга үөрэниэн, өйдөбүлү ылыныан наада. Ону кытта кытаанах бөҕү быраҕар ууруналарбытын тута хомуйан истэхтэринэ, ыһыллыы тахсыа суоҕа, маныаха үлэ олоҕун булан, бэрээдэктэнэн иһэр дии саныыбын. Итиэннэ түөлбэлэр түмсүүлэрэ күүһүрэн иһиэн баҕарабын. Онно ис дууһаларыттан ылсыһар сатабыллаах салайааччылар көмөлөрө олус наада. Холобура, субуотунньукка сылын ахсын саамай элбэх кыттааччыны түмэр Радиотумул түөлбэ начаалынньыга Лариса Жиркованы бэлиэтиибин. Тыа кытыытынан, пааркаҕа тиийэ олоччу хомуллаллара улахан үлэ буолар. «Радиотумул» олохтоохторо оҕолуун-кырдьаҕастыын 50-80-ҥа тиийэ ахсааннаах, араас транспортаах тахсан, субуотунньугу киэҥ таһымнаахтык, түмсүүлээхтик ыыталлара холобур эрэ буолуох тустаах. Түөлбэ барыта итинник үлэлээтэҕинэ, олорор Мүрүбүт барахсан, куруук ыраас туруо этэ, киһи киэн туттар, холобур оҥостор нэһилиэгэ буолуохпут этэ.

Түгэнинэн туһанан олохпор элбэххэ уһуйбут, холобур оҥостор салайааччыларбар, 15 түөлбэ, түмсүү үлэтин төрүттээн, араас хайысханан көдьүүстээхтик үлэлэтэн, барыбытын түмэн холбообут Лена Павловаҕа уонна көҕөрдүү үлэтигэр угуйбут Варвара Новогодинаҕа барҕа махталбын тиэрдэбин. Нэһилиэгим сайдарын туһугар бэйэм тус кылааппын киллэрбиппиттэн, киллэрэ да сылдьарбыттан наһаа үөрэбин, дьол диэн ол буоллаҕа.

Мария АРГУНОВА.