Улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигынан соторутааҕыта анаммыт Петр Петрович Попов бу салааҕа саҥа киһи буолбатах, хара үлэтиттэн саҕалаан араас таһымҥа барытыгар үлэлээбитэ. Онон кэпсэтэн көрдөххө да, бытархайыгар тиийэ сиһилии быһаарсара ону дьэҥкэтик көрдөрөр. Бүгүн кини биһиги хаһыаппытыгар бастакы интервьютун биэрдэ:
Петр Петрович, бастатан туран, кыстык туруга хайдаҕын кэпсэтиэх. Дьэ, хайдах кыстык ааһан эрэрий?
Былырыын өҥ сайын буолан, кыстык да ол курдук бэркэ ааһан эрэр. Сүөһү да, сылга да кыстыга этэҥҥэ. Бу 2024 сылга үктэнэн баран ынах сүөһүбүт ахсаана 13,293 төбө буолла. Мантан ыанар ынаҕа – 5530. Оттон сылгы ахсаана – 12,503 төбө. Мантан биэтэ – 8807. Ынах маассабай төрөөһүнэ дьэ, саҕаланан эрэр, билиҥҥи туругунан 850 ынах төрөөтө. Кыстыгы холкутук туоратар оппут баар. Былырыын сайын 34,630 тн от оттоммута, бэриллибит былаан туолбута. Итини тэҥэ 500 тн сиилэс угуллубута.
Төһө хаһаайыстыба тыа сирин быйаҥын дэлэтэрий?
Бүгүҥҥү күҥҥэ 3 ТХПК, 2 ХЭТ, астыыр-үөллүүр, оҥорон таһаарар 6 кээпэрэтиип, ынах-сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар 9 кээпэрэтиип уонна 161 бааһынай хаһаайыстыба үлэлии-хамсыы турар. Быйыл сайын аны Бэрт Ууһугар “Туйаара” диэн астыыр-үөллүүр, оҥорон таһаарар кээпэрэтиип тэриллиэҕэ.
Үүтү, эти туттарыы былаана төһө туоннаҕа тиэрдилиннэ?
Быйыл үүккэ былааммыт 2,579 тн, ынах этигэр 25 тн, сылгы этигэр 3 тн тиэрдилиннэ. Былырыын хомойуох иһин, бу былааннар туолбатахтара. Ол курдук үүт 2,736 тн туттарыллыахтааҕын 2,615 тн буолбута. Эт 11 тн туттарыллыбыта. Туораахтаах култуураны уонна хортуоппуйу батарыынан “Мүрү-Агро” кээпэрэтиип дьарыктанар. Бурдугу батарыыга 800 тн былааннааҕын толорбута. Оттон хортуоппуйу 22 тн батаран, былаанын 12% эрэ толорбута. Билигин хортуоппуйу, оҕуруот аһын үүннэрээччилэр үүнүүлэрин бэйэлэрэ көҥүл ырыынакка атыылыыллара кинилэргэ быдан барыстаах. Ол иһин кээпэрэтиип иһинэн батарыы усулуобуйатын уларытыы кэккэ боппуруостары эрэйэр. Бурдугу ыһыынан улууспутугар үс хаһаайыстыба дьарыктанар: “Биэттэ Агро” ХЭТ, Дмитрий Илларионов бааһынай хаһаайыстыбата уонна “Саһылыкаан” ТХПК. Ыһыы уопсай иэнэ 1,226 га, мантан 281 гааҕа сэлиэһинэй, 945 гааҕа эбиэс ыһыллара былааннанар. Сүөһү эбии аһылыгар анаан уопсайа 1,448 гааҕа эбиэс, элбэх сыллаах уонна суданскай от ыһыллыахтара. Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ ыһыы сиэмэтинэн бэйэбитин толору хааччынар соҕотох улуус буолабыт.
Билигин үп-харчы кэлиитэ сүрүннээн бырагыраамаларга кыттыынан кэлэр. Онно үлэлэһии хайдаҕый?
Өрөспүүбүлүкэҕэ “Кормопроизводство” диэн бырагыраама үлэлиир. Былырыын онно үлэлэһэн өрөспүүбүлүкэ 9 мөл. 300 тыһ. солк., улуус 8 мөл. солк. укпуттара. Ол түмүгэр 32 км күрүө оҥоһуллубута, 4 саҥа тиэхиньикэ, 172 тн ыһыы сиэмэтэ атыылаһыллыбыта. Быйыл өрөспүүбүлүкэттэн 12 мөл. солк ыларга үлэлэһэбит. Ол эмиэ бүтэйдээһиҥҥэ, тиэхиньикэ, сиэмэ атыылаһыытыгар барыаҕа. Аны тыа хаһаайыстыбатыгар гаастааһыны киллэрии бырагырааматынан газгольдер ньыматын туттууну саҕалыахпыт. Быйыл “Танда” ТХПК, “Лена” ТХПК, “Найахы” ТХПК хотоннорун уонна “Туйма” оҥорон таһаарар кээпэрэтиип үлэлиир эбийиэктэрин гааһынан сылытыыга киллэриэхпит. Ол үлэлэрин ороскуотун 50%-нын тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, 50%-нын улуус уйунуохтара. Эмиэ бырагыраамалар чэрчилэринэн “Найахы” ТХПК-ҕа 100 төбө сүөһү киирэр хотоно уонна Бороҕоҥҥо комбикорм собуота тутуллуохтара.
Билигин кэтэх сүөһүлээхтэр ынахтарын төбөтүгэр харчыны, хаһаайыстыбалар үүт туттарар төлөбүрдэрин кэтэһэр буолуохтаахтар. Ити хаһан кэлиэҕэй?
Ити харчылар бу күннэргэ ааһыахтара. Кэлэр нэдиэлэ бэнидиэнньигиттэн ыанар ынахха харчы ылааччылар чуолкайданыахтара. Оттон үүт туттарааччыларга муус устар 8-9 күннэригэр харчыларын 50%-на ааһыаҕа, ыам ыйыгар өссө 30%-на түһүөҕэ. Хортуоппуй, оҕуруот аһын үүннэрэр хаһаайыстыбаларга 4 мөл. 313 тыһ. солк. бэриллиэҕэ.
Петр Петрович, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин барытын кэриэтэ тутан-хабан үлэлээн көрбүккүн билэбин. Онон туох ситэтэ суоҕун бэлиэтиигин?
Биһиги судаарыстыбабыт тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүрдээх элбэх көмөнү оҥорор. Ону биһиги өрөспүүбүлүкэ эрэ иһинэн муҥурданан хаалар эбиппит. Олору даҕаны дьиҥнээхтик туһаныахтаах дьоммутугар ситэ тиэрдибэппит. Аны биирдиилээн да хаһаайыстыбаларга федеральнай көмөлөр баалларын билбэт эбиппит. Онно үлэлэһиэххэ наада. Аны үлэлиир усулуобуйа быстар мөлтөх диэххэ сөп. Грант ылбыт хаһаайыстыбаларбыт туох да усулуобуйата суох, сууллаары турар хотоннорго үлэлииллэр, ынаҕы илиинэн ыыллар. Биһиги итини тупсарыыга үлэлэһиэхтээхпит. Саҥалыы бырайыактаах хотоннор наадалар, киһи онно киирэн чэпчэкитик үлэлиэхтээх, бэйэтигэр иллэҥ кэми ордорунуохтаах. Биир сүрүн соругунан ынаҕы искусственнай сиэмэлээһини күүһүрдүөххэ наада эбит. Оччоҕо үүт дэлэйиэ. Итини тэҥэ ыраах олорор, мөлтөх суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ саха ынаҕын тэнитиини үөрэтэн көрүөхпүт. Ханныка эрэ хайысхаҕа кииннээһин, хайа эрэ өттүгэр баҕалаахтарга кыах бэриллиитэ баар буолуохтаах.
Петр Петрович, кэпсээниҥ иһин махтанабын.
Афанасий Сектяев