Төһө да сайыммыт сатыылаан турдар, сотору эмиэ үөрэх дьыла саҕаланыа турдаҕа. Хайа баҕарар төрөппүт оҕото оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэнэн, салгыы талбыт үөрэҕэр киирэн идэ ылан олоҕун оҥостуон баҕарар. Оҕо үөрэххэ дьаныара, сырдыкка, билиигэ тардыһыыта туохтан тутулуктааҕый? Онуоха төрөппүт хайдах-туох оруолу ылыахтааҕый? Бу туһунан төрөппүт Светлана Пермякованы кытта кэпсэтиибэр ыҥырыым.
Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо Пермяковтар кыра кыыстара Света быйыл оскуоланы туйгуннук үөрэнэн түмүктээтэ. Кини 2022-2023 сыллаахха «Улуус бастыҥ үөрэнээччитэ» анал ааты ылан, Питер – Новгород – Старая Русса маршрутунан турга путевканан уонна Ил Дархан харыйатыгар сылдьыбыта, стипендиат аатын ылбыта да элбэҕи этэр. Күн бүгүн «Кэнчээри» ансаамбыл солисткатын быһыытынан Света «Азия оҕолоро» оонньуулар үөрүүлээх аһыллыытыгар кытта сылдьар.
– Светлана Николаевна, түөрт оҕоҥ бары оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрдилэр, онтон икки оҕоҥ кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ, оҕолоруҥ туһунан билиһиннэрэ түһүөҥ дуо?
– Света эдьиийдэрэ, убайа эмиэ туйгуннук үөрэммиттэрэ. Ол курдук улахан кыыспыт Марианна 2016 сыллаахха Мүрү 2-с №-дээх оскуолатын «кыһыл көмүс» мэтээлинэн бүтэрбитэ. Салгыы Дьокуускайга финансовай-экономическай колледж «Бухгалтерский учет и аудит» салаатын 2019 сыллаахха бүтэрэн, билигин ХИФУ-га история уонна обществознание учуутала буолаары үөрэнэ сылдьар. Ыал ийэтэ, икки оҕолоох.
Иккис кыыспыт Мария Мүрү 2-с №-дээх оскуолатын 2017 сыллаахха «4», «5» сыанаҕа үөрэнэн түмүктээбитэ. Р.И. Брызгалов аатынан Транспортнай техникумҥа тимир суол транспорын салайар уонна айаны тэрийэр идэҕэ үөрэнэн, билигин Аллараа Бэстээх станциятыгар идэтинэн үлэлии-хамсыы сылдьар. Биир оҕолоох.
Оттон уолбут Иван Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын 2018 сыллаахха «кыһыл көмүс» мэтээлинэн бүтэрэн, ХИФУ-га Инженернэй-техническэй институкка тутааччы идэтигэр (бакалавриат), салгыы «Землеустройство и кадастры» салааҕа (магистратура) үөрэнэн Дьокуускайга үлэлиир, кэргэннээх.
Оттон Света мэтээлгэ дьулуһан испитэ эрээри литература эксээмэнигэр аҕыйах баал тиийбэккэ хапсыбата. Хат туттаран мэтээл иһин киирсэр кыах баар этэ даҕаны, билигин киниэхэ наһаа долгутуулаах, кэлиилээх-барыылаах күннэр үүннүлэр. Онон кыыспытын харыстыыр санааттан мэтээл аата мэтээл, кылаабынайа, оскуоланы туйгуннук бүтэрдин диэн уоскутан кыыһым үөрэ-көтө ылынна. Сотору үөрэххэ туттарсыы саҕаланыаҕа, култуура эйгэтигэр туттарсар былааннаах. Оҕолорбут бүтүн Россиятааҕы, республикатааҕы, улуус таһымнаах ырыа, үҥкүү, спорт араас күрэстэригэр, араас көрүҥнээх олимпиадаларга кытталлара, ону элбэх ситиhиилэрэ мэктиэлииллэр. Онон кинилэр ситиhиилэринэн үөрэбит, киэн туттабыт.
– Төрөппүттэр туох үлэһит дьон буолаҕытый?
– Аҕабыт Петр Петрович «Алмазы Анабара» хампаанньаҕа электрослесарь идэтинэн үлэлиир. Биир үөрүүлээх сонуммут бу куннэргэ аҕабыт Миирнэй куоракка «АЛРОСА» хампаанньа сылын аайы ыытар «Лучший по профессии АЛРОСА» Россиятааҕы конкурска идэтинэн күрэхтэһэн 3-с миэстэни ылла. Мин Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатыгар поварынан үлэлээбитим.
– Оҕо үөрэххэ дьаныара, ситиһиитэ туохтан тутулуктааҕый?
– Бу ситиhиилэрэ аҥаардас оҕону кытта төрөппүт эрэ үлэтэ буолбакка, оскуоланы кытта ыкса сибээс, үлэ түмүгэ буолар. Ол курдук Вера Дмитриевна Петроваҕа, Надежда Ивановна Готовцеваҕа, Алена Алексеевна Лонгиноваҕа, Раиса Семеновна Егороваҕа, Марья Ильинична Пуховаҕа, Нарыйа Петровна Стручковаҕа, Екатерина Гаврильевна Мигалкинаҕа уонна бары үөрэппит, салайсыбыт учууталларыгар истиҥник махтанабыт. Киэҥ эйгэҕэ биллибит, аатырбыт «Кэнчээри» народнай ансаамбылга кыргыттарбыт Марианна, Светлана ырыа кэрэ эйгэтигэр дьарыктанан элбэх үрдүк ситиhиилэммиттэрэ. Онор убаастыыр учууталларыгар Василий Степанович Парниковка кэрэҕэ-үтүөҕэ иитиитигэр махталбыт муҥура суох.
– Оттон төрөппүт оруола тугуй?
– Оҕо дьоҕурун таба тайанан, сөпкө сайыннаран, салайан биэрдэххэ, олоҕу көрүүтэ, сыаналыыра чопчу атын буолар. Дьиэ кэргэҥҥэ маҥнайгы оҕо улахан оруолу оонньуур, кинини бииргэ төрөөбүттэрэ холобур оностоллор, кыаллыбат араас тугэннэргэ бары биир санаанан ылсан ситиhэргэ дьулуhаллар. Төрөппүт оҕолорун кытта элбэхтик бэсиэдэ оҥорон, күннээҕи үөрэхтэрин, дьарыктарын ырытыhан кэпсэттэҕинэ ситиhиилэрэ элбиир, бар дьоҥҥо убаастабыллаах сыhыан үөскүүр дии саныыбын. Кыра кылааска үөрэнэр кэмнэригэр кыһалыннаххына, улахан кылааска бэйэлэрэ дьаһана үөрэнэллэр. Ол эрээри, улааттылар диэн ыһыктынан кэбиспэккэ, сүбэлээн-амалаан, үөрэхтэрин интэриэһиргээн, кыратык хонтуруоллаан, салайан биэрии наада дии саныыбын. Итиэннэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ оҕо иитиитигэр эбэбит Марианна Петровна, эhэбит Петр Михайлович сүбэлэрэ-амалара төһүү күүс буолар. Аҕа саастаах дьон этэрин өйдөөн истэр, ылынар оҕо эмиэ туспа көрүүлээх буолар. Кинилэр олорбут олохторун уопутуттан холобурдаан сөптөөх иитиини биэрэллэр.
– Оҕо эбии дьарыктарга сылдьыыта үөрэххэ мэһэйдэспэт дуо?
– Оҕо иллэҥэ суох дьарыктаах буолуута сайдарын таһынан, бэйэтин көрүнэ, сөптөөхтүк бириэмэни аттара үөрэнэригэр туһалыыр. Оҕолорум хайа да хайысхалаах куруһуокка сырытталлар өйүүбүт, биһириибит, кыһаллабыт.
– Оҕолорун бары оскуоланы бүтэрдилэр, онуоха эн санааҥ хайдаҕый?
– Маннык дьолго тиксии – уhун сыралаах үлэ түмүгэ. Төрөппүт быһыытынан ытык иэспитин чиэстээхтик толоруубут бэйэтэ дьол буоллаҕа. Үтүө санаалаах киhини иитэн-чочуйан таhаарыы нус-хас олохтоох дьоллоох дьиэ кэргэн мэктиэтэ. Ханнык да кэмҥэ таптаан, сүрэхпит сылааhынан бигээн, ииппит буоллахпытына, кырдьар сааска оҕолорбут сылаас сыhыаннарын, махталларын бэлиэтин билиэхпит турдаҕа. Орто дойдуга ама онтон ордук дьол туох баар буолуой?!
Мария АРГУНОВА