”Оттук сезона” анал эпэрээссийэ саҕаланна

Оттук сезона саҕаламмытынан өрөспүүбүлүкэ  үрдүнэн “Оттук сезона” диэн анал эпэрээссийэ балаҕан ыйын 12 күнүттэн алтынньы 31 күнүгэр диэри саҕаланна. Сүрүн сыалынан-соругугунан баһаар буолар түгэнигэр  дьон уокка былдьаныыта, эмсэҕэлээһинэ суох буоларын туһугар ананар. Дьон олорор, үлэлиир социальнай объектарыгар, олоҕу хааччыйыы эйгэтигэр баһаар буолбатын туһугар анал үлэ ыытыллыыта.

Быйылгы сылга киирэн баран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 28 баһаар ититиини хааччыйар эбийиэктэргэ буолла. Ол курдук, улахан хочуолунайдарга 12 баһаар, электротрансформаторнай подстанцияларга 9 баһаар, ититии уонна уотунан хааччыйыы эбийиэктэригэр 7 баһаар таҕыста. Баһаар буолбут сүрүн биричиинэлэринэн уот оборудованиетын саахалыттан, оттуллар уонна газ оһохтон уонна дьон уоту сэрэҕэ суох туттууларыттан буолаллар.

Уус Алдан улууһун сиригэр-уотугар быйыл сыл саҕаланыаҕыттан билиҥҥи кэмҥэ диэри уопсайа 22 баһаар буолла, былырыын бу кэмҥэ 19 баһаар тахсыбыта. Баһаарга биэс тиэхиньикэ умайда, үс эмсэҕэлээтэ, биир чааһынай дьиэ олоччу умайда, биир дьиэ, икки баанньык уокка эмсэҕэлээтэ, түөрт гараж олоччу умайда, биэс гараж уокка эмсэҕэлээтэ, биир уопсай дьиэ эмсэҕэлээтэ, дьон олорбот икки уопсай дьиэтэ олоччу умайда, дьон олорор биир уопсай дьиэтигэр электрощит умайыыта тахса сырытта, доруобуйа харыстабылын эбийиэгэр биир баһаар тахса сырытта. Ону таһынан сыбаалкаҕа икки умайыы тахса сырытта.

Баһаардар буолар сүрүн биричиинэлэрэ дьиэҕэ уонна тас тутууларга:

  • оһох тутуута ирдэбилгэ эппиэттээбэтиттэн уонна оһоххо өрөмүөн ыытыллыбатыттан;
  • оһох турбатын оттук саҕаланыан иннинэ курунньугун ыраастааһын ыытыллыбатыттан;
  • оһох турбата дьиэ үрдүнэн тахсыыта ирдэбилгэ эппиэттээбэтиттэн;
  • оһоҕу оттон баран көрүүтэ суох хаалларан барыыттан;
  • хатанара суох эбэтэр бэйэ оҥоруу саба ууран кэбиһэр оһох ааныттан;
  • оһох иннигэр тимир ылтаһыҥҥа мас, бөх-сыыс  сааһылааһынтан;
  • электрическэй прибору холбоон баран умнан хаалларыыттан;
  • уот ситимэ эргэриититтэн;
  • элбэх күүстээх электрическэй прибору биир розеткаҕа холбооһунтан;
  • тиэхиньикэ уотун ситимиттэн;
  • аһаҕас уоту сэрэҕэ суох туттууттан;
  • бытовой электрическэй прибортан.

Улууспут олохтоохторо, оттук сезонун кэмигэр баһаардар буолбаттарын туһугар оттуллар оһоххо, бытовой прибордарга баһаарынай ирдэбили тутуһаргытыгар, аһаҕас уокка-күөскэ сэрэхтээхтик сыһыаннаһаргытыгар, кыра саастаах оҕону дьиэҕэ соҕотохтуу таһыттан хатаан барбаккытыгар ыҥырабыт.

Улуустааҕы баһаары утары сэрэтэр үлэ салаата

Читайте дальше