Отон кэһиилээх оҕолорго махталлаахпын

Халлааммыт барахсан бэҕэһээ киэһээҥҥи халыҥ былытын кыйдаан, бүгүн сайыҥҥылыы сылаас, күннээх күнүнэн барыбытын күндүлээтэ. Күһүҥҥү быйаҥыттан дьиэҕэ олорооччулары матарбата.

Ол курдук олохтоох оскуола оҕолоро, чуолаан 9 кылаас үөрэнээччилэрэ, күргүөмүнэн тахсан ыраас салгынынан тыынан, күһүҥҥү айылҕаҕа дуоһуйа кэпсэтэн, оонньоон-көрүлээн, отонноон элбэҕи билэн-көрөн, айылҕа кэрэтин кэрэхсээн, тэҥинэн үтүө дьыаланы оҥорон, отон кэһиилээх кэлбиттэриттэн махтанабын.

Оҕолорго ситиһиини, доруобуйаны баҕарабын. Бу курдук кэлэктиибинэн сынньаныы, үлэ доҕордоһууну кытаатыннарар, или-эйэни олохтуур.

Дьоллоох оҕо сааһы баҕарабыт. Оскуола кэлэктиибигэр эмиэ махтал, үлэҕит тахсыылаах буоллун!

Бары үчүгэйи кытта Анна Винокурова. Курбуһах нэһилиэгэ

Читайте дальше