Атырдьах ыйын 5 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн ходуһаҕа 782 звено оттуу сылдьар. Мантан 487-тэ толору механизациялаах, 277-тэ механизированнай аҥаардаах, 18-һа илии звенолара. Барыта 1902 киһи күөх быйаҥы сомсор. Бу туһунан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрэр.
Бу күннээҕи туругунан, 18597,5 гаа ходуһа охсуллубут, 14082 тн от кэбиһиллэн күрүөлэммит. Ити аата былаан 46,94% туолбут. Быйылгы кыстыкка тиэрдиллибит былаан 30 000 тн от. Былырыын атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи туругунан 17 479 тн от кэбиһиллибит эбит. Былаан 52% туолан испит (тиэрдиллибит былаан 33 478 тн этэ).
Бастыҥ көрдөрүүлээх нэһилиэктэргэ Дүпсүн былаанын (2550 тн) 87,95%, I Өспөх былаанын (920 тн) 77,66 %, Суотту былаанын (3002 тн) 65,16% толорон иһэллэр. Хаалан иһээччилэринэн Курбуһах, Бээрийэ буолаллар. Бу нэһилиэктэртэн көрдөрүү кэлбэтэҕэ ырааппыт.
Афанасий Сектяев