Улууспутугар окко турунуу от ыйын ортотуттан күргүөмнээхтик саҕаламмыта.
Ол аата ый аҥаара (15 хонук) эрэ буолла. Бу, дьиҥэр, бэрт кылгас кэм эрээри, улуус үрдүнэн окко тиэрдиллибит былаан (30 000 тн) 30 бырыһыан туолан иһэр диэн тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан биллэрэллэр. Бу – от ыйын 29 күнүнээҕи туругунан.

Билиҥҥи туругунан, улуус үрдүнэн ходуһаҕа 1999 киһи киирэн 836 звенонан оттуу сылдьаллар. Мантан 530 толору механизациялаах, 293 механизированнай аҥаардаах уонна 13 илии звенолара. Ходуһаҕа барыта араас маарка­лаах 1201 тыраахтар үлэлиир. Көстөрүн курдук, тиэхиньикэ элбээбит. Ол иһин оттооһун тэтимнээхтик ыытыллар буол­бут. Билигин 11 993,8 га ходуһа охсуллан сытар, 9 000 тн (икки нэһи­лиэк ситэ биэрбэккэ олоролор, онон барыллаан көрдөрүү) от кэбиһилиннэ. Ити эрээри, быйыл илии­нэн оттооччу элбээбит, 13 звено буолбут. Ааспыт сылга илии­нэн оттуур 2-3 эрэ звено баара.

Бастыҥ көрдөрүүлээх нэһилиэктэринэн Бэрт Ууһа уонна I Өспөх буолаллар. Ол курдук сыырдаахтар 1900 тн былааннаахтарыттан 800 тн булан олороллор. «Быйыл манна от үүнүүтэ үчүгэй, онон былааммытын толоро­бут», – диэн суот­танан олороллор. Маны тэҥэ, нэһилиэк баһылыга Илья Ильин этэринэн, отчуттар ходуһаҕа эрдэ киирбиттэр эбит. Оттон уһун күөллэр 920 тн былааннаахтарыттан 468,3 тн кэбиһэн күрүөлээбиттэр. Ити курдук ходуһаҕа үлэ күөстүү оргуйар.

Оттооһун хаамыыта куһаҕана суох эбит. Кураан күннэри баттаһа хамсаныы буолбут. Билигин оттуур тиэхиньикэлэрэ толору баар дьон күнү таба тайанан үчүгэй хаачыстыбалаах оту ылыахтарын сөп. Охсуутун кыайдаллар эрэ, мунньуутун, кэбиһиитин биир күн ыытаннар хас эмит күнү барыһыраллар. Ол эбэтэр, мунньуллубут субууттан тута рулон­наан иһэллэр.

От ыйа оттуурга бэртээхэй күннэри бэлэхтээн ааста. Куйаас, кураан, үлэ­ни да улаханнык атахтыыр ардаҕа суох күннэр турдулар. Атырдьах ыйын бастакы аҥаара да оннук күннэрдээх буолуон сөп. Ол эбэтэр уһун ардахтар үксүгэр Бастакы Ыспааһап таҥара күнүттэн (атырдьах ыйын 14 күнэ) кэлээччилэр.

Афанасий Сектяев