Оскуола — патриотическай иитии киинэ

Кэнники кэмҥэ бүтүн Россия үрдүнэн оҕону, ыччаты  патриотическай иитиигэ ураты болҕомто ууруллар.  2025 сылга диэри Российскай Федерацияҕа иитии үлэтин сайдыытын стратегията оҥоһуллубута. СӨ үөрэҕириитин уонна наукатын үлэһиттэрин 2021 сыллааҕы сүбэ мунньахтара иитэр үлэ сүрүн хайысхаларыгар уонна саҥа практикаларыгар анаммыта.

Уус Алдан улууһугар үөрэҕирии эйгэтигэр оҕону, ыччаты иитии үлэтэ кэм ирдэбилигэр, олох сайдыытыгар сөп түбэһэн, ситимнээхтик ыытыллар. 2022 сыл улууспутугар Патриотизм сылынан биллэриллэн, араас хайысхалаах үлэ ыытыллыбыта. Үөрэнээччилэргэ Аҕа дойду сэриитин туһунан кэпсиирбэр миэхэ  историческай наука кандидата  Д.Д.Петров уонна кыраайы үөрэтээччилэр  А.А. Калашников, И.М. Павлов уо.д.а. үлэлэрэ төһүү күүс буолаллар. Ол уодаһыннаах сэрии туһунан үөрэнээччилэргэ Кыайыы эрэ күнүгэр  кэпсээн, көрдөрөн ааһарбыт иитии үлэтигэр олох татым эбит, урукку курдук  сэрии бэтэрээннэрэ хас бөһүөлэк аайы баар буолбатахтар. Онон билиҥҥи оҕолор сэрии туһунан кинигэттэн, киинэттэн эрэ билэллэр. Онтон кэнники кэмҥэ аахпат буолуу, урукку киинэлэри көрдөрбөт буолуу түмүгэр, оҕолор  ол ааспыт сэрии туһунан билиилэрэ сүрдээх татым.

Аҕа дойду сэриитин тиэмэтигэр элбэх араас таһымнаах научнай, практическай конференцияларга кыттыыны ылбыт  Айталаана  Пухова үлэтэ  чинчийээччилэр сэҥээриилэрин ылбыта.  «Якутяне, воевавшие в штрафных  подразделениях  в годы ВОВ» диэн  үлэтинэн 2022 сыллаахха  Казань куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы В.И.Вернадскай ааҕыыларга лауреат үрдүк аатын ылбыта уонна икки номинацияҕа («Лучший доклад» , «Лучшая работа, представленная сельской школой”) тиксибитэ. 2022 сыллаахха Айталаана Пухова орто оскуоланы бүтэрэригэр «Якутяне в штрафных подразделениях»диэн кинигэни таһаартарбыппытын историктар уонна  кыраайы үөрэтээччилэр  тута бүтэрбиттэрэ.

Былырыын 9 кылаас үөрэнээччитэ Петя Протопопов «Гриф секретности еще не снят» диэн үлэтинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы»   конкурска 1 степеннаах дипломунан бэлиэтэммитэ. Сэттис кылаас үөрэнээччитэ Снежанна Аммосова «Братья-близнецы – участники Великой отечественной войны» диэн теманан Казань куоракка тиийэн Россиятааҕы Н.И. Лобачевскай аатынан конференцияҕа кыттан, 3-с степеннээх дипломунан бэлиэтэммитэ.

Онон, оҕолор сэрии уо.д.а. историческай тиэмэлэринэн чинчийэр үлэнэн дьарыктаналлара үчүгэй түмүктээх буоларын көрө-билэ сылдьан кыһаналлар, араас литератураны ааҕаллар, киинэлэри көрөллөр уонна бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта санаа атастаһаллар эбит.

Үөрэнээччини төрөөбүт төрүт сирин таптыырга иитии биир сүрүн хайысхатынан нэһилиэктэрин, улуустарын историятын үөрэтии, чинчийии буолар. Онно табыгастаах ньыманан туристическай походтар, экспедициялар ыытыллаллара буолар. Бэйэм үлэлиир оскуолабар сыл аайы кэриэтэ историяны, төрүт сири үөрэтэр экспедициялары тэрийэн ыытабын. Хас биирдии кыттааччыга айаммыт сыалын-соругун суруйан, араас сорудахтардаах полевой дневник толотторобун. Экспедиция кыттыылаахтара хаартыскаҕа түһэрэн, санааларын суруйан түмүк оҥостоллор. Ол курдук, 2009-2015 сылларга хомуйбут материалларбын түмэн «Курбуһах нэһилиэгин пааматынньыктара» диэн кинигэ-альбом хомуйан таһааттарбытым. Бу маннык хас да экспедицияҕа нэһилиэктэн, улуустан сэрии кыттыылаахтарын, сураҕа суох сүппүттэри, атын сиртэн сэриигэ ыҥырыллан барбыт буойуттары чуолкайдаан, Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүгэр оскуола оҕолорунан иһитиннэриилэри, видеоуруоктары оҥотторбуппут, араас конкурстарга, конференцияларга кытыннарбыппыт.

2022 сыл бэс ыйыгар оскуолабыт тэрийбит үс күннээх сатыы экспедициятыгар 9 оҕо, 2 учуутал сылдьыбыппыт. Сүрүн сорукпутунан, археологическай хаһыылар түмүктэринэн биһиги нэһилиэккэ сүөһүлээх-астаах саха дьоно 10-13 үйэлэргэ олоро сылдьыбыта дакаастанан Саха сирин үс томнаах кинигэтигэр киллэриллибитин оҕолорго билиһиннэрии буолбута. Маннык сырыыларга оҕолор төрөөбүт нэһилиэктэринэн киэн тутталлара дириҥиир, археологическай пааматынньыкка бастакынан бэлиэ хаалларбыттарын үйэлэригэр умнуохтара суоҕа.  Ону таһынан 19 үйэ аҥаарыгар тутуллубут, кириэһин кытары 7 миэтэрэ үрдүктээх, алта муннуктаах бабаарына дьиэтин сэргии көрөн, эмэҕирэн эрэрин, иҥнэри барбытын хаартыскаҕа түһэрэн, улуус түмэлин нөҥүө чөлүгэр түһэриини  туруорсуохпут диэн баҕа санаалаах экспедициябытын түмүктээбиппит.

Быйыл, 2023 сыл бэс ыйын 6-9 күннэригэр улууспут нэһилиэктэрин Үлэ геройдарын үйэтитэр сыаллаах кыраайы үөрэтэр экспедиция үлэлээбитэ. Улууспут 9 оскуолатыттан 15 оҕо уонна 3 учуутал кыттыыны ылбыта. Манна төрөппүттэр сөбүлэһэн, оҕолорун палатканан, спальнигынан хааччыйан, түөрт күн аһыыр астарын бэлэмнээн, сорохтор бэйэлэрин массыыналарынан бөһүөлэктэн бөһүөлэккэ таһан, оҕолоругар үтүө холобур буоллулар. Курбуһах нэһилиэгиттэн Үлэ геройа Н.Д. Бурнашев олорбут дьиэтигэр сылдьан, балтын ахтыытын иһиттибит. Бэрт Ууһуттан саха дьахталларыттан бастакынан Социалистическай Үлэ геройа буолбут  Е.И. Бурцева үлэлээбит сайылыгын көрдүбүт. Хоро нэһилиэгэр Үлэ Геройа Д.Г. Бурцев пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Оҕолор саамай сэҥээрбит алаастарынан Кыыс Хаҥа, сахалар киэн туттар бөҕөспүт Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыга уонна кини туһунан үһүйээннэр, номохтор буоллулар.

Онтон бүтэһик күммүтүгэр  улууспут урукку киин бөһүөлэгэр Томторго  сырыттыбыт. Манна элбэх быраҕыллыбыт тутуулар, таҥара дьиэтэ уонна хас биирдиитэ туһунан историялаах пааматынньык-тутуулар бааллар. Оҕолор улууспут 9 бөһүөлэгин, 5 нэһилиэгин сиринэн-уотунан сылдьыбыппытын уонна олортон 2 бөһүөлэк эстэн, ааттара эрэ хаалбытын бэлиэтээтилэр. Сорохтор ол тоҕо, туохтан буолбутун үөрэтиэхтэрин баҕардылар. “Эһиил  маннык тиэмэлээх экспедиция үлэлиирэ буоллар” диэн баҕа санаалаах  тарҕастыбыт.

Хас сылдьыбыт нэһилиэкпитигэр, бөһүөлэкпитигэр  оскуола салалтата, түмэл  сотрудниктара,  олохтоох дьаһалта уонна библиотекалар үлэһиттэрэ кыахтара тиийэринэн көмөлөһөллөр, пааматынньыктарын уонна нэһилиэктэрин историятыттан кэпсииллэр, көрдөрөллөр.

Оҕону кыра сааһыттан патриотическай өйгө-санааҕа, тыыҥҥа иитии  учуутал үлэтин биир сүрүн хайысхатынан буолар. Учуутал уонна төрөппүт  утумнаахтык ыытар үлэлэрин түмүгэ – Ийэ дойдутугар бэриниилээх, төрөөбүт дойдутун туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллар, дойдутун, дьонун аатын түһэн биэрбэт туһугар олорор киһи иитиллэн-такайыллан тахсыахтаах.

 

Геннадий Пестряков, И.В. Пухов аатынан Окоемовка сүрүн оскуолатын историяҕа, обществознаниеҕа учуутала