Аныгы олох балысханнык сайдар, уларыйар-тэлэрийэр. Ону кытта тэҥҥэ иитии-үөрэтии ирдэбиллэрэ учууталтан саҥалыы билиини-көрүүнү, үөрэтэр ньымалары эрэйэллэр. Ол курдук, ааспыт үөрэх сылыттан алын кылаас оҕолоругар анаан «Орлята России» хамсааһын киирэн, Бүтүн Россия үрдүнэн анал бырагырааманы тутуһан үлэ ыытыллар, сыыйа уһуйааннарга киллэрии былааннанар.
Бу бырагыраама чэрчитинэн олунньу 7 күнүгэр Лөгөй лицей-интернатын тэрийиитинэн улуус бу эҥэр сытар оскуолаларын зонатыгар ыытыллыбыт «Орлята России сомоҕолоһуулара» тэрээһин олус көхтөөхтүк буолан ааста. Күрэххэ Лөгөй, Тулуна, Уһун Күөл, Чэриктэй, Хомустаах, Өспөх, Найахы, Баатаҕай оскуолаларыттан барыта 10 хамаанданан 135 оҕо кэлэн кыттыыны ыллылар.
Бу тэрээһиҥҥэ Саха Республикатын ыччат уонна оҕо общественнай түмсүүтүн ресурснай киинин директора Геннадий Охлопков «Орлята России» бырагырааманан үлэлииргэ саҥалыы форматтаах практикаҕа туһаайыылаах дириҥ ис хоһооннох семинарга улуус советниктара, алын сүһүөх кылаас учууталлара, директоры иитээччилэрэ – барыта 55 педагог кэлэн кыттыыны ылла.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар лицей-интернат директора Михаил Пухов, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо хамсааһынын директора Геннадий Охлопков, «Бастыҥнар хамсааһыннарын» үлэтин улууска тэрийэр специалиһа Мария Винокурова эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга 2-с, 3-с кылаас үөрэнээччилэрин «Орлята России» кэккэтигэр киллэрии ыытылынна. Оҕолорго хаалтыһы баайар чиэс оскуола «Бастыҥнар хамсааһыннарын» активистарыгар сүктэрилиннэ. «Орлята России» кэккэтигэр киирбит оҕолор, улаханнык долгуйан мэктиэ тылларын эттилэр.
Бары ыалдьыттары, үөрэнээччилэри, учууталлары олунньу 17 күнүгэр Саха сиригэр Пионерия төрүттэммитэ 100 сылын туоларынан, оскуолабыт пионерскай историятын салҕааччылара – саҥа көлүөнэ «Бастыҥнар хамсааһыннарын» активистара уоттаах-төлөннөөх, барабаан ньиргиэрдээх пионерскай эҕэрдэлэрин тиэрдибиттэрэ долгутта, үөртэ.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытын кэннэ оскуолалар «Орлята России» хамаандалара бэйэни билиһиннэрии түһүмэхтэрэ бэрт сэргэхтик, интэриэһинэйдик ааста. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бу түһүмэххэ 1-кы миэстэни Баатаҕай, 2-с миэстэни Хомустаах, 3-с миэстэни Лөгөй лицей-интерната ылан үөрүүлэрэ үксээтэ.
Куонкурус иккис түһүмэҕэр сэттэ трегинэн (тиэмэ) сиэр-майгы өйдөбүллэрин, дьиэ кэргэҥҥэ, дойдуга, тулалыыр эйгэҕэ истиҥ сыһыаны иитэр, иҥэрэр суолталаах анал бырагырааманан үөрэммит үөрүйэхтэрин тургутан көрөр араас сорудахтардаах, интэриэһинэй ис хоһоонноох, бэйэлэрин саастарыгар сөп түбэһэр оонньуу технологиятынан оҥоһуллубут былаһааккаларынан анал сорудахтары толорууга бэрт тыҥааһыннаахтык, интэриэһинэйдик ыытылынна.
Илин-кэлин түһүүлээх куонкурустар түмүктэринэн 1-кы миэстэни Лөгөй лицей-интернат 4-с кылааһа (кыл. сал. Е. Карманова), 2-с миэстэни Лөгөй лицей-интернат 3-с кылааһа (кыл. сал. Н. Олесова, М. Попова), 3-с миэстэни Уһун Күөл орто оскуолатын (кыл. сал. Ю. Лыткина) хамаандалара ылан, анал кубогынан, грамотанан, сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланнылар. Кыайбыт хамаанда салгыы улууска кыттар кыаҕы ылла.
Тректэринэн ыытыллыбыт площадкаларга саамай чулуу оонньооччулар анал бириистэри туттулар:
- «Орлята – хранители истории» – Өспөхтен Сандаара Басыгысова (кыл. сал. А. Федорова);
- «Орлята-спортсмены» – Баатаҕайтан Клим Тимофеев (кыл. сал. М. Самсонова);
- «Орлята-лидеры» – Лөгөй лицей-интернаттан Дамир Прядезников (кыл. сал. Н. Олесова);
- «Орлята-эрудиты» – Уһун Күөлтэн Саюри Соловьева (кыл. сал. Ю. Лыткина);
- «Орлята-добровольцы» – Найахыттан Санита Кривошапкина (кыл. сал. С. Фомина);
- «Орлята-мастера» – Чэриктэйтэн Кыталыына Салышева (кыл. сал. А. Босикова);
- «Орлята-экологи» – Хомустаахтан Сияна Бурнашева (кыл. сал. Я. Новгородова);
«Орлята России» тэрээһин түһүмэхтэрин быыһыгар оҕолорго коллективнай дьоҕурдарын сайыннарар араас сонун, интэриэһинэй оонньуулары, куонкурустары «Бастыҥнар хамсааһыннарын» улахан кылааһын активистара кыайа-тута тэрийэннэр, оҕолор, учууталлар сэргэхсийдилэр, саҥаны биллилэр-көрдүлэр.
Семинарга сылдьыбыт учууталлар сүрүннээн орлятскай хамсааһын нөҥүө оҕону иитии уонна үөрэтии, оҕо киьи киһитэ буолан тахсарыгар олук уурар үлэтин, оҕоҕо оҕо сааһын өссө эбии сырдык, ыраас, дьоллоох оҥорор туһунан кэпсэтиилэр, практическай үлэлэр бардылар. Хас биирдии учууталга, советникка билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир үлэ араас ньымаларын үөрэтэн, бэрт элбэҕи көрөн-истэн тарҕастылар.
Ылбыт билиилэрин оскуолаларга тиийэн туһаҕа таһааран, үлэҕэ туттан олоххо бэлэмнээх, сатабыллаах, төрөөбүт дойдуга, чугас дьонноругар, төрөппүттэригэр, кырдьаҕаска-эдэргэ ытыктабыллаах гына оҕолорбутун үөрэтэн, иитэн-такайан таһаарыахтаахпыт диэн өйдөбүллээх, саҥа ньымалары баһылыырга олус сыаналаах билиилэри, үөрүйэхтэри ыллылар, үөрэннилэр. Дириҥ ис хоһоонноох семинары ыыппыт Геннадий Охлопковка семинар кыттыылаахтара махтал тылларын анаатылар.
Тэрээһин кэлбит оҕолору барыларын хабар “орлятскай круг” оҥорон «Орлята России» гимни толоруунан өрө көтөҕүллүүлээхтик түмүктэннэ. Манна мустубут алын сүһүөх кылаас оҕолоро үөрүүлээх умнуллубат түгэни үйэтитэн, хаартыскаҕа түстүлэр.
Татьяна Петухова, Лөгөй лицей-интернатын иитэр үлэҕэ дириэктэрин сүбэһитэ