Оҕоҕо айылҕаттан бэриллибит билиэн-көрүөн, тутуон-хабыан, боруобалаан көрүөн баҕатын симэлитэн кэбиспэккэ, сайдар кыаҕын көҕүлээн, бары өттүнэн сайдыылаах буоларыгар улахан киһи көмөтө улахан. Кыра оҕо сүрүн дьарыга оонньуу буолар. Оҕо оонньуу нөҥүө өйө-санаата, эт-хаана, сиэрэ-майгыта сайдар. Төрөппүт, иитээччи онно сөптөөх усулуобуйа тэрийиэхтээхпит.

Оонньуу оҕону сайыннарыыга, саҥаны билиигэ-көрүүгэ үөрэтэр. Онон оҕо өйүн сайдыытын хойутаппакка кыра сааһыттан дьарыктыыр наада. Өй сайдыыта чэпчэкиттэн саҕалаан ыарахаҥҥа этээптэринэн ситимнэнэн баран иһиэхтээх. Ити курдук араас биридимиэттэри оҕоҕо ырыттара үөрэттэххэ, кини ырытан, болҕойон көрөн, чинчийэр, ойуулуур-дьүһүннүүр, толкуйдуур, айар дьоҕура сайдар, тылын саппааһа үксүүр, айан кэпсиирэ сайдар.

Оҕону эт-хаан өттүнэн сайдарыгар эмиэ улахан болҕомто ууруотаахпыт. Араас хабааннаах оонньуулары кытта тэҥҥэ хамсаныылаах оонньуулары оонньуохтаах, сытыы-хотуу, сүүрэн-көтөн, бэйэтин кыанар буолар да соччонон өйө-санаата, толкуйдуур дьоҕура сайдар.

Оҕо оруоллаах оонньууларынан үлүһүйэн оонньуур. Оонньуу кэмигэр оҕо толору олоҕунан олорор. Кини атын киһи оруолугар киирэр. Оонньуу оҕо өйүн-санаатын эрэ буолбакка, кинини киһи быһыытынан сайыннарар, инники олоххо бэлэмниир. Ону таһынан проблемнай ситуациялары киллэрэн, оонньуу ис хоһоонун уустугурдуу оҕо ситимнээх саҥата сайдарыгар, дьон икки ардыгар сыһыаннаһыыга, бодоруһа үөрэниигэ тиэрдэр. Оҕо оонньуу нөҥүө чэпчэкитик, түргэнник ылынар, үөрэнэр, өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэр.

Онон араас хабаннаах оонньуу оруола оҕо толору сайдыылаах буоларыгар сүрдээх улахан. Биһиги уһуйааҥҥа сэбиэдиссэйбит Альбина Александровна оҕо сайдыытыгар улахан болҕомто уурар, оҕоҕо сөптөөх усулуобуйа тэрийэр, сылын аайы үлэлиир бырагыраамаҕа олоҕуран оҕо сааһын учуоттаан оонньуурдарынан хааччыйар.

Елена Окоемова, Мүрүтээҕи «Сардаана» уһуйаан иитээччитэ

Читайте дальше