«Олоҥхо дьиэтэ» этно-култуурунай кииҥҥэ суруйааччы, олоҥхоһут Дмитрий Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылыгар аналлаах «Олоҥхону толорууга утумнаахтык» диэн оҕолор ортолоругар олоҥхону толорууга улуустааҕы күөн-күрэс буолла. Манна барыта сэттэ бөлөх уонна 15 биирдиилээн толорооччу кытынна.
Оҕолор оллооннон олорон төрөөбүт тылларынан сайа этэн-тыынан, ыллаан-туойан, саха норуотун фольклорун, тылын-өһүн баайын бүтүннүү илдьэ сылдьар баараҕай айымнньыбытын толорон, улууска олоҥхоһут оҕолордоох буоларбытын чаҕылхайдык туоһулаатылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Сивцева, суруйааччы Галина Иванова – Айтыына, үөрэх салалтатын исписэлииһэ Ефросинья Слепцова үлэлээтилэр. Түмүккэ, муҥутуур кыайыылаахтары эттэххэ, бөлөҕүнэн толорууга кыра саастаахтарга Уһун Күөлтэн «Сир симэхтэрэ» (сал. Сахаяна Иванова), орто бөлөххө Тулуна «Сайдыы» бөлөҕө (сал. Ирина Охлопкова), улахан бөлөххө Тулуна «Түһүлгэ» (сал. Татьяна Дегтярева) бастакы миэстэни ыллылар.
Биирдиилээн толорууга кыра сүһүөххэ Кэптэниттэн Сардаана Копырина (сал. Матрена Сысолятина), орто сүһүөххэ Тулунаттан Айаал Васильев (сал. Татьяна Дегтярева), улахан сүһүөххэ Кэптэниттэн Янис Сысолятин (сал. Зинаида Лугинова) бастакы миэстэни ситистилэр. Оттон бүһүҥҥү күрэс чыпчаал кыайыылааҕынан Тулуна оскуолатын үөрэнээччитэ Кэскилээнэ Троева (сал. Татьяна Дегтярева) ааттанан Олоҥхоһут Миитэрэй удьуордара туруорбут бириистэринэн – 10 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланна. Итиэннэ олоҥхо дьоруойдарын ырыаларын-тойуктарын тута хоһуйуу түһүмэҕэр Кэскилээнэ эмиэ бастакы миэстэни ситистэ.
Бүгүҥҥү күрэскэ эмиэ биир чаҕылхай кыттааччы, бэйэтин бөлөҕөр чаҕылхай аат III үрдэлинэн бэлиэтэммит Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 5-с «б» кылааһын үөрэнээччитэ Юля Соловьева тэҥ саастыылаахтарын олоҥхоҕо ыҥыран маннык эттэ:
– Мин Бороҕоннооҕу оҕо ускуустубатын оскуолатыгар, фольклорга үөрэнээччитэ буолабын. Салайааччым – Лилия Сергеевна Слевцова. «Атастаан Баатыр» олоҥхону толордум. Олоҥхоҕо тапталы Түүлээх оҕо тэрилтэтигэр сылдьан «Ньургун Боотур» олоҥхоҕо кыттыахпыттан саҕаламмыта.
Олоҥхолуурбун олус сөбүлүүбүн, өбүгэм култууратын илдьэ сылдьарбынан киэн туттабын. Олоҥхоҕо аҥаардас дьоруойдары үтүктэн турукка киирэн уобарастары арыйыы наһаа интэриэһинэй. Улааттахпына култуура өттүгэр үөрэххэ туттарсыам, олоҥхобун куруук тута сылдьыам.
Мария Аргунова