Олохтоох урбааҥҥа бастакылартан биирдэстэрэ

Балаҕан ыйын 21 күнэ өрөспүүбүлүкэҕэ Урбаанньыт күнэ. Улууспутугар биир олохтоохтук тэринэн үлэлиир, сүһүөҕэр турбут тэрилтэлээх урбаанньытынан Гав­риил Шелковников буолар. Кини 2000 сылларга улууспутугар өҥөнү оҥоруу, тэрийии саҥа атаҕар туран эрэр кэмигэр хааччыйыы эйгэтигэр биир бастакынан үлэтин саҕалаабыт предприниматель буолар. Онтон ыла 20-чэ сыл устата сынньанары билбэккэ, сылтан сыл кэҥээн, улуус дьонугар үгүс үлэ миэстэтин таһааран, меценат быһыытынан успуорду, ол иһигэр оҕо успуордун, култуурунай тэрээһиннэр ыытыллалларын өйөөн, ону сэргэ Мүрү нэһилиэгиттэн улуус Мунньаҕын дьокутаатынан үһүс төгүлүн талыллан, таһаарыылаах үлэ үөһүгэр сылдьар.

Гавриил идэтинэн ­зооинженер, уларытыылаах 90-с сылларга үөрэҕин бүтэрэн, Дьокуускайга хлебнай инспекцияҕа, онтон Бороҕоҥҥо кэлэн “Алаас” потребобщес­твоҕа уонча сыл үлэ­лээн баран, 2005 сыллартан бэйэтин дьыалатын саҕалыыр. Бу иннигэр үлэлээбит уопутугар тирэҕирэн, Мындааба бэкээринэтин арендалаһан, бастаан үс үлэһиттээх арыллаллар.

– Оччолорго потребобщес­тво бэрэссэдээтэлинэн Иван Иванович Слепцов үлэлиирэ, кини ыҥыран дириэктэри солбуйааччынан дойдубар тахсыбытым. Манна атыы-эргиэн, хааччыйар эйгэ үлэтин билсэн барбытым. Ыһыллыы кэмэ буолан, тэрилтэбит сотору кэми­нэн тохтоон, үлэ көрдүүр кы­һал­ҕата тирээбитэ. Ол иһин бэйэм үөрэммит, билбит дьыалабынан туспа барарга санаммытым, билигин кэлэн сыыспатах эбиппин дии саныыбын, – диир Гавриил Шелковников.

Ол сылларга Мүрү алаас иһинээҕи нэһилиэктэр, Уһун Күөл, Сыырдаах, Арыы­лаах, Бэйдиҥэ, Матта, Балык­таах, Төҥүлү бөһүөлэктэрин маҕаһыыннарыгар бородууксуйатын тиэрдэр. Үс сылынан уһаайбатын иһигэр бэкээринэ дьиэтин туттан, оборудованиетын саҥардан өссө тэтимнээхтик үлэлиир. Бу 20-чэ сыл иһигэр Бороҕоҥҥо атыы-эргиэн кииннэрин тутан, остолобуойу үлэлэтэн, улууска биир улахан, тэрээһиннээх үлэлээх урбаанньыт буолла. Киниэхэ кэргэнэ Туйаара Васильевна күүс-көмө буолар, улахан кыыс Күннэй быраас идэлээх, кэргэннээх, үс оҕолоох, кыра кыыс Алина ус­тудьуон.

Гавриил Гаврильевич атыыһыт киһи бэйэтэ эмиэ туспа дьыл­ҕалаах, ара­ҥач­чылаах буолар диэн өрүү этэр. Кырыымчык кэмнэр үөскээри гыннахтарына, эрдэттэн хаһаастарын элбэтэр эбэтэр ханнык табаарга успуруос үөскүөҕүн эмиэ эрдэтинэ билэн, кууһунан ылан ууру­нар атыыһыттар былыр да­ҕаны улахан охсууну ылбак­ка, олох ханнык баҕарар ула­рыйыытыгар атахтарыгар туран хаалар дьоҕурдаах­тар эбит. Ол курдук Гав­риил Гаврильевич бу сылларга хамсык ыарыытыгар, анал байыан­най дьайыылар кэм­нэригэр, сыана хаста да төх­түрүйэн ыарааһыныгар ба­рытыгар биир тэҥник, үлэ­тин ханан эмэ мөлтөппөккө тутан иһэрэ кини ула­хан уопуттаах, кыахтаах са­лайааччы, үлэтин баһылаабыт үчүгэй хаһаа­йын буоларын көрдөрөр. Ону кинини кытары бииргэ үлэлии сылдьар кэллиэгэлэрэ, атыы-эргиэн киинин үлэһиттэрэ, түөлбэтин, дойдутун дьоно-сэргэтэ да туоһулууллар.

Татьяна Эркинова, урбаанньыт:

– 1998 сыл сайыныгар Борҕоннооҕу РЭС тэрилтэҕэ “Энергосбыт” диэн отдел арыллыаҕыттан Гавриил Гаврильевич Шелковниковы билэбин. Аан бастаан спортсмен быһыытынан билэр, истэр этим. Атах оонньуутугар элбэхтик миэс­тэлэһэрин хаһыаттан ааҕарым. 2000 с оройуоммутугар предпринимателлэр араас хайысханан үлэлэрин саҕалаабыттара. Гавриил Гаврильевич Дьокуус­кайдааҕы хлебопекарняҕа үлэлээбит диэн истэрим, бэкээринэ уустук үлэтин барытын билэр буолан, быһыыта, Мындаабаҕа ороскуокка бара турар бэкээринэни чааһынайыгар ылан үлэлэппитэ. Үлэтинэн элбэхтик Энергосбыкка сылдьар этэ. Менеджер идэлээх буолан, бэкээринэни ылаат, мощноһын сөпкө туһанан Бороҕону килиэбинэн толору хааччыйбыта.
Кэлин бэкээринэтин Бороҕоҥҥо кө­һөрөн, остолобуойу үлэлэтэн дьон махталын ылан, бастакы улахан «Туйгун+» маҕаһыыны аспыта. Бороҕон олохтоох­торо сөбүлээн сылдьар, атыылаһар маҕаһыыннара буолбута.
Гав­риил Гаврильевич икки атыы кии­нигэр тиийэ тутан, үлэҕэ киллэрэн, элбэх үлэ миэстэтин таһааран үлэлии-­хамсыы сылдьар. Мин кинини сатабыллаах салайааччы, холку ­майгылаах диэн билэбин, дьон тылын-өһүн ыксаа­бакка истэрэ үрдүк културалаах киһи буоларын көрдөрөр дии саныыбын. Ол иһин ылсыбыт үлэтэ барыта табыллар. Инникитин саҥа былааннара хайаан даҕаны баар буолуохтаахтар. Ол былааннара олоххо киирэллэригэр баҕарабын.

Людмила Дьячковская, “Ситим” түөлбэ олохтооҕо:

– Гавриил Гаврильевич Шелковников – “Ситим” түөлбэ олохтооҕо, улуус депутаата, дэгиттэр талаан­наах, бастыҥ спортсмен. Түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар күрэхтэһии­лэргэ национальнай ыстаныыларга, хапсаҕайга, чэпчэки атлетикаҕа өрүү бастыыр биир актыыбынай олохтоох­пут буолар. Эриэккэс куоластаах ырыаһыт, художественнай самодеятельность эмиэ биир актыыбынай кыттыылааҕа буолар.
Кини түөлбэ олоҕор өрүү кыһаллар, субуотунньуктарга тиэхиньикэнэн көмөлөһөн, бөҕү тиэйиигэ, ыраастаа­һыҥҥа мэлдьи сылдьар, кыттар, ону таһынан спонсордаан көмөлөһөн, бары тэрээһиннэрбитигэр төһүү буолар.
Гавриил Гаврильевич чиэһинэй, судургу, үрдүк култууралаах, үтүө санаалаах, көнө майгылаах үлэһит киһи. Киниэхэ бу курдук ситиһиилээх үлэтигэр тэтимин ыһыктыбакка, айымньылаахтык, таһаарыылаахтык, иннин диэки дьулуурдаахтык баран, өрүү үүнэ-сайда турарыгар баҕарабын.

Екатерина Захарова

Читайте дальше