Олоххо сырдыгы саҕар кэрэ киһи

Дүпсүн нэһилиэгиттэн төрүттээх Нина Соловьева Өнөр нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн Лукачевскайдар иккис уолларыгар Иннокентий Лукачевскайга кэргэн тахсан, эйэ дэмнээхтик нэһилиэккэ ытыктанар ыал аатын сүгэн олорбуттара номнуо 42-с сылыгар барда. Мааны кийиит, Далбар Хотун Нина Егоровна Лукачевская түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, 13 сиэн амарах эбэтэ. Быйыл 66 сааһын томточчу туолбут үлэ бэтэрээнэ «Тугут­чаан » оҕо уһуйааныгар 22 сыл, иитээччи идэтигэр 30 сыл бэриниилээхтик үлэлээбит. Олоххо көхтөөх киһи быһыытынан бэтэрээн сэбиэтин чилиэнэ, «Иэйии» ансаамбыл солистката, активистката.

Кини төрөппүттэрэ Дүпсүн нэһилиэгин олохтоохторо. Аҕата Егор Соловьев сүрдээх үлэһит, күүстээх-уохтаах киһи оччо­тооҕу кэмҥэ «Октябрь» сопхуос­ка кыладыапсыгынан үлэлээбитэ. Ыһыахха атаҕынан быһый буолан, сүүрэн кимиэхэ да иннин биэрбэтэҕэ, ат сүүрдэн куруук кыайыылаах аатын сүгэрэ. Ийэтэ Ольга Соловьева фермаҕа үүт тутааччынан үлэлээбитэ, тарбахха баттанар талааннаах иистэнньэҥ быһыытынан биллэрэ. Нина кыыс Дүпсүҥҥэ 1957 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр Соловьевтарга ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Саамай кыралара буолан төрөппүттэрэ, икки игирэ убайа, эдьиийдэрэ таптаан, маа­нылаан ииппиттэрэ. Нинка кыра сылдьан ордук киниттэн үс сыл аҕа эдьиийин Ольганы кытта бодоруһан улаап­пыта. ­

Ийэлэрэ Ольгаҕа уонна Нинкаҕа ыһыахха саҥа ырбаахы тигэн кэтэртэҕинэ онно наһаа  үөрэл­лэрэ, ыһыах буоларын сыл аайы кэтэһэр буолбуттарын олус күндүтүк саныыр. Дүпсүн орто оскуо­латыгар сытыы-хотуу, саҥарбыт-иҥэрбит кыыс­чаан маҥнайгы кылаас­ка оҕолору кытта түргэнник уопсай тылы булбута. Маҥнайгы учууталын Екатерина Максимова уруо­гар кыһаллан үөрэнэ сатыыра. Ос­куолаҕа оччолорго пионерскай үлэ олус көдьүүстээхтик буо­лара, пионербаһаатайа Анна Ушницкая сбордары бэрт сэргэхтик тэрийэн ыытара. Нинка кылаа­һыгар саамай актыыбы­найдара, туохтан да толлон турбакка  тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара. Спартакиадаларга сүүрэрэ, сценаҕа кыра саа­һыттан ыллыыр буолбута, ырыа уруогун көтүппэккэ дьарыктанара. Дүпсүн орто оскуолатын сити­һии­лээхтик бүтэрэн, оҕо эрдэҕиттэн иитиэхтии сылдьыбыт баҕатын толорон, эдьиий­дэрин холобурдарынан 1974 сыллаахха Дьокуускай куоракка «сиэстэрэ иитээччи» үөрэҕэр туттарсан киирбитэ.

1976 сыллаахха үөрэҕин бүтэрээт, бастаан үлэтин Чурапчы улууһуттан саҕалаабыта. Онно Сылаҥ бөһүөлэгэр эдьии­йэ Анна Друзьянова сэбиэ­диссэйинэн үлэлиир кэмигэр миэстэ көстөн иитээччи идэтинэн икки сыл үлэ­лиир. Эдэркээн кыыс аҕа саастаах кэл­лиэгэлэрин, эдьиийин сүбэтин ылынан үлэ үөһүгэр түспүтэ. Салгыы дойдутугар 1982 сыл­лаахха кэлэн биир сыл оҕо саадыгар үлэлиир, ол үлэлии сылдьан дьылҕата таайан, Өнөр уолугар Иннокентий дойдутугар сүктэн кэлбитэ. Үчүгэйдик олордоххо сыл-хонук биллибэккэ ааһар диил­лэр. Эдэр ыал эмдэй-сэмдэй түөрт оҕону төрөтөллөр. Аҕа баһылык Иннокентий Лукачевскай дойдутугар электрик идэтинэн 30 сыл үлэлээн, би­лигин бочуот­таах сынньалаҥҥа олорор. Төрөппүт оҕолорун бэйэлэрин холобурдарынан ииппиттэрэ, атахтарыгар туруорбуттара, 13 сиэн үөрүүтүн билэллэр.

Улахан кыыс­тара Инна үс оҕо ийэтэ, «Тус­кул» сынньалаҥ киинин үлэ­һитэ, кэргэнэ Ва­дим Бочкарев Дүпсүнтэн төрүттээх. Филипп «Алмазы Анабара» проходчигынан үлэлиир, кэргэнэ Ксенья ХИФУ психология салаатыгар үөрэнэр, түөрт оҕолоохтор. Мирослав Ньурбаҕа олорор үс оҕо аҕата, кэргэнэ Роза урбаанньыт. Кыра уол, Александр Өнөргө олорор үс оҕо аҕата, кэргэнэ Мария Өнөрдөөҕү «Тускул» СК худ­ругунан үлэлиир, эдэр ыал ИП  тэринэн үлэлии сылдьаллар.

Нина Егоровна Өнөргө кэлээт даҕаны идэтинэн «Тугутчаан» оҕо тэрилтэтигэр үлэлии киирэр. Эдэр кыыс үлэ ыарахаттарыгар буһан-хатан, наар сүбэ-ама биэрэр уһуннук үлэлээбит кэллиэгэлэрэ,  настаабынньыктара Мария Бурнашева, Мария Алексеева үлэтигэр төһүү күүс буол­буттара. Үлэтигэр элэккэй майгытынан убаастанар, олус үчүгэй кэлэктиипкэ түбэһэн үлэ­лээбит сылларын истиҥник ахтар, махтанар. Бииргэ үлэлэспит Далбар Хотуттар Галина Румянцева, Татьяна Иванова, Зоя Борисова, Августина Протопопова, Светлана Лыткина, Варвара Иванова уонна көмөлөһөөччү иитээччилэр Мария Ушницкая, Матрена Лукачевская, Алевтина Лукачевская, Ирина Лыткина, о.д.а. ­буолаллар.

Нина Лукачевская Өнөргө кэлиэ­ҕиттэн нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор саамай актыыбынай кыттааччы быһыытынан биллэр. Ол курдук 16 сыл бэтэрээн сэбиэтигэр үлэлээн кэллэ, ырыа куттаах талаан­наах ырыаһыт, үҥкүүһүт, «Иэйии » ырыа ансаамбылын салайааччыта, солистката. Таһаарыылаах үлэтин иһин «Уус Алдан улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин «, «Уус Алдан улууһун култууратын сайыннарыыга кылаа­тын иһин” уонна «СӨ оскуола иннинээҕи үөрэҕириитигэр кылаатын иһин” анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. 2021 сыл түмүгүнэн  «Уҕараабат талаан «, “Өнөр нэһилиэгин култууратыгар айар көҕүлээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыытын иһин”, «Сыл бастыҥ лау­реата», «Туйгун уопсастыбанньык » диэн  анал ааттаах. Ити курдук түөрт оҕо, 13 сиэн тапталлаах эбэтэ, бэртээхэй дьаһаллаах хаһаайка сайын сир аһынан барыанньа оҥорон, оҕу­руот үүннэрэн сиэннэрин күндүлүүр, кинилэр үөрүүлэрин үллэстэн олорон саҥа олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр.

Варвара Парникова – Үүйэ, уопсас. кэрэсп. Өнөр

Читайте дальше