Окоемовкалар Николай Окоемов сырдык аатыгар сүгүрүйдүлэр

Бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Курбуһах нэһилиэгэр Судаарыстыбаннас күнүнэн саха норуотун чулуу уола, судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай диэйэтэл Николай Николаевич Окоемов пааматынньыгар сибэккини ууруу сиэрэ-туома ыытылынна. Кини Саха өрөспүүбүлүкэтэ автономнай буоларыга, судаарыстыбаннай статус ыларыгар үлэлэспит Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов соратниктара этэ. 

Тэрээһиҥҥэ Окоемовка бөһүөлэгин олохтоохторо, оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Любовь Местникова тыл этэригэр Николай Окоемов дьылҕата Саха сирин сайдыытын устуоруйатын кытта ыкса сибээстээх, норуотун олоҕо тупсарыгар киллэрбит кылаатын сыаната муҥура суох диэтэ. Николай Бурнашев биир үйэ анараа өттүгэр автономияны турууласпыт саха ыччатын дьылҕата уустугун, үгүстэрин курдук репрессия ыар тыынын билбит биир дойдулаахпыт Николай Окоемов үлэтинэн билиҥҥи ыччат киэн туттуохтааҕын, кини аатын сүгэр бөһүөлэккэ олорорбутунан киэн туттуохтаахпытын бэлиэтээтэ.

Бүгүн республика үрдүнэн автономияны, судаарыстыбаннаһы турууласпыт саха чулуу уолаттарыгар анаан үөрүүлээх миитиннэр буоллулар. Саха сирин бастакы президенэ М.Е. Николаев туруорсан уонна олоххо киллэрсэн республикабыт дьоно-сэргэтэ туруктаах сайдыылаах уонна инникигэ кэскиллээх буолалларыгар олук уурбута. Улуу убайдар мөссүөннэригэр сибэкки дьөрбөтүн ууруу – кинилэр норуоттарын туһугар үлэлээбит, инникини өтө көрбүт, кэскилбитин түстээбит дьоммутугар сүгүрүйүү бэлиэтэ.

Геннадий Пестряков, учуутал. Окоемовка